«Анкетолог» ыыппыт ыйытыгын түмүгүнэн, дойдубут олохтоохторун 51 %-на тэйиччиттэн үлэҕэ көһө сылдьыбыт. Ыйытыллыбыт нэһилиэнньэ 13 эрэ бырыһыана “бу бэртээхэй” диир эбит. Улахан аҥаара (80%) ыраахтан үлэни “үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах” диэн бэлиэтээбит. Оттон 7%-на отой даҕаны утарбыт.
Дьиэттэн олорон үлэлиир туох үчүгэйдээҕин маннык быһаарбыттар: 71%-нара “офиска барарга-кэлэргэ бириэмэҕин бараабаккын уонна бырайыаска харчыгын экэниэмийэлиигин” диэбит. 57% киһи хонтуруола суох бэйэ дьаалытынан үлэлиир ордук көдьүүстээҕин бэлиэтээбит. 55%-нара Интэриниэт баар сиригэр хантан баҕарар үлэлиэххэ сөбүн биһирээбит. Оттон 52%-нара комфорт баар буолбутун астыммыттар.
Оттон сөбүлээбэт сүрүн төрүөттэрэ -- араас аралдьытар фактор элбэҕэ. Холобура, дьиэ кыыллара, тус олох кыһалҕатын быһаарар түбүк үлэни кытта тэбис-тэҥҥэ анньыһа сылдьара (46%), офис тиэхиньикэтэ дьиэҕэ суоҕа (39%), кэллиэгэлэри кытта сэлэһии тиийбэтэ (34%), үлэ күнэ нуормата суоҕа (32%), эрэсиим кэһиллиитэ (31%).
Үлэ көдьүүһэ ыраахтан үлэҕэ көһүүттэн түспүтүн биэс гыммыт биирэ бэлиэтиир (21%). Улахан аҥаара онтон туох да уларыйбатаҕын, оннунан хаалбытын ыйар (55%), сорохтор төттөрүтүн өрө тахсыы тахсыбытын бэлиэтииллэр (24%.)
Манна даҕатан эттэххэ, «Анкетолог» бу ыйытыгар 1600 киһи кыттыбыт. Бары 18-тарыттан үөһэ саастаахтар, бэйэлэрэ биисинэстээхтэр эбэтэр наймылаһан үлэлииллэр.
Оттон эн, күндү ааҕааччыбыт, үлэҥ урукку халыыбыгар киирбиккиттэн үөрэҕин дуу, биитэр хомойо сылдьаҕын дуу? Бу боппуруоһу дьонтон ыйыттыбыт.
Кристина Слепцова, Абый улууһун бибилэтиэкэлэрин кииннэммит ситимин дириэктэрэ:
--Биһиги тэрилтэбит икки сыл устата ыраахтан олорон үлэлээтэ. Ол эрээри үлэ онтон харгыстаммата уонна биир да күн тохтооботоҕо.
Хата, үлэбитигэр араас сонун ньымалар күүскэ киирдилэр. Инстаграмынан, бассаапынан биктэриинэлэри, кинигэни билиһиннэриини, онноооҕр сэминээрдэри кытары ыытар буоллубут. Маныаха дьону хабыы улааппыт да курдук.
Пандемия кэмигэр саҥа бырайыактары толкуйдаан үлэлэттибит. Ол курдук, “Абый улууһун үлэһит династиялара”, “Бастыҥ устудьуон”, о.д.а. Бу барыта улууспут историятын үөрэтэргэ туһуланна.
Кэтэхтэн үлэни туһанан, бибилэтиэкэлэрбитигэр өрөмүөн оҥордубут, дьиэбит ис өттүн тупсардыбыт. Кинигэни, хаһыаты дьиэҕэ тиэрдэр буоллубут. Илдьэн биэрэбит, онтон кэмэ кэллэҕинэ, төттөрү хомуйабыт. Оннук гынан, хата, кинигэ, хаһыат умнуллан хаалыыта, сүтүүтэ суох буолла.
Мунньахтар барыта ZOOM нөҥүө, кэпсэтии социальнай ситимнэринэн барара. Кырдьык, бастаан утаа дьону кытары алтыһыы лаппа аччаабыта дьикти курдук этэ. Билигин бибилэтиэкэлэр аһылланнар, дьон тоҕуоруһар. Урукку графикка киирдибит. Ол эрээри ыраахтан үлэни тохтоппоппут. Тэҥинэн ити көрүҥү алтыһыннарабыт. Социальнай ситимнэрбит барыта үлэлииллэр.
Александра Заровняева, типография үлэһитэ:
- Пандемия биһиги үлэбитигэр кэккэ уларытыылары киллэрдэ. Нэһилиэнньэттэн сакаас суох буола сырытта. Холобур, үбүлүөйдэргэ, бырааһынньыктарга ыҥырыы суруктар отой тохтуу сырыттылар. Ол хааччахтааһын миэрэлэриттэн сылтаан. Дьон хаартыскаҕа түһэ да кэлэригэр, урукку курдук мээнэ кэпсэппэккэ, ыксалынан түһэн барар этэ. Ону даҕаны барыта докумуоҥҥа эрэ анаан. Хата, олох сабыллан хаалбатахпыт. Дьиэҕэ олорон, дьон кинигэ суруйар буолбут. Ол эрээри онлайн көрүҥ сайдан, ыраахтан олорон, киин куораттарга сакаастыыллар. Дьиҥэр, билиҥҥи Интэриниэт үйэтигэр “удаленка” диэн үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Хааччахтааһыннар харгыстары оҥороллор.
Күннэй Максимова, куорат уһуйаанын баспытаатала:
-Биһиэхэ хайдах да тэйиччиттэн үлэ көрүҥэ табыллыбат. Оннооҕор пандемияҕа үлэлээбиппит. Арай биирдиилээн бөлөҕүнэн иккилии нэдиэлэҕэ тохтуур этилэрэ. Дьон бэйэтэ куттанан, оҕолорун аҕалбат буола сылдьыбыта. Ол ордук бу кыһын омикрон штамма кэлбитигэр. Иитээччилэр, көмөлөһөөччүлэр, үлэһиттэн күн ахсын тест туттарар этибит. Мааска, бэрчээкки ирдэнэрэ. Маны тэҥэ группаны сууйуу-сотуу, кыратык даҕаны ыалдьыбыт оҕону дьиэтигэр төттөрү ыытыы баара. Билигин даҕаны ол быраабылалары тутуһабыт. Уһуйааҥҥа рецеркулятордар тураллар, олор салгыны ыраастыыллар. Билигин балаһыанньа арыый оннугар түстэ. Оҕолор кэлиилэрэ элбээтэ. Биир үксүн төрөппүттэр ыраахтан үлэттэн тахсыбыттарыттан буолуон сөп.
Айыына Кононова, устудьуон:
- Икки сыл устата онлайн киэбинэн үөрэнэн баран, дьэ, үөрэхпитигэр таҕыстыбыт. Олус ахтыспыт эбиппит. Көрсөн кэпсэппэтэхпит ырааппыт. Онлайн үөрэнэргэ уустуктар бааллара. Холобур, дьиэтээҕи үлэни оҥорорго кими даҕаны кытары сүбэлэспэккин. Барыта бэйэҥ өйгүнэн (күлэр). Лиэксийэлэр ZOOM нөҥүө бараллара. Син биир сарсыарда аҕыстан үөрэх чааһа саҕаланара.
Учууталларга, хата, ыарахана буолуо. Дьиэтээҕи үлэни ардыгар хаартыскаҕа түһэрэн ыытарбыт. Ону барытын арыйан бэрэбиэркэлиир уустук буолуо дии саныыбын.
Оҕолор бэйэлэрин улуустарыгар олорон үөрэннилэр. Биир өттүнэн төрөппүттэрин аттыларыгар сылдьаллара үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Таҥаска, киэргэнэргэ, күүлэйдииргэ, бырайыаска, аһылыкка ороскуотурбаккын. Ол оннугар Интэриниэт төлөбүрэ улааппыта. Литератураны барытын онтон булан үөрэтэрбит. Кэнникинэн бибилэтиэкэҕэ сылдьары кытта ахтыбыппыт. Үлэҕэ, баҕар, “удаленка” табыгастааҕа буолуо, оттон үөрэххэ барсыбат эбит, толору билиини ылбаккын.
Константин Новиков, хочуолунай оператора:
- Биһиэхэ ыраахтан үлэ диэн суох буоллаҕа дии. Оһох булгуччу оттулуохтаах, график тутуһуллуохтаах. Арай, үчүгэйэ диэн, хонтуораҕа мунньахтар буолбат буолбуттара. Маастар эрэ сылдьара, ону да үксүн онлайн ыытыллара. Бырааһынньыктарга бэрэбиэркэ күүһүрэрин курдук күүһүрэрэ. Араас буолуон сөп, ол иһин өрүү бэлэм сылдьабыт.
Ньургуйаана Шкулева, алын кылаас учуутала:
-Оҕолор бырагырааматтан хаалыылара баар. Билигин көтүппүттэрин ситиһэ сатыыллар. Дэриэбинэбитигэр Интэриниэт мөлтөх. Ол иһин ZOOM эҥин биһиэхэ аанньа үлэлээбэтэ. Онон сорудахтарын дьиэҕэ үксүн биэрэрбит. Ону бэрэбиэркэҕэ төрөппүттэрэ аҕалаллара-илдьэллэрэ. Уруоктары видеоҕа устан ыытарбыт эрээри, сорохторго сатаан онтукабыт аһыллыбата.
Икки сыл диэн алын кылаастарга уһун болдьох. Саамай акылааттара ууруллар кэмэ буоллаҕа дии. Ону бу хааччах үөрэх хаачыстыбатыгар оҕуста. Онон мин учуутал быһыытынан ыраахтан үлэни, үөрэҕи өйөөбөппүн.
***
Кырдьык, үлэ-үлэ араас ирдэбиллээх. Ол эрээри үлэни тэрийии уруккутугар аны хаһан да төннүбэт. Сорох тэрилтэлэр букатыннаахтык тэйиччиттэн үлэлииргэ көстүлэр.
Дьэ, онон бириэмэни кытта барыта син биир уларыйан иһэригэр сөпсөһүөх тустаахпыт. Кылаабынайа, хайата табыгастааҕын уонна көдьүүстээҕин көрөн, үлэни тэрийэр ордук.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0