Дойду бэрэсидьиэнин үс ыйааҕа судаарыстыбаннай кистэлэҥҥэ хамыыһыйа үлэтин сүрүннүүллэр. Чуолаан, кэккэ дуоһунастаах дьону судаарыстыбаннай кистэлэҥҥэ ылыы, аккаастааһын, тохтотуу туһунан быһаарыныылары ылары уонна дойду таһыгар тахсар туһунан көҥүлү биэрэри чопчулууллар.
Өссө биир ыйааҕынан, чунуобунньук судаарыстыбаннай сулууспаттан уурайбытын кэннэ, үс күн иһигэр, хамыыһыйаҕа түмүк (заключение) киириэхтээх. Онно кини, боломуочуйатын тохтотуон иннинээҕи биэс сыл иһинэн, кистэлэҥ сибидиэнньэҕэ көҥүллэммит (допуск) тиһэх күнэ-дьыла уонна ол сибидиэнньэлэр кылгас ис хоһоонноро суруллуоҕа. Ол кэннэ хамыыһыйа 20 хонугунан уурайбыт чунуобунньукка дойду таһыгар тахсарыгар көҥүл биэрэр эбэтэр хааччахтыыр туһунан быһаарыахтаах.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://www.pnp.ru/politics/komu-zapreshhen-ili-ogranichen-vyezd-iz-rossii.html
Антонина НЕУСТРОЕВА
Хаартыска “Парламентская газета” сайтыттан
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0