Кини этэринэн, гражданнар, сокуону оҥорооччулар, эрэгийиэн былаастара, уопсастыбаннай бэрэстэбиитэллэр, эспиэрдэр сокуон барылын болҕомтолоохтук үөрэтэллэригэр, тус санааларын этэллэригэр уонна этиилэрин киллэрэллэригэр кыах баар. Саха сиригэр сокуон барылын дьүүллэһии мунньаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи Уопсастыбаннай палаатаҕа уонна Ил Түмэҥҥэ ыытылыннылар.
Үрдүкү салалта өйүүр
Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга, итиэннэ судаарыстыбаннай тутулга, олохтоох салайыныыга кэмитиэттэрин мунньаҕа сэтинньи 26 күнүгэр буолла. РФ Бырабыыталыстыбата Госдумаҕа киллэрбит «Нэһилиэнньэ санитарнай-эпидемиологическай туругун туһунан» диэн 17357-8 №-дээх федеральнай сокуонугар уларытыылары, чуолаан коронавирус ыарыыта тарҕаныытын утары хааччахтары киллэрии туһунан сокуон барылын дьүүллэстилэр.
Мунньаҕы доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров ыытта. Кэпсэтиигэ парламент вице-спикерэ Антонина Григорьева, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, норуот дьокутааттара, икки кэмитиэт чилиэннэрэ, ону тэҥэ туһааннаах министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Сокуон барылыгар култуура, спорт, атыы-эргиэн кииннэригэр, аһыыр сирдэргэ киирэргэ быһыыны ылбыккын эбэтэр коронавирус ыарыытыттан үтүөрбүккүн туоһуулуур QR-код докумуона ирдэнэрэ чопчуланар. Кумааҕыга бэчээттэммит докумуону тыа сирин дьонугар МФЦ тиэрдиэхтээх. QR-коду кытта киһини туоһулуур докумуон (пааспар, дастабырыанньа, о.д.а.) көрдөрүллүөхтээх. QR-код ирдэнэр сирдэрин испииһэгин эрэгийиэннэр баһылыктара бигэргэтэллэр. 2022 сыл олунньу 1 күнүгэр диэри уопсастыбаннай миэстэлэргэ «отрицательнай» ПЦР-тест түмүктээх сылдьар көҥүллэнэр. ПЦР түмүгүн медкиин (лаборатория) күн устата санэпиднадзорга тиксэриэхтээх, олор сибидиэнньэни Госуслуга порталыгар киллэриэхтээхтэр. Бу туһунан мэдиссиинискэй тэрилтэ гражданины биллэриэхтээх.
Быһыы ылбыттарын туһунан сибидиэнньэлэри Госуслуга порталыгар киллэрии санэпидсулууспаҕа сүктэриллэр. Информационнай технология эйгэтигэр федеральнай уорган гражданин тус кэбиниэтин дааннайдарын көмүскээһини мобильнай сыһыарыы нөҥүө хааччыйар. Быһыыны биэрии тэрээһиннэрэ федеральнай бүддьүөт үбүн суотугар оҥоһуллар. QR-код болдьоҕун РФ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ олохтуур. Эрэгийиэн ситэриилээх былааһын уорганнара бэйэлэрин кылаабынай санитарнай быраастарын этиилэрин үс хонук иһигэр толоруохтаахтар. Сөбүлэспэт буоллахтарына, дойду кылаабынай санитарнай бырааһыгар тахсан быһаарсыахтарын сөп. Киллэриллэр нуормалар бары быстах көрүҥнээхтэр уонна 2022 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри үлэлииллэр. Ол курдук, QR-код ирдэбилэ уопсастыбаннай миэстэлэргэ коронавирус дьаҥар сутуллууну аччатыыга, иммунитета суох дьону араҥаччылыырга туһуланар. Уопсайынан, QR-код хамсыгынан сибээстээн олохтоммут хааччахтары уһуларга көмөлөһүөҕэ.
Кумааҕыттан – сыыппараҕа
Бары эйгэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньатын уонна кытаанах локдауну олохтуур ордук дуу, биитэр тэрилтэлэргэ QR-код ирдэбилин киллэрэн баран, үлэни тохтоппокко тэрийэр дуу? Бу ыйытык сокуон барылыгар сүрүн боппуруос буолар. «QR-коду үлэлэтии диэн бу кумааҕы докумуону сыыппараҕа көһөрүү буолар. Киһи быһыы ылбытын эбэтэр ыарыыттан үтүөрэн иммунитеттаммытын туоһулуур докумуон», – диир Владимир Чичигинаров.
Салгыы парламент вице-спикерэ Антонина Григорьева тыл эттэ. Кини иһитиннэрбитинэн, РФ Салгын аалын кодексыгар уонна Тимир суол тырааныспарын устаабыгар анал быраабыланы киллэрэр иккис сокуон барыла парламент көрүүтүгэр киириэхтээх. «Билигин бу суолталаах икки сокуон барылын көхтөөх дьүүллэһиитэ бара турар. Ил Түмэн фракцияларыгар дьокутааттар уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ сиһилии үөрэтиэхтэрэ. Коронавирус содулларын туоратарга быраастар этиилэрин өйүүр наадатын өйдөөн, биһиги бу боппуруоска өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн сөптөөх сыһыаны олохтуохтаахпыт», – диэн бэлиэтээтэ. Маны таһынан, парламент вице-спикерэ гражданнар бырааптарын кэспэт быһаарыыны оҥоруу сүдү суолталааҕын тоһоҕолоото. Чуолаан Саха сиригэр Интэриниэт ситимэ тиийбэт ыраах бөһүөлэктэрэ элбэҕин, ону тэҥэ бары төлөпүөн туһанар, атыылаһар кыахтара суоҕун ыйда. Итини сэргэ ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторугар, итиэннэ кыаммат гражданнар категорияларыгар, аҕам саастаах дьоннорго кумааҕынан QR-код докумуонун тиксэрэр мэхэньиисимин оҥорорго болҕомтону уурда.
Киһи бырааба кэһиллибэт
Вице-премьер Ольга Балабкина, бастатан туран, федеральнай сокуон барыла РФ Конституциятыгар олоҕуран оҥоһуллубутун уонна гражданнар бары бырааптарын кэспэтин чуолкайдаата. Сокуон ылыллар түгэнигэр, дьон маассабайдык сылдьар сирдэригэр быһыы ылбыт уонна ылбатах нэһилиэнньэ араҥатыгар өҥөнү оҥоруу көрүҥэ эрэ уларыйарын ыйда. Иккиһинэн, Саха сирин Бырабыыталыстыбата сокуон барылын өйүүрүн туһунан биллэрдэ уонна, дойду кылаабынай бырааһыгар тахсыбакка эрэ, боппуруоһу эрэгийиэн иһигэр быһаарарга тыл көтөхтө. Роспотребнадзоры кытта үлэ мэхэньиисимнэрин, кэпсэтии ньымаларын чопчу ыйарга эттэ.
– Икки сыл устата Саха сиригэр Ил Дархан уурааҕынан араас хааччахтар олохтоннулар. Вирус түргэнник тарҕаныытын утары, хара дьайдаах хамсыктан киһи өлүүтүн ахсаанын аҕыйатарга ылыныллыбыт миэрэлэр көдьүүстээхтэрэ көстөр. Чинчийии көрдөрөрүнэн, биһиги нэһилиэнньэлээх пууннарбыт, бэйэ-бэйэлэриттэн төһө да ыраахтарын үрдүнэн, дэриэбинэ чөкөтө бэрт буолан, бары ыксалаһа, ыаллаһа олороллорун иһин, куораттарга холоотоххо, онно хоруона хамсыга 600 төгүл түргэнник тарҕанар эбит. Билиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ QR-код систиэмэтэ, төһө да харгыстар, ыарахаттар баалларын да үрдүнэн, үчүгэйдик үлэлиир. Урбаанньыттары уонна нэһилиэнньэни кытта кэпсэтии ыытыллыбыта, – диэн этиитин түмүктээтэ.
Ольга Балабкина иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр тырааныспарга, чуолаан муниципальнай оптуобустарга, QR систиэмэтин киллэрии былааннаммат. «СӨ Ил Дархана Айсен Николаевы кытта уопсастыбаннай тырааныспарга QR-код систиэмэтин киллэрэр туһунан кэпсэппиппит. Нэһилиэнньэлээх пууннар икки ардыларыгар сылдьар муниципальнай оптуобустарга QR-коду киллэрэри кини өйөөбөт. Оттон ирдэммэт сирдэригэр санитарнай-эпидемиологическай быраабылалар уонна нормативтар булгуччу тутуһуллуохтаахтар. Билиҥҥи туругунан, холобур, уопсастыбаннай тырааныспар иһигэр ким мааска кэтиитин хонтуруоллуохтааҕын чопчулуу сылдьабыт. Нэдиэлэ ахсын Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев уонна оройуоннар баһылыктарын отчуоттарын истэбит», – диэтэ Ольга Балабкина.
Элбэх оҕолоох ыалларга, мэдиссиинэ үлэһиттэригэр ПЦР анаалыһын босхо оҥоруу туһунан киирбит ыйытыкка, көрүллэр сокуон барылыгар сыһыана суоҕун быһаарда: «Бу кыһалҕа, биллэн турар, тыҥаан турар уонна нэһилиэнньэни долгутар. Коронавирустаабыккын түргэнник быһаарарга дойду үрдүнэн экспресс-тест туттуллар буолуоҕа. Оттон ПЦР гражданин чопчу диагноһын туоһулуурга туһаныллар, атын түгэннэргэ экспресс-тест оҥоһуллуоҕа. Холобур, РФ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин бирикээһинэн, элбэх оҕолоох ыалга биир эмэ оҕолоро ыарыйдаҕына, дьиэ кэргэн бары чилиэниттэн анаалыһы босхо ылыахтаахтар. Манна ыйытык үөскээбэт. Оттон оҕо үөрэҕи таһынан эбии дьарыкка, сиэксийэҕэ дьарыктана барар түгэнигэр, ПЦР буолбакка, көннөрү экспресс-тест туттарыаҕа», – диэн вице-премьер быһаарар.
СӨ Доруобуйа харыстабылыгар миниистирин э.т. Лена Афанасьева сокуон барылын өйөөтө. Киллэриллэр дьаһаллар олус наадалаахтарын уонна сыстыганнаах ыарыы тарҕаныыта аҕыйыырыгар сабыдыаллыырын ыйда. «QR-код систиэмэтэ үлэлиэҕиттэн быһыы ылбыт дьон ахсаана элбээтэ. Ыарыыга сутуллубут киһи ахсаана намтыыр. Сокуон барылын киллэрии эпидемиологическай балаһыанньаны тупсарарга тиэрдиэҕэ», – диэн эрэл кыымын саҕар.
Дьокуускайдааҕы 3-с №-дээх балыыһа кылаабынай бырааһа, мэдиссиинэ палаататын салайааччыта, СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Светлана Давыдова:
– СӨ Уопсастыбаннай палаататын былаһааккатыгар бу боппуруос сытыытык ырытыллыбыта, сыныйан көрүллүбүтэ. Мунньахха 200-чэ кэриҥэ киһи кыттыыны ылбыта, 10-тан тахса уопсастыбаннай түмсүү чилиэннэрэ, юристар, урбаанньыттар, ыал ийэлэрэ тыл эппиттэрэ. Дьүүллэһии кыттааччыларын 70 %-на QR-код систиэмэтин өйөөбүтэ. Федеральнай сокуон барыла үлэлээтэр, мэдиссиинэ, Роспотребнадзор үлэһиттэрин түбүктэрэ аччыа, чэпчиэ этэ.
Оскуола саастаах оҕолор тириэньэрдэрин, салайааччыларын кытта бөлөҕүнэн өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр күрэхтэһэ баралларыгар, ПЦР анаалыс түмүгүнэн айанныылларыгар көҥүлү биэрэргэ, ону таһынан арыгы атыылыыр маҕаһыыннарга QR-код систиэмэтин булгуччу үлэлэтэргэ модьуйдулар.
Мунньахха өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа кылаабынай бырааһа, Дьокуускай куорат Дууматын олохтоох бэйэни салайыныыга, сокуоннаһыыга уонна регламеҥҥа хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Васильев, СӨ доруобуйа харыстабылын хонтуруоллуур федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта Евгений Иннокентьев, СӨ урбаанньыттарын быраабын көмүскүүр боломуочуйалаах Альбина Кычкина тыл эттилэр.
Норуот дьокутааттара бу сокуон барылын дьүүллэһиигэ сыһыаннаах чуолкайдыыр ыйытыылары биэрдилэр: сокуон барылын көрүү болдьоҕор, мэдиссиинэ өттүнэн быһыы ылбат, симптома суох ыалдьан үтүөрбүт, аутоиммуннай ыарыылаах гражданнар балаһыанньаларыгар, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго сокуон барылын тарҕатыы бэрээдэгэр, элбэх оҕолоох ыаллар уонна мэдиссиинэ үлэһиттэрэ ПЦР анаалыс туттаралларыгар өйөбүл мэхэньиисимнэрин оҥоруу наадатыгар, о.д.а. болҕомто уурулунна. Дьүүллэһии түмүгэр судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга парламент сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев сокуон барылын көхтөөхтүк өйүүр наадатын бэлиэтээтэ.
Биллэн турар, саҥаны киллэрэргэ өйдөммөт түгэннэр баар буолаллара чахчы. Ол гынан баран, нэһилиэнньэ олоҕун уустугурдар туһугар быһаарыылар ылыныллыбаттар. Билигин тутатына коронавирус ыарыыта ылла да бэйэтэ ыраастанар кыаҕа суох. Ол иһин судаарыстыба дьон доруобуйатыгар кыһаллан, араас миэрэлэри олохтуур. Онон QR-коду олохпут урукку укулаатыгар төнүннэрэр билиэт курдук ылыныахтаахпыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0