Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Ил Түмэн күһүҥҥү сиэссийэтин сүрүн түмүктэрин, сыл ситиһиилэрин уонна саҥа соруктар туһунан спикер Алексей Еремеев РИА «Новости», ону тэҥэ «Ил Түмэн» парламент хаһыатын суруналыыстара кыттыылаах пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрдэ. 2022 сылга үктэнээри олорон, нэһилиэнньэ ордук сураһар, интэриэһиргиир ыйытыыларыгар болҕойобут. 

Ил Түмэн күһүҥҥү сиэссийэтин сүрүн түмүктэрин, сыл ситиһиилэрин уонна саҥа соруктар туһунан спикер Алексей Еремеев РИА «Новости», ону тэҥэ «Ил Түмэн» парламент хаһыатын суруналыыстара кыттыылаах пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрдэ. 2022 сылга үктэнээри олорон, нэһилиэнньэ ордук сураһар, интэриэһиргиир ыйытыыларыгар болҕойобут. 

– Соторутааҕына Ил Түмэн Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Гомель уобалаһын дьокутааттарын сэбиэтин кытта Сөбүлэҥ түһэрсэн турар. Бииргэ үлэлэһии ис хоһоонун, хайысхаларын уонна ордук кэскиллээх өрүттэрин туһунан билиһиннэр эрэ.

– Бырааттыы судаарыстыбалар буоларбыт быһыытынан, Арассыыйа, Белоруссия, Киргизия, Казахстан, Армения буолан таможеннай сойууска киирэбит. Инньэ гынан эргинэрбитигэр хардарыта дьайсан, сайдарбытыгар табыгастаах. Ол эрээри тус-туспа судаарыстыбалар, биллэн турар, харчыбыт, нолуокпут, бүддьүөппүт олоҕуруута, сокуонунан хааччыллыыта уратылаах. Аны туран, Арассыыйа судаарыстыбаннай тутула федеративнай буоллаҕына, Белоруссия – унитарнай.

Онтон сайдыыга дьулуһуубутунан, бэйэ-бэйэҕэ эрэнсэн, истиҥ уонна доҕордуу сыһыаммытынан ыкса алтыһарбыт, эргинэрбит хайаан да наада. Белоруссия салайааччылара эрэ буолбакка, дьоно-сэргэтэ да сиртэн хостонор баайдара, биһиэхэ курдук, дэлэй буолбатаҕын, арҕааҥҥы дойдуларга тэҥнэһэр технология суоҕун билинэллэр. Ол иһин бырамыысыланнастара, оҥорон таһаарар бородууксуйалара сүрүннээн биһиги дойдубут ырыынагар хайысхалаах. Холобура, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтэ, ас-үөл эгэлгэтэ кинилэртэн киирэр. Маны таһынан биирдиилээн хайысхаларга исписэлиистэри, эспиэрдэри чугаһатабыт, култуура уонна наука эйгэтигэр ыкса үлэлэһэбит.

«Саха сирэ тоҕо чопчу Гомель уобалаһын кытта чугасыһарга сананна?» – диэн ыйыттахха, устуоруйата маннык. Сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүк ааты ылбыт Федор Попов быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолла. Ону бэлиэтииргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата тэриллэн, кини сырдык аатын үйэтитэргэ, көмүллэ сытар сиригэр тиийэн, тэрээһиннэри ыытар санаа үөскээбитэ. Кыргыһыы хонуутугар хорсуннук охтубут биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Гомель уобалаһын Деражичи диэн дэриэбинэтигэр көмүллэ сытар. Маныаха салалта биһиги этиибитин ылынан, Саха сирэ маҥнайгы тэрээһиннэрин былырыын Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар, кинилэргэ тиийэн, ыытан турар.

Итинтэн сиэттэрэн, ыкса сибээһи тутар сыалтан Ил Түмэн уонна Гомель уобалаһын дьокутааттарын сэбиэтэ бииргэ үлэлэһии Сөбүлэҥин икки нэдиэлэ анараа өттүгэр баттастыбыт. Бастатан туран, парламеннар икки ардыларынааҕы ситим олохсуйуо. Иккиһинэн, экэнэмиичэскэй, култуурунай уонна наука, үөрэх боппуруостарыгар хардарыта дьайсыахпыт. Бу диэн эттэххэ, олорор, үлэлиир да усулуобуйаларбыт майгыннаһаллар. Ол курдук, биһиги өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа 5/1 ылар буоллаҕына, Гомель уобалаһа эмиэ Белоруссияҕа иэнинэн саамай улаханнара. Нэһилиэнньэбит да ахсаана тэҥ сыһа: кинилэргэ мөлүйүөнтэн эрэ тахса, онтон биһиги мөлүйүөнү чугаһатан эрэбит.

Инньэ гынан салгыы алтыһыы, кэпсэтии түмүгэр бырабыыталыстыбаларбыт икки ардыларыгар экэнэмиичэскэй хайысхалары сүрүннүүр Сөбүлэҥ түһэрсиллэн, көдьүүстээх үлэ барыан баҕарабыт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38