Роспотребнадзор баһылыга Анна Попова дойду 78 эрэгийиэнигэр ковидынан ыалдьыы үрдээбитин туһунан иһитиннэрдэ. Ааспыт нэдиэлэҕэ дойду үрдүнэн саамай муҥутуур ыалдьыбыт дьон ахсаана сурукка киирбитинэн 274 тыһ. киһи буолла. 31 эрэгийиэҥҥэ дойду үрдүнэн ыалдьыбыт дьон ахсаана орто көрдөрүүнү куоһарда, онтон 12 эрэгийиэҥҥэ ортотунан 15 %-нан үрдүгэ бэлиэтэннэ. «Бу Самарскай, Ульяновскай, Новгородскай, Брянскай, Смоленскай, Мурманскай, Калининградскай уонна Орловскай уобаластарга, Хакасия уонна Коми өрөспүүбүлүкэлэригэр, Хабаровскай уонна Забайкальскай кыраайдарга», – диэн Анна Попова испииһэги аахта.
Маны сэргэ кылаабынай санитарнай быраас 7-тэн 18-гар диэри саастаах ыалдьыбыт оҕолор ахсааннара аҕыйаабытын кэпсээтэ. Оттон саҥа ыарыыга ылларбыт дьон үрдүк көрдөрүүлэрэ 65-тэн үөһэ аҕам саастаах дьоҥҥо тигистэ.
Сэтинньи 4 күнүнээҕи дааннайынан, сууккаҕа Арассыыйа үрдүнэн 40 217 киһи коронавирус ыарыытыгар сутулунна, 1 195 киһи COVID-19 ыарыыттан өллө.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0