СӨ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын II сийиэһин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин Сэбиэтин – Муниципалитеттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин ассоциациятын IX сийиэһин чэрчитинэн, оройуоннар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэригэр уонна дьокутааттарыгар аныгы кэм уларыйыыларыгар салайыы саҥа ньымаларыгар, идэ таһымын үрдэтиигэ куурус тэрилиннэ.
Анал кууруска үс күн устата салайааччы уонна дьокутаат үлэтэ таһаарыылаах буолуутун, сонуннары билиһиннэрии уратыларын ырыттылар. Маны тэҥэ үлэттэн сылайыы уйулҕаны чөлүгэр түһэрии курдук интэриэһинэй тиэмэлэри таарыйдылар. Туһалаах үөрэҕи Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологиятын министиэристибэтэ итиэннэ «Ил Түмэн» издательскай дьиэ тэрийдилэр.
Бастакытын ыытыллыбыт куурус 60-тан тахса дьокутааты түмтэ. Үөрэх бастакы икки дьарыга онлайн киэбинэн барда, бүтэһик күн атах тэпсэн олорон кэпсэтии IT-пааркаҕа ыытылынна. Спикердэринэн Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров, педагогическай наука дуоктара, доцент, норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй сибээстэри сайыннарыы институтун проректора Марина Клименских, бэлитиичэскэй наука хандьыдаата, коммуникация уонна медиа салаатын эксперэ, «Росатом» корпорация дойду эрэгийиэннэрин кытта үлэлэһэр департаменын эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ дириэктэрэ Роман Скудняков, о.д.а. үлэлээтилэр.
Дьарыктарга быыбардааччылары кытта дьокутаат хайдах көдьүүстээх кэпсэтиини (коммуникация) оҥоруохтааҕын, дьон алҕаһын хайдах көннөрүөхтээҕин билиһиннэрдилэр.
ДЬОКУТААТ УОННА БЫЫБАР
Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 71 быыбар хампаанньата ыытыллыа, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын талыахпыт. Биир кэлим куоластааһын балаҕан ыйын 10 күнүгэр ыытыллыаҕа.
Маны сэргэ, 2023 сылга Ил Түмэн уонна Дьокуускай куорат, оройуон сэ[1]биэттэрин дьокутааттарын талыахпыт. Тоҕус оройуон баһылыктарын быыбара ыытыллыаҕа: Үөһээ Халыма, Горнай, Кэбээйи, Нам, Эбээн-Бытантай, Уус Алдан, Уус Майа, Усуйаана уонна Таатта. Итини таһынан, Саха Сиригэр олохтоох салайыныы таһымнаах эбии быыбардар буолуохтара.
«САХА СИРИН КУОЛАҺА/ ГОЛОС ЯКУТИИ» ИНФО-БОТ СҮРЭХТЭНИЭ
Норуот дьокутаата, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ-кылаабынай эрэдээктэрэ Мария Христофорова куурус кыттааччыларыгар махталын биллэрдэ. Былырыын судаарыстыбаннай маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэр ортолоругар күүстээх, дириҥ ис хоһоонноох акселерационнай куурус ыытыллыбытын кэпсээтэ.
Ол чэрчитинэн, дьокутаат аныгы кэм тэтимнээх уларыйыыларыгар бастатан туран тус бэйэтэ уларыйан, нэһилиэнньэҕэ кырдьыктаах, толору ис хоһоонноох бэбиэскэни тиэрдиэхтээҕэ быһаарыллыбыта. Маныаха кинилэргэ көмөлөһөр сыаллаах үс күннээх идэ таһымын үрдэтэр куурус буолла. Манна дьокутааттар сонуннарын үллэстэллэригэр, санааларын этэллэригэр, этиилэрин туруорсалларыгар, ырыталларыгар парламент хаһыата өрүү тирэх буолар.
Ол курдук, норуот дьокутаата Мария Христофорова «Ил Түмэн» парламент хаһыата уонна «СахаПарламент» сетевой таһаарыы быыбардааччыларга дьокутааттар чугас буолалларыгар ураты суолталааҕын ыйда. Маны тэҥэ, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ муус устар саҕаланыыта быйыл ыытыллар быыбар хампаанньатыгар туһааннаах «Саха Сирин куолаһа/Голос Якутии» чат-бот сүрэхтэнэрин биллэрдэ.
Телеграм социальнай ситимигэр виртуальнай көмөлөһөөччү быыбар хаамыытын билсэргэ, сүбэ-ама ыларга быыбардааччыларга, ону тэҥэ хандьыдааттарга уонна быыбар хаамыытын интэриэһиргээн кэтээн көрөр дьоҥҥо-сэргэҕэ туһата саарбахтаммат. Түмүккэ идэ таһымын үрдэтэр куурус кэнниттэн улуустар дьокутааттара санааларын үллэһиннилэр.
ХАМНАС КЫРА – ҮЛЭҺИТ ТИИЙБЭТ
Афанасий Захаров, Чурапчы улууһун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ: — Хамсык дьаҥа тарҕаныытын уонна пандемия кэмигэр маннык таһымнаах үөрэх куурустара тэриллэн ыытыллыбатахтара. Аныгы олох тэтимнээх сайдыытын кэмигэр саҥалыы хайдах дьаһанан үлэлиирбитин билээри, биир идэлээхтэрбин кытта уопут атастаһаары кэллим. Бу иннинэ онлайн ыытыллыбыт үөрэх кэмигэр быыбарга саҥа сокуоннар олоххо киириилэрин бэлитиичэскэй наука хандьыдаата, коммуникация, медиа- -салаа эспиэрэ Роман Скудняковы сэргии иһиттим. Бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын II сийиэһигэр элбэх этиилээхпит.
Бастатан туран, тыа сиригэр нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрин хамнаһа олус намыһах. Төһө өр муниципальнай сулууспаҕа үлэлээбит ыстаастарын көрөн, ортотунан 40 тыһ. солк. аахсаллар. Онон үчүгэй исписэлиис өр үлэлээбэт, атын хамнастаах салааҕа көһөр. Үксүлэрбит туох баарынан, үлэтэ суох хаалбыт нэһилиэнньэ араҥатынан хааччыллан олороллор. Кыра нэһилиэктэргэ бу уустук боппуруос.
Ону тэҥэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бэтэринээрдэр хамнастара намыһаҕыттан, үөрэхтэрин бүтэрбит ыччаттар дойдуларыгар эргиллэн кэлбэттэр. Билигин аҕам саастаахтар, «кырдьаҕас гыбаардыйалар» үлэлииллэр, ол курдук, бары биэнсийэҕэ тахсыбыттара, 70 саастарыгар чугаһаан эрэллэр. Дьиҥэр, бэтэринээр үлэтэ түбүктээх, элбэх хамсаныылаах, кэлиилээх-барыылаах, биллэн турар, маны барытын аҕам саастаах дьон ыарырҕаталлар.
Оптимизация ыытыллыбытын кэннэ элбэх сүөһүгэ биир бэтэринээр тиксэр, хамнас кыратын таһынан, үлэтин кээмэйэ, ирдэбилэ улаатта. Саамай кутталлаҕа – хороҕор муостаахха сыстыганнаах ыарыы турдаҕына, ону тэҥэ биир сүөһү ыарыйдаҕына, олохтоохтор харантыыҥҥа бараллар, үүттэрин-эттэрин туттарар кыахтара суох буолар. Төһө да улахан хаһаайыстыба буоллун, барыта хааччахтанар, сабыллар. Маннык түбэлтэ тахсыбатын туһугар бэтэринээрийэ сулууспаларын исписэлиистэрэ үрдүк таһымнаах буолуохтаахтар. Холобур, биир бэтэринээр элбэх ыалы кэрийэ сылдьан өйдөтүү үлэтин ыытар кэмигэр сүөһүнү көрбөт.
Дойду Бэрэсидьиэнин «ыам ыйынааҕы ыйааҕар» киирбэтэх «атын» (прочие) үлэһиттэр, муниципальнай сулууспа[1]лаах хамнаһа мөлтөҕүттэн, үлэни-хамнаһы кыайар, үлэлиэн баҕалаахтар суохтар, — диэн ситэ быһаарылла илик тыын кыһалҕаны ыйда.
ИСПИСЭЛИИС КЭЛБЭТ
Айдар Ефимов, Абый улууһун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ: - Навигация саҕаланыан иннинэ, халаан уутун аһарарга, өрүс мууһун эрбииргэ биир эрэ тыраахтардаахпыт, ол эмиэ эргэрдэ. Онон сийиэскэ саҥа тиэхиньикэнэн хааччыллыы боппуруоһун туруорсуохпут. ЛОРП Белогорскайдааҕы учаастага Абыйы, Аллайыаханы уонна Муоманы ситимниир. «Якутопторг» логистика киинэ тутуллан, үлэҕэ киирбитэ номнуо иккис сылыгар барда, онон сибиэһэй оҕуруот аһын, фруктаны, атын да бородууктаны билигин куорат сыанатынан атыылаһабыт. Олохтоохтор үөрүүлэрэ улахан.
Оттон кэммиэрчэскэй маҕаһыыннарга бородуукта сыаната түспэт, икки төгүл үрдүк. Инникитин Хотугу муора суола аһыллыннаҕына, Мурманскайтан ас-таҥас, туттар тэрил быһа тиэрдиллэн, көрүҥэ элбиэ, сыаната чэпчиэ диэн эрэнэ-долгуйа кэтэһэбит. Белай Гораттан Дьокуускайга диэри субсидияламмыт билиэт сыаната – 14 тыһ. солк., оттон көннөрү билиэт — 35-36 тыһ. солк. Сөмөлүөт түһэр балаһатын уһатыы, өрөмүөннээһин үлэтэ барар, уота-күөһэ, оборудованиета барыта уларыйар. Вокзал иһин өрөмүөннээбиттэрэ, саҥа дьиэ тутулла илик.
Биһиэхэ «Ыам ыйынааҕы ыйаахха» киирбэтэх «атын» (прочие) үлэһиттэр хамнастарын боппуруоһа сытыытык турар. Аартыка зонатын оройуонугар киирсэбит эрээри, хамнас кээмэйэ ортотунан 42-45 тыһ. солк. Үлэһит илии тиийбэт кэмигэр, эбиитин хам[1]нас намыһаҕыттан, эдэр исписэлиистэри ыҥырар кыахпыт суох. Олохтоох дьаһалтаҕа ыстаатынан көрүллэр үлэһиттэрбит аҥаардара тиийбэттэр. Холобур, ыйаахха киирбитинэн, социальнай үлэһиттэр 60-70 тыһ. солк. хамнаһы аахсаллар, оттон үрдүк үөрэхтээх, уопуттаах атын исписэлиистэрбит быдан кыраны ылаллар. Кыра хамнастаах үлэҕэ ким да үлэлиэн баҕарбат, үлэһит тиийбэт. Ити курдук, хамнас кээмэйин тэҥниир уолдьаста.
-
Информация о материале
-
Галина Матвеева, Марианна Тыртыкова
Галина Матвеева, Марианна Тыртыкова
-
-
1027