Кини хамыыhыйа үлэтигэр ураты тиэмэнэн үѳрэхтээhин уонна култуура эйгэлэригэр Россия суверенитетын бѳҕѳргѳтүү буоларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, Россия утары тардыллыбыт кэрээнэ суох гибриднэй сэриигэ эппиэттээн ыытыллар анал байыаннай эпэрээссийэ уонна тас сабыдыалга утарылаhыы атын миэрэлэрэ «Россия судаарыстыбаннай култуурунай бэлиитикэтин тѳрүттэригэр» чуолкайдааhын наадалааҕын булан таhаардылар.
«Билигин биhиги уопсай сорукпутунан судаарыстыбаннай култуурунай бэлиитикэ саңардыллыбыт тѳрүттэрин муңутуур кѳдьүүстээхтик туhаныы буолар. Оттон биhиги хамыыhыйабыт соруга — Россия култуурунай суверенитетын хааччыйыы чааhыгар бэйэбит үлэбит былааннарын чуолкайдааhын, биллэн турар, биhиги сенаторскай боломуочуйаларбыт уонна хамыыhыйа бэйэтин статуhун чэрчитигэр», — диэтэ Климов.
Маннык сыаллаах хамыыhыйа чилиэннэрин састаабыттан быстах кэмңэ үлэлиир бѳлѳх оңоhуллубут – ол сенатордар Елена Афанасьева, Александр Башкин, Анатолий Широков. Бу бѳлѳх сыала — гражданскай уопсастыба бэрэстэбиитэллэрин, экспертэри, туhааннаах сулаарыстыбаннай структуралар бэрэстэбиитэллэрин кытта бииргэ судаарыстыба баhылыгын тохсунньутааҕы ыйааҕын балаhыанньаларын олоххо киллэрэргэ дорожнай картаны оңорон таhаарыы.
Бу үлэ бастакы түмүктэрин хамыыhыйаҕа 2023 сыл бэс ыйыгар диэри истэргэ былаанныыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0