Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC

Бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 10 %-ынан үрдүөҕэ, ону таһынан хамнас алын кээмэйэ уонна тииһинэн олоруу алын кээмэйэ 10 %-ынан улаатыаҕа.

Итинник дьаһалы Судаарыстыбаннай Сэбиэт президиумун мунньаҕар Бэрэсидьиэн Владимир Путин биэрдэ.

Бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 10 %-ынан үрдүөҕэ, ону таһынан хамнас алын кээмэйэ уонна тииһинэн олоруу алын кээмэйэ 10 %-ынан улаатыаҕа.

Итинник дьаһалы Судаарыстыбаннай Сэбиэт президиумун мунньаҕар Бэрэсидьиэн Владимир Путин биэрдэ.

Быйылгы сылга киирэн баран, тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин страховой чааһа 8,6 %-ынан индексацияламмыта. Онон, ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, биэнсийэ кээмэйэ 19,5 % үрдэтилиннэ. Ити инфляция таһымын куоһарар, – диэтэ Владимир Путин.

Үлэ уонна социальнай харалта миниистирэ Антон Котяков быһаарбытынан, дойду үрдүнэн 35 мөлүйүөн киһи биэнсийэтэ үрдүөҕэ, оттон биэнсийэ орто кээмэйэ 19 360 солк. тиийиэҕэ.

– Бэс ыйын 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 10 %-ынан үрдэтиллэн, ортотунан 12 919 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Маны таһынан, хамнас төлөбүрүн алын кээмэйэ 10 %-ынан үрдэтиллэн, ортотунан 15 278 солкуобайга тиэрдиллиэҕэ, – диэтэ Владимир Путин, итиэннэ олорор дьиэҕэ-уокка сыана үрдээһинигэр хабаатыннаран, хамнаһы эрдэттэн үрдэтэр бэлиитикэни ыытар наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, Бэрэсидьиэн: «Биһиги сүрүн сорукпут – гражданнар дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйин биллэрдик куоһарарын туһугар, хамнас алын кээмэйин салгыы үрдэтиини хааччыйыы буолар», – диэн мэлдьи этэр.

Судаарыстыба баһылыга байыаннай сулууспаҕа сылдьар ийэлэри өйөөһүнү икки төгүл үрдэтэргэ сорудахтаата. Онон өйөбүл бу кээмэйэ 30 тыһ. солкуобайга тиэрдиллиэхтээх. Бэрэсидьиэн маны таһынан хамнаһы үрдэтии бэлиитикэтин салгыы ыытан, сыл түмүгүнэн дьадайыы таһымын намтатары хааччыйар соругу туруорда.

– Быйыл судургута суох сыл, Арассыыйаҕа инфляция кээмэйэ 11 %-ы аһарда, оттон кэккэ дойдуларга ити көрдөрүү мантан үрдүк. Дойду экономикатын динамиката сорох экспертэр сабаҕалаабыттарынааҕар туруктаах, инфляция үрдээһинэ бытаарда: сыл түмүгүнэн 15 %, – диэн бэлиэтээтэ Бэрэсидьиэн, итиэннэ үлэтэ суох буолуу таһыма намтаан иһэрин, күн бүгүҥҥү туругунан 4 % буолбутун эттэ, бу көрдөрүүнү салгыы өйүөҕүҥ диэтэ.

Владимир Путин биэнсийэ, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын уонна бары социальнай босуобуйалар кээмэйдэрин үрдэтэр былаан баарын туһунан муус устар бүтүүтүгэр иһитиннэрэн турар. Судаарыстыбаннай Дуума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб: "Социальнай төлөбүрдэри эбии индексациялааһын автоматическайдык оҥоһуллуоҕа, үрдээһин 9 % буолуон сөп", -- диэтэ. Бу туһунан "Коммерсантъ" иһитиннэрэр.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как питаются наши дети?

Ученые Якутского научного центра Сибирского отделения РАН представили результаты…
09.11.24 13:50