Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -33 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сыл түмүктэнээри турдаҕына, дойду Бырабыыталыстыбата Арассыыйа гражданинын пааспарын туhунан саҥа балаhыанньаны бигэргэттэ. Ол туhунан «Парламентскай хаhыат» иhитиннэрэр.

Сыл түмүктэнээри турдаҕына, дойду Бырабыыталыстыбата Арассыыйа гражданинын пааспарын туhунан саҥа балаhыанньаны бигэргэттэ. Ол туhунан «Парламентскай хаhыат» иhитиннэрэр.

1997 сылтан үлэлии турар пааспар туhунан балаhыанньа күүhүн сүтэрбитинэн билинилиннэ.

Саҥардыллыбыт балаhыанньанан информацияны электроннай кѳрүҥүнэн илдьэ сылдьар пааспарга биометрическэй персональнай дааннайдар баар буолуохтарын сѳп. Эрдэ балаhыанньаҕа биометрия туhунан пуун суох этэ.

Ону кытта бас билээччи туhунан сибидиэнньэлэри кини олорор ѳрѳспүүбүлүкэтин национальнай тылынан киллэрэр кыах туоратыллар. Информация барыта нуучча тылынан эрэ буолуохтаах.

Итиэннэ саҥа балаhыанньаҕа пааспары биэрии тѳрүттэрэ суруллубуттар. Чуолаан, 14 сааhы ситии, урут пааспар ылбатах сирэйгэ Арассыыйа гражданствота баара. Бу урукку балаhыанньаҕа суох этэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21