2022 сыл бастыҥнарын билиһиннэрдэххэ маннык.
«Бочуоттаах меценат» дьоһун ааты “Прогресс” ХЭХ салайааччыта Пинигин Алексей Семенович ылла. Уон сыл анараа өттүгэр тэриллэн, сүрүннээн тутуунан дьарыктаналлар, ѳрөспүүбүлүкэ улуустарын нэһилиэктэригэр, киин сирдэригэр оҕо уһуйааннарын, олорор дьиэлэри туталлар. Сүрүн үлэлэрин таһынан үтүө дьыаланан күүскэ дьарыктаналлар. Аҥардас 2022 сылга 9000986 солк. аадырыстаммыт көмө, спонсорскай көмө оҥоһуллубут. Даҕатан эттэххэ, “Прогресс” ХЭХ кэккэ сылларга Дыгын оонньууларын сүрүн спонсора буоларын бары да билэбит, кэлэр 2023 ол суумма бу тэрилтэ былааныгар баарын туһунан этиллибитэ. Бу саха норуота, эдэр ыччат дьоммут чөл олоҕу, тутуһалларыгар төһүү күүстэртэн биирдэстэрэ буолар. Хатаска уопсастыбаннай олох хамсааһына бу тэрилтэ көмөтө суох эмиэ буолбат. Ол барыта салалтаттан тутулуктааҕа өйдөнөр суол.
«Бастыҥ салайааччы» анал аат П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар аат. Хатас орто оскуолатын дириэктэригэр Слепцов Николай Владимировичка иҥэрилиннэ. Оскуолаҕа 1016 оҕо үөрэнэр. Сатабыллаах салайааччы уустук кэм тургутуутун тулуйан, быыс-арыт булан үбүлээһиҥҥэ күүскэ үлэлээн оҥордубут-туттубут диэнэ да элбэх, инники да былааннара аҕыйаҕа суохтар. Ол курдук оҕолорбут оскуола боруогун атыллаан олох киэҥ аартыгар тахсалларыгар сатыыллара-оҥороллоро үгүс буоларын туһугар элбэх үлэ оҥоһулунна: оҕуруот аһын олордууга, үрдүк үүнүүнү ылыыга наукаҕа олоҕурбут аныгы технология албастарынан туһаныллыбыт ньыманан эбии аһылыгы оҥороллор; үбү-харчыны сатаан ааҕан суоттаан олоххо төһүү күүс оҥосторго анал эбии үөрэхтээһин; үлэҕэ-хамнаска Арассыыйа киин эрэгийиэннэрин кытта алтыһыы уонна бүддьүөтү таһынан атын сиртэн үбүлэнии бырагыраамаларыгар ыкса ылсан үлэлээһин.
Николай Владимирович салайар үлэтин биир сүрүн хайысхата үлэлииргэ-үөрэнэргэ усулуобуйаны олохтооһун буолар – эбии тутуулар, саҥа тутуулар, хапытаалынай өрөмүөнү үбүлээһини туруорсуу. Онон эһиилги үөрэх сылыгар кэҥээһини, тупсууну күүтэбит. Дойдуга бэриниилээх буолууга туһуламмыт үлэ чэрчитинэн П.П. Федорова боруонса бүүһэ Хабаровскай куораттан айаннаан кэлэн, балаҕан ыйын 1 күнүгэр туруоруллубута.
«Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһитэ» бочуоттаах ааты ыанньыксыт Олесова Екатерина Афанасьевна ылыан ылла. Сүөһү көрүүтүн ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик баһылаабыт буолан араас балаһыанньаттан кыайыылааҕынан тахсар түгэнэ үгүс – көһөрүллэн кэлбит сүөһү дойдубут усулуобуйатыгар үөрэнэригэр, күннээҕи араас кыра, улахан моһоллортон уопутунан, сатабылынан быһаарбыт да кэмнэрдээх. Сүрдээх сэмэй, үтүөтүнэн-өҥөтүнэн өттөйбөт, куруутун сүбэ-соргу буолар убаастанар киһи.
«Үөрэхтээһин бастыҥ үлэһитэ» буолбут Андреева Елена Михайловна уопуттаах үлэһит, аныгы олох хардыыларыттан хаалсыбакка аныгы технологиялары баһылаан, үөрэтэр оҕолоругар билии-көрүү биэрэргэ күүскэ үлэлэһэр. Төрөппүттэри кытта былааннаах үлэ ыытыллар, оҕолор эргиччи сайдалларыгар дьоҕурдарын-талааннарын көрөн араас элбэх эбии үөрэхтээһиҥҥэ, куруһуоктарга табан сырытыннарар уонна ону болҕомтоҕо илдьэ сылдьар.
«Доруобуйа харыстабылын бастыҥ үлэһитэ» дьоһун аат Иванова Анастасия Николаевнаҕа тигистэ. Кини номнуо 21 сыл ыстаастаах үрдүк үөрэхтээх эмчит буолар. Төрөөбүт-үөскээбит сириттэн харыс да хамсаабакка талбыт идэтигэр бэриниилээхтик билиитин-көрүүтүн, сатабылын биэрэн туран үлэлиир. Кини айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннаран, дириҥэтэн, кэҥэтэн дьиҥнээх эмчит буоларын нэһилиэнньэ бэлиэтиир. Дьоҥҥо куруутун тэҥ сыһыаннаах, аламаҕай санаалаах, олоххо көхтөөх. Уопсастыбаннай олохтон хаһан да туора турбат, улахан ыһыахтар кыттыылаахтара, субуотунньук буоллун, кэнсиэрдэр буоллуннар мэлдьи актыыьбынай кыттыыны ылар. Ол кини мэһэйтэн-моһолтон толлубат хотоойу санаалааҕыттан табыллар. Түөрт оҕотун дьоҕурдарын таба тайанан эбии дьарыктаан, ситиһиигэ сирдиир. Оҕолоро Хатас аатын үөрэх, спорт, ускуустуба хайысхатыгар элбэхтик ааттаталлар.
«Эбии үөрэхтээһин бастыҥ үлэһитинэн» Хатастааҕы «Ситим» айымньы дьиэтин үлэһитэ Михайлова Октябрина Семеновна буолла. Кини оҕо эрдэҕиттэн боччумнааҕынан, бииртэн биир үрдэли ылан иһэринэн уратылаах, үлэтигэр эмиэ оннук. Хас биирдии оҕоҕо болҕомтолоох, оҕо кыаҕын, талаанын, учуоттаан дьарыктыыр буолан, ситиһиилэрэ ситимнээх, кыайыылара аҕыйаҕа суох.
«Култуура бастыҥ үлэһитэ» "Тускул" КК фольклорга исписэлииһэ Колымана Васильевна Ларионова буолла. Оҕо эрдэҕиттэн култуура эйгэтигэр иитиллибит буолан үлэ ымпыгын-чымпыгын билэр. Хааччахтааһын кэмигэр ыытыллыбыт үгүс-элбэх үлэттэн саамай ситиһиилээх, киэҥ хабааннаах «Айар тыл абылаҥа», «Дьиэттэн олорон айанныыбыт» диэн тэрээһиннэри ыытыыга бэйэтин чаҕылхайдык көрдөрбүтэ, дэлэҕэ даҕаны, Бразилия туристара «а, где Колымана?» диэн ыйытыахтара дуо… «Айар тыл абылаҥа» күрэх түмүгүнэн кинигэ тахсыытыгар ыкса үлэлээн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар айар талааннаах дьон махталын ылбыта. «Память каждого» бырайыак сурукка-бичиккэ киирэн сүүһүнэн үлэ үйэтитиллиитигэр түргэн туттуунуута, үлэни былааннааһыҥҥа чуолкайа өссө төгүл көстүбүтэ. Хааччахтааһын кэмигэр куйаар нөҥүө «Тускул» КК үлэтин сырдатар инстаграмҥа страницатын үлэлэтэн, уонунан тыһыынча подписчиктанары ситиспитэ. «Тускул» КК «Олоҥхо олохпут ситимэ» бырагырааматын чыпчаала буолан күлүмүрдээбит олоҥхону туруорууга сүрүн төһүү күүс буолбут бырайыак ааптара кини буолар. Бу бырайыак норуот бүддьүөтүн кыайыылааҕа буоларыгар докумуон толоруута, бырайыагы кумааҕыга тиһии үрдүк таһымнааҕа оруолу оонньообута.
«Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору кытта үлэҕэ бастыҥ» Никифорова Анна Семеновна буолла. Талбыт идэтигэр 45 сыл илиитин араарбакка үлэлээн 10 выпустаах. Уруккуга олорон хаалбакка аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр эбии үөрэхтэри үөрэнэн, онно уопутун эбэн, билиилээх, сатабыллаах исписэлиис буоларын аттестационнай хамыыhыйаҕа, үгүс элбэх НПК оскуола киириэн иннинээҕи оҕолору кытта үлэ салаатыгар эксперт быһыытынан үлэлиирэ дакаастыыр. Үлэтин уопутун, саҥа билиилэри түмэн, оҕо чөл туругар туһуламмыт, өркөн өйүн сытыылыырга анаммыт методикалар ааптардара.
«Өҥөнү оҥорор сфера бастыҥ үлэһитэ» - Винокурова Туйаара Андреевна Хатастааҕы УГРС АУо «Сахатранснефтегаз» Хатастааҕы ЭГУ кассира. Кини сүрүн үлэтин таһынан анал бырагыраамалар үлэҕэ киириилэригэр тус кылаата элбэх. 2022 сылга ыалга күөх төлөнү киллэриигэ саҥа бырагыраама олоххо киириитигэр күүскэ үлэлэһэн (докумуон толоруутугар, хас биирдии ыалы кытта туһуламмыт үлэҕэ) тэрилтэ үлэтин уопсай көрдөрүүтэ биллэ үрдээбитигэр өҥөтүн салалтата үрдүктүк сыаналаата.
«Предпринимательство хайысхатыгар бастыҥ тэрилтэ» - «Кулунчук» оскуола киириэн иннинээҕи оҕолору көрүүгэ, иитиигэ-үөрэтиигэ анаммыт чааһынай тэрилтэ (сал. Баишева К.Е.). Быйылгы сыллааҕы улахан ситиһиилэринэн «Кулунчуктар» бырайыагы суруйан, докумуоннаһан 70 № Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаанын филиала буоланнар, 8 үлэһиттээхтэр, 26 оҕолоохтор. Бу үлэ хаачыстыбатын биллэ тупсарда, төрөппүттэргэ төлөбүр да өттө чэпчээтэ. Тэрилтэ кэскиллээх былааннардаах, көрүүлэрдээх.
«Сыл бастыҥ тэрилтэтэ» - 70 № Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаана, салайааччы Галина Семеновна Николаева. Хатастааҕы Кэрэчээнэ уһуйаан 2022 сыллаах ситиһииилэрэ манныктар:
1. Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин автономиятын 100 сылыгар Россия норуоттарын культураҕа нэһилиэстибэтин сылыгар аналлаах “Наше наследие” тэрилтэлэр икки ыккардыларыгар курэх фестивальга – 1 миэстэ;
2. Хатас ыһыаҕын “Түһүлгэ көрүүтүн” куонкуруhугар - 1 миэстэ;
3. Дьокуускай к. норуот үөрэҕириитин салалтатын профсоюһун тэрийэр турслет күрэҕэр- 1 миэстэ;
4. Дьокуусккай куорат 390 сылыгар аналлаах” Ретро муода” күрэххэ - 1 миэстэ;
5. Хоту көһөрүү 80 сылыгар анаммыт НПКҕа “Көһөрүү оҕо дьылҕатыгар” диэн бэйэбит устубут кылгас киинэ - 1 миэстэ;
6. Үлэ уопутун көрдөрөр элбэх семинардары, төгүрүк остуоллары детсад иһинэн ыыттылар: “Ийэ тылынан иитии” куорат сахалыы группалаах уһуйааннарыгар анаан семинар. Саха тылын уонна литературатын 2-с ѳрѳспүүбүлүкэтээҕи съеһин делегатынан Галина Семеновна Николаева буолла. “Кэрэчээнэ» уһуйаан съезд кыттыылаахтарыгар сахалыы иитэр үлэтин билиһиннэриигэ “Төрүт эйгэни олохтооһун» аһаҕас күнү ыытта. “Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго саха тылынан үөрэтии концепциятын” оҥорууга хамыыhыйа састаабыгар киирэн үлэлээтилэр.
7. «Олоҥхо түһүлгэтэ» күрэх. Хатастааҕы "Кэрэчээнэ" оҕо саадын көҕүлээһининэн сэтинньи 30 күнүгэр буолан ааста. Дьокуускай аҕыс уһуйааннарыттан кэлэннэр олоҥхо түһүлгэтин төрүттээтилэр. Иитээччилэр уонна педагогтар иитиллээччилэрин кытары олоҥхону толорууга, көрдөрүүгэ кытыннылар. Барыта 208 кыттааччы баар. Бу күрэх олоҥхону толорууга уһуйааччы уонна иитиллээччи ситимнэрин көрдөрүү, олоҥхону толорууга көҕүлээһин буолар.
8. Иитээччилэр улахан куонкурустарга, НПК ларга кыттан араас үлэлэрэ методическай үлэҕэ ыстатыйа буолан таҕыстылар. Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор олус көхтөөхтөр, куруутун инники күөҥҥэ сылдьаллар.
«Бастыҥ уопсастыбанньык» - Жирков Руслан Иннокентьевич —чөл, чэгиэн олох иһин үлэтэ хас эмит уонунан сылга тохтоло суох барар. Саахымат, дуобат кулуубун иилээн-саҕалаан ыытыы, волейбол диэтиҥ да хараххар маҥнай көстөр дьонтон биирдэстэрэ, бэтэрээннэр спартакиадаларыгар хамаанда тэриниигэ эмиэ кини инники күѳңңэ сылдьар.
«Талаан» диэн номинацияҕа Хатаспыт нэһилиэгин бастакы СӨ норуотун маастара Саввина Людмила Степановна буолла. Хатаспыт аатын Арассыыйа таһымыгар тиийэ дорҕоонноохтук ааттаппыт үтүѳлээх. Ону таһынан кини быйыл тэриллибитэ 70 сыла буолбут Хатастааҕы участковай балыыһа историятыгар чаҕылхай суолу хаалларбыт ытыктанар киһинэн биллэр. Быйыл «Олоҕум суолун оһуордара» диэн дэгиттэр киһибит туһунан кинигэ таҕыста.
«Ситиһии формулата» - 7 № спортивнай оскуола хайыһарга тренерэ Матаннанов Константин Константинович буолла. Сүрүн үлэтигэр ситиһиилэрин ааһан тус бэйэтэ дэгиттэр спортсмен буолан, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах билисипиэт спордун федерациятыгар, хайыһарга бэтэрээннэр сборнай хамаандаларыгар баар, Хотугу многоборьеҕа Дьокуускай куорат интэриэһин көмүскүүр.
«Идэҕэ бэриниилээх буолуу» - Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын балалайкаҕа, гитараҕа кылаастарга уһуйааччы Иванова Ньургуйаана Кирилловна буолла. Кини көҕүлээһининэн араас кылаастарга үөрэнэр оҕолор биир ансаамбылга оонньооннор, бэйэ-бэйэлэрин ситэрэн-хоторон биэрэллэр. «Вдохновение» диэн ааттаах бу оскуола уһуйааччыларын оркестра кини салайыытынан нэһилиэк култуурунай олоҕор көхтөөхтүк кыттар – кэнсиэрдэргэ, испэктээктэргэ уо.д.а. Быйылгы ситиhиилэрин биир үрдүк чыпчаала — кэлэктиип Ходулов аат. норуот театра ыыппыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах көрүүгэ бастыҥ испэктээккэ «Музыкальнай доҕуһуол» диэн анал ааты ылбыта буолар.
«Махтал» номинация И.Д. Панаев аатынан библиотека библиотекарыгар Алексеева Эжанна Николаевнаҕа иҥэрилиннэ. Эйэҕэс-сайаҕас үтүѳ үлэhит ааҕааччы ахсаана элбииригэр Хатас тэрилтэлэрин кытта таһаарыылаахтык үлэлиир.
«Үтүө сүрэх» - «Техас» такси сулууспатын салайааччыта, элбэх оҕолоох ийэ, сатабыллаах салайааччы, үтүө майгылаах, аhыныгас сүрэхтээх Никифорова Анастасия Аркадьевна буолла. Хара маҥнай тэриллиэҕиттэн социальнай хайысхалаах көмөлөртөн саҕалаабыта – элбэх оҕолоохторго, пенсионердарга 10% чэпчэтиини олохтообута, акцияларга кыттан босхо да таспыт түгэнэ аҕыйаҕа суох, сылын аайы доруобуйатынан хааччахтаах оҕолорго бэлэхтэри бэлэмниир, быйыл уон оҕоҕо минньигэс кэмпиэттэри таһынан оонньуур бэлэхтээтэ. Сулууспатыгар үлэлиир дьонун кытта куруутун иллээхтэр-эйэлээхтэр, өйдөһөллөр, өйөһөллөр.
Салгыы баһылык быйыл 75 сааһын туолбут убаастанар киһибитигэр, нэһилиэкпит патриотугар, үлэни-хамнаһы өрө туппут, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Окороков Спартак Константиновичка Дьокуускай куорат 390 сылыгар анаммыт түөскэ кэтэр бэлиэни туттарда.
Тарбаҕар талааннаах үтүөкэн дьоммут А.Терентьев, А.Малышев Симэх галерея аатыттан махтал суруктары туттулар.
Хатаспытын сырдаппыт сылы быһа бииргэ буолбут хаһыаттарбытыгар (Киин Куорат, Ил Түмэн), информационнай сулууспаларбытыгар (СИА) махтал суруктары туттартаата.
Дьэ уонна алгыһынан ааспыт сылбыт сонунун түмүктүөххэйиҥ.
Тургутуу кэмигэр тулуйбахтаһарга
Сэргиир сэгэрдэрдээх,
Кэрэхсиир кэккэлэһэ сылдьар дьонноох,
Тоҥолохтон тутуһар доҕордоох,
Алтыһар аламаҕай аймахтардаах,
Ылсар-бэрсэр ылбаҕай ыаллардаах,
Ѳй-санаа эбинэр өркөн өйдөөх үөлээннээхтэрдээх буолуоххайыҥ!
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0