Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев 1993 сыллаахха алтынньы үһүс өрөбүлүн Ийэ күнүнэн бэлиэтииргэ ыйаах таһаарбыта. Онтон ыла элбэх сыл ааста, ийэҕэ аналлаах араас үчүгэй дьаһаллар тэриллэллэр. 

Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев 1993 сыллаахха алтынньы үһүс өрөбүлүн Ийэ күнүнэн бэлиэтииргэ ыйаах таһаарбыта. Онтон ыла элбэх сыл ааста, ийэҕэ аналлаах араас үчүгэй дьаһаллар тэриллэллэр. 

Ааспыт нэдиэлэҕэ Өлөөн улууһун Кирбэй национальнай нэһилиэгэр Ийэ күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн, “Ийэ мичээрэ” куонкурус ыытылынна. Онно эдэр ийэлэр оҕолорун, кэргэттэрин кытары кыттан, көрөөччүлэргэ сэргэх киэһэни бэлэхтээтилэр. Куонкурус түмүгүнэн, үһүс миэстэни Светлана, Аглая Егоровалар, иккиһи Евдокия, Дима Корякиннар ыллылар. Бастакы миэстэҕэ Симона, Лена Михайловалар тахсан сүрүн бириис хаһаайыттарынан буоллулар. Көрөөччүлэр куоластара баһыйан Евдокия, Дима Корякиннар дьиэ кэргэттэрэ “Көрөөччү биһирэбилэ” ааты ыллылар. Биэчэри кыра кыргыттар ансаамбыллара ырыанан, үҥкүүнэн киэргэттэ. Илкээнньи киин дириэктэрэ Катерина Левина үбүлүөйдээх саастарын бэлиэтиир уонна нэһиликэ уопсастыбаннай-култуурунай олоҕор көхтөөхтүк кыттар ийэлэргэ тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн туттартаатта.

Кыһын кэлэн муус ылынарга сөп гына тоҥон, халыҥаан олохтоохтор кыһын устата иһэр муустарын ылынан тымныы кыһыҥҥа биир үлэттэн босхолоноллор. Аһары халыҥаабыт мууһу ыларга, соһорго, тиэйэргэ табыгаһа суох, ол иһин 15 -18 см тиийдэҕинэ ылар олус табыгастаах. Бу ааспыт өрөбүл күннэргэ Кирбэй нэһилиэгин олохтоохторо күөлтэн муус ылыытын субуотунньугун тэрийдилэр. Ол иннигэр муус халыҥыырыгар көмөлөһөн эрдэттэн хаары күрдьэн бэлэмнээбиттэрэ. Икки күн сарсыардаттан эр дьоннор муус ыллылар, сибиэһэй салгыҥҥа тыа тулалаах күөл эбэҕэ үлэлээн астыннылар-дуоһуйдулар. Инньэ гынан, отучча ыал аймахтарынан кыттыһан, хардарыта көмөлөсүһэн, кыстыыр муусттарын хааччыннылар.

Маннык хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ “Буран” көлөтө, массыыната суох ханна да тиийбэккин, тугу да тиэйбэккин. Онно уматык наада, бэнсиинэ суох туох да хамсааһын кыаллыбат диэххэ сөп. Харыйалаах өттүгэр убаҕас оттугу харайар систиэринэлэр оҥоһуллубуттара балайда кэм буолла, инньэ гынан хочуолунайдар үлэлэригэр чэпчэтии баар. Оттон чааһынай дьон уматык атыылаһалларыгар күчүмэҕэйдэри көрсөллөр, ордук сайын, күһүн Өлөөнтөн кыра пластик иһиттэринэн атыылаһарга күһэллэбит. Харыйалаахха миэстэтигэр бэнсин харайар систиэринэн туруоруллара буоллар, олохтоохторго туһалаах буолуо этэ. Кэлэр сылга оҥоһуллуохтаах хаһаайыстыбаннай тутуулар былааннарыгар киллэриллэрэ наадалаах, олус суолталаах.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением