Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Кулун тутар 7 күнүгэр cаха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһин быһаарыыларын тула Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков сүбэ мунньаҕа буолла.

Кулун тутар 7 күнүгэр cаха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһин быһаарыыларын тула Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков сүбэ мунньаҕа буолла.

 Тэрээһини Ил Түмэн Билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, информацияны киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэ­лэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева салайда. Мунньахха министиэристибэлэр, улуустар, үөрэх, иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэ бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.

Вице-спикер Александр Жирков сийиэс үс сылга биирдэ буоларын туһунан санатта.  Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлбит учууталлар этиилэринэн үлэ торумнанар. Иккис сийиэс түмүктүүр быһаарыытын өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата бигэргэппитин иһитиннэрдэ.

Норуот дьокутаата Феодосия Габышева иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 1 күнүгэр Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев СӨ саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии көрүҥүн бигэргэтэригэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко аатыгар сурук ыытыллыбыт.

ж2

СӨ билимҥэ уонна үөрэххэ миниистирэ Ирина Любимова саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин өрөсөлүүссүйэтин олоххо киллэрэр сүрүн тэрээһиннэр былаанын билиһиннэрдэ. 2023-2025 сс. былааҥҥа 42 пуун киирбит, быһа холоон, итини ситиһэргэ 215 мөл. солк. тахса үп-харчы ирдэнэр. Олортон быһа тардан холобурдаатахха: атырдьах ыйыгар диэри педагогическай үлэһиттэр ыстаатыстарын чуолкайдыахтара, саха тылыгар уонна литературатыгар, культурологияҕа саҥа учуобунньуктар бэчээттэнниэх­тэрэ, Ыччат министиэристибэтин нөҥүө араас граннар үбүлэниэхтэрэ. Холобур, былырыын 4,5 мөл. солк. көрүллүбүт буоллаҕына, быйыл 5,5 мөл. солк. суумаҕа диэри тиийэрэ былааннанар. Маны таһынан, Саха Сиригэр киинэ устуута аан дойду таһымыгар тахсыбыта этилиннэ, бу салааҕа норуот тылын сайыннарыыга уонна салгыы харыстыырга үп-харчы биллэрдик улаатыа. 

Мунньах кыттыылаахтарыттан элбэх этии уонна ыйытык киирдэ. Холобур, ФГОС ирдэбиллэринэн саҥа үөрэхтээһин былааннарын бигэргэтии, нуорманан үбүлээһинин тула кэпсэтии барда. Билигин бу боппуруоска методическай  мэктиэлэр оҥоһуллуохтара.

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн дойду хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев саха тылын, литературатын уонна култууратын, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тылларын учууталларын бэлэмнээһиҥҥэ миэстэ ахсаанын элбэтэргэ эбии сакаас наадатын эттэ. Ол аата улуустартан киирбит сакаастарынан, туһааннаах хайысхаларга каадыр миэстэтин ахсаанын хамнатар кыах үөскүүр.

Ньурба улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Лена Котоконова улууска Тыл сэбиэтэ тэриллибитин, итиэннэ Чаппанда оскуолатын түмэлин иһинэн Тыл киинэ тэриллиэхтээҕин эттэ. Бу киин кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллан, оскуола салалтатынан бигэргэннэ.

«Саха» НКИХ уонна «Мамонт» телеканал дириэктэрэ-сүрүн редактора Олег Колесов саха кылаассык суруйааччыларын айымньыларыгар, итиэннэ Хотугу норуоттар литератураларыгар тирэҕирэн, ойуулуктары оҥоруу үлэ ыытыллыахтааҕын эттэ. Бу «СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы» бырагырааматын чэрчитинэн барыаҕа. Бырайыактары олоххо киллэриигэ быйыл 55 мөл. 100 тыһ. солк. үп-харчы көрүлүннэ.

Уһуйааннарынан саха тылын үөрэтэр бө­лөхтөр элбиэхтэрэ. Чуолаан, ордук Дьокуускайга күүстээх болҕомтоҕо ыларга этии киллэрдилэр. Бу боппуруос хотугу улуустарга эмиэ сытыытык турар. Холобур, Баатаҕайга уһуйаан үөрэҕин бырагыраамата – нууччалыы. Онон, саха тылын сайыннарыыга саҥа бырагыраама ылыныллыахтааҕын туһунан үөрэх управлениетын начаалынньыга  Иннокентий Юмшанов билиһиннэрдэ. 

Мунньах түмүгэр Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков үлэ сүрүн хайысхаларын ыйда:

- саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин быһаарыытын үөрэх тэрилтэлэринэн тарҕатарга;

- оҕо уһуйааннарыгар саха тылын баһылыырга үлэлииргэ;

- эбии үөрэхтээһин ыстандаартынан улуустарынан көһө сылдьар мунньахтары тэрийэргэ;

- саха тылын учуобунньуктарын таҥан оҥорорго;

- олоҥхо уонна саха кылаассыктарын айым­ньыларын сюжеттарынан куукула оҥоруутугар өрөс­пүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу тэрийэргэ. Оҕо уһуйааннарыгар тыһыынчанан кэмпилиэги тиэрдэргэ;

- саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин өрөсөлүүссүйэтин олоххо киллэрии сүрүн тэрээһиннэрин былаанын ситэрэн, бүтэһиктээх көрүҥүн бу сыл кулун тутар 14 күнүгэр ырытан дьүүллэһэргэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением