Бастатан туран ыҥырыы сүнньүнэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, чааһынай дьиэлэргэ олорор нэһилиэнньэлээх куорат таһынааҕы сэлиэнньэлэр билигин үлэлиир судаарыстыбаннай бырагыраамаларга кыайан хапсыбат буолан, оскуола, балыыһа уонна коммуникациялары тутууга улахан уустуктары көрсөр диэн боппуруоһу көтөҕөр. Кэмэнтээрийи кылгатан билиһиннэрэбит.
-Алексей Ильич, барыта туохтан саҕаламмытай?
- Икки сыллааҕыта саҕаламмыта, ол кэмтэн ыла Саха Сиригэр тыа сирин кэлимник сайыннарыы биир кэлим бырагырааматын үбүлээһинин кээмэйэ атын федеральнай судаарыстыбаннай бырагыраамалартан аччаан барбыта (2021 с.- 1 млрд. 822 мөл. солк, 2022 с.- 1 млрд. 539 мөл. солк. ). Оттон 2023 сылга баара-суоҕа 480 мөл. солк. эрэ, 2024 сылга өссө аччан 431 мөл. солк. буолла.
-Туох биричиинэнэн итинник эмискэ аччаата?
- Көрүллүбүт үп толору кыайан туһаныллыбатыттан тахсар. Холобура, билигин ити үлэлиир бырагырааманан биир түгэн баар - федеральнай үбүнэн тугу эрэ туттарар, оҥорторор буоллахха, сакаасчытынан Арассыыйа эрэгийиэнэ буолбакка, чопчу муниципалитет чуолкайданан, ыйыллар. Ол аата улуустар туордары ыыталлар, бэдэрээччити быһаараллар. Оттон ыытыллыбыт үлэ иһин өрөспүүбүлүкэ отчуоттуур. Ааспыт сылларга улуустарга икки эбийиэк – бассейн уонна оскуола тутуутугар бэдэрээччиттэр кыайбатахтарынан, отчуот кэмигэр туттарыллыбакка, федеральнай киин биллэн турар, атын эбийиэктэри тутууга үбүлээһини тохтоттоҕо дии. Биһиги биһиги көрдөһүү сурукпут биир биричиинэтинэн буолар.
-Иккис ханныгый?
Алексей Еремеев: Өрөспүүбүлүкэ улахан муниципалитета – “Дьокуускай Куорат” куорат уокуруга – бу бырагыраамаҕа быраабын пуорматынан кыайан хапсыбат. Тоҕо диэтэргит, федеральнай бырагыраама “Тыа сирин территорияларын кэлимник сайыннарыы” диэн ааттанар.
Дьиҥэр, куорат уокуругар Дьокуускай куорат бэйэтэ эрэ киирбэт, манна Тулагы-Киллэм, Маган, Хатас уо.д.а нэһилиэктэр хапсаллар. Кинилэр эмиэ маннык быраагыраамаҕа наадыйаллар. Оҕо саадтарын, оскуолалары, суол тутарга, сайыҥҥы уу ситимнэрин тардарга, миэстэтигэр пиэримэлэри, тэпилииссэлэри сайыннарарга бырагырааманан үп көрүллүөхтээх, туһаныллыахтаах. Дьокуускай куорат бу бырагыраамаҕа киирээри хаста даҕаны биһиэхэ тахсыбыттара.
-Муниципальнай тэриллиилэр Ил Түмэнтэн атын устуруктуураларга тахса сылдьыбыттара дуо?
-Муниципалитеттар бастаан сүрн сакаасчыкка диэн РФ Тыа хаҺаайыстыбатын министиэристибэтигэр быһа тахсыбыттара. Хомойуох иһин, онно бу бырагыраама балаһыанньатын бигэргэппит РФ Бырабыыталыстыбатын уураҕар сигэнэн аккаастаабыттара.
Билигин биһиги парламент хайысхатын тутуһан, “Уһук Илин уонна Забайкалье” Парламеннар ассоциацияларын иһинэн туруораммыт, ыҥырыыбыт атын эрэгийиэннэр өйөбүллэрин ылан, РФ Бырабыыталастыбатыгар тахсарга былаанныыбыт. Итинник кыһалҕа Ком Өрөспүүбүлүкэтигэр, Архангельскай уобаласка, Ненецкэй оптонуомунай уокурукка баар. Ону кытта Магадаан, Сахалин уонна Чукуотка майгынныыр уустуктардаахтар. Ол иһин бырагыраама балаһыанньатыгар уларыытыылары киллэрэргэ кэлэктиибинэн ыҥырыылаах тахсарга быһаарыммыппыт. Соторутааҕыта Хабаровскайга Арассыыйа 11 эрэгийиэнэ кыттыылаах Ассоциация уопсай мунньаҕар бары өйөөбүттэрэ. Онон билигин РФ премьер-миниистиригэр аадырыстаммыт суругу оҥоробут.
-Өйөбүлү ылыахпыт диэн суоттанаҕыт дуо?
-Быраактыка көрдөрөрүнэн, хас да эрэгийиэн кыттыгас суруктара өйөбүл ылалларыгар кыаллара 50х50 буолааччы. Эрэлбит диэн, бу кыһалҕа кырдьык да олус уустук, быһаарыыны эрэйэр. Элбэх оҕолоох ыалга, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар бэриллэр учаастактар бары куорат уокуругун территориятыгар киирэллэр. Оттон бу сирдэр биһиэхэ туһаныллыбакка тураллар, инфраструктурата суохтар. Бастатан туран, федеральнай үбүлээһин куорат таһынааҕы сэлиэнньэлэр инфраструктураларын сайыннарыыга көмөлөһүөх этилэр. Аҥардас тыа хаһаайыстыбатын производствотын сайыннарыыга эрэ туһуламмакка, социальнай эйгэ туруктаах буолуутугар, оскуолалары, оҕо саадтарын тутууга улаханнык туһалыа этэ. Иккиһинэн, куорат таһыгар суолу тутууга тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматын иһинэн кытаанах олбохтоох суоллары тутууну көмүскүөххэ сөп. Ону тэҥэ, бырагыраамаҕа уларытыы киирдэҕинэ, нэһилиэнньэ олорор дьиэни тутууга чэпчэтиилээх ипэтиэкэни туһанар кыахтаныаҕа.
"Российская газета" саайтан
Рафаэль Зарипов инфографиката "РГ"
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0