Биэнсийэ иннинээҕи саастаах киhи ѳйдѳбүлэ Арассыыйа сокуонугар соторутааҕыта киирбитэ. Бу кырдьаҕаhынан биэнсийэҕэ тахсыар диэри, ол иhигэр болдьоҕун иннинэ эмиэ, 5 сыла хаалбыт киhи.
РФ Социальнай пуондатыгар аар сибидиэнньэлэр кѳмѳлѳрүнэн чэпчэтиини биэрэр биэдэмистибэҕэ сайабылыанньа эрэ биэрэр ирдэнэр. Оттон ол биэдэмистибэ бэйэтэ наадалаах сибидиэнньэлэри ылар.
Биэнсийэ иннинээҕи саастаах дьоҥҥо чэпчэтиилэр испииhэктэрэ эрэгийиэннээҕи да, федеральнай да ѳйѳбүлү кѳрѳр.
Федеральнай чэпчэтиилэр:
хамсаабат баай-дуол кѳрүҥүн хас биирдии эбийиэгэр — кыбартыыраҕа, дьиэҕэ, гарааска — сир уонна үп-мал түhээниттэн босхолооhун;
диспансеризацияҕа икки үлэ күнэ бэриллэр;
биэнсийэ иннинээҕи саастаах киhини ууратыы иhин үлэ биэрээччигэ административнай уонна холуобунай эппиэтинэс кѳрүллэр;
үлэтэ суоҕунан үрдэтиллибит босуобуйаҕа тиксэр;
идэтин уларытан үѳрэнин сѳп;
биэнсийэ мунньуллубут сууматын ылар — дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыттан.
Эрэгийиэн чэпчэтиилэригэр уопсастыбаннай куорат тырааныспарыгар босхо бырайыас, быраас ырысыабынан ылыллар эмтэргэ харчынан толуйуу уонна олорор дьиэ хомунаалынай ѳҥѳлѳрүгэр чэпчэтии киирэллэр.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0