Бу туһааннаах быһаарыыны дойду Киин быыбардыыр хамыыһыйата ылынна. Дистанционнай куоластааһын Москваҕа, Севастопольга, Нижнеленскэй, Курскай, Ярославскай, Мурманскай уонна Ростовскай уобаластарга ыытыллара күүтүллэр.Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Булаев: “Онлайн-куоластааһын саҥа технологията үгэскэ кубулуйбут куоластааһынтан бэрт судургу, ыраахтан куоластыырга табыгастаах", - диэн эттэ.
Электроннай куоластааһын 600-тэн тахса быыбардыыр хампаанньалар чэрчитинэн туһаныллар. Онлайн куоластыырга «Госуслуга» порталга бигэргэммит регистрация ирдэнэр.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн балаҕан ыйыгар Госдума, Ил Түмэн уонна муниципальнай быыбардар ыытыллыахтара. Арассыыйа Госдуматын дьокутааттарын быыбарын ыытыы сылыгар атын быыбардар, үгэс курдук, 2021 сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр түбэһэр. Ол эрэн быйылгы быыбардар сүрүн уратылаах, балаҕан ыйыгар бары таһымнаах быыбарга куоластааһыны үс күн устата, 17, 18 уонна19 күннэригэр тэрийиэхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0