Светлана Давыдова бу сокуон өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин доруобуйатын харыстабылын үлэтин тэрийиигэ сүрүн докумуон буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
– Сокуон 1993 сыллаахха ылыллыбыта, ол кэмтэн ыла салааҕа элбэх уларыйыы-тэлэрийии барда. Ол курдук, доруобуйа харыстабылын тиһигэр сыыппара технологията киллэрилиннэ, телемэдиссиинэ күүскэ сайынна. Ити барыта сокуоҥҥа туспа пууннарынан киллэриллиэх тустаах. Онон, сокуону саҥардан оҥорор ирдэнэр, – диэтэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.
Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева бу этиигэ сөбүлэһэрин биллэрдэ. Атын эрэгийиэннэр уопуттарын үөрэтэн, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит уратыларын учуоттаан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылын туһунан» саҥа сокуон барылын оҥорууну саҕалыахха диэтэ. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.
Хаартыска: Василий Кононов (Ил Түмэн).
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
