Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Өрөспүүбүлүкэбитигэр уопсастыбаны уонна былааһы ситимниир сүрүн тэрилтэнэн СӨ Уопсастыбаннай палаатата буолар. Палаата чилиэннэрэ уонна хамыыһыйалара нэһилиэнньэни кытта үгүстүк көрсөн, үөскээбит боппуруостары, кыһалҕалары кэмигэр, миэстэтигэр быһаарсан хорутуулаахтык үлэлииллэр. Бүгүн СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валентина Кириллинаны, СӨ Уопсастыбаннай палаататын Тыа сирин, агропромышленнай комплекс сайдыытыгар уонна олохтоох бэйэни салайыныыга хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Сюльскайы уонна РФ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнин Лена Ефремованы кытта сэһэргэһиибитин таһаарабыт.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр уопсастыбаны уонна былааһы ситимниир сүрүн тэрилтэнэн СӨ Уопсастыбаннай палаатата буолар. Палаата чилиэннэрэ уонна хамыыһыйалара нэһилиэнньэни кытта үгүстүк көрсөн, үөскээбит боппуруостары, кыһалҕалары кэмигэр, миэстэтигэр быһаарсан хорутуулаахтык үлэлииллэр. Бүгүн СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валентина Кириллинаны, СӨ Уопсастыбаннай палаататын Тыа сирин, агропромышленнай комплекс сайдыытыгар уонна олохтоох бэйэни салайыныыга хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Сюльскайы уонна РФ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнин Лена Ефремованы кытта сэһэргэһиибитин таһаарабыт.

00d77a0e f151 4b2d 9dc8 65d0e279d98b

Валентина Кириллина, СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: - Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, 2005 сыллаахха дойдубутугар аан бастаан уопсастыбаннай палаата тэриллибитэ. Оччолорго, чахчы да, сүрдээх улахан суолталаах тэрээһин этэ. Дойду бүттүүн сайдыытыгар уопсастыба уонна былаас икки ардыгар быстыспат ситими олохтуурга, нэһилиэнньэҕэ үөскээбит кыһалҕалары быһаарсарга уопсастыбаннай палаата үлэлиир.

42ca845a 41d5 439c 829e e1a30c4b612c

Саха Сиригэр Уопсастыбаннай палаата 2011 сыллаахха тэриллэн, күн бүгүнүгэр диэри ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу кэмтэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэбитигэр палаата нэһилиэнньэ бэйэтин санаатын этинэригэр, тирээн турар кыһалҕаларын туруорсарыгар улахан түһүлгэни тэрийэр. Палаата бастакы бэрэссэдээтэлинэн Василий Николаевич Иванов талыллан олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Оччолорго нэһилиэнньэ өттүттэн сүрдээх улахан интэриэс баара. Уопсайынан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр гражданскай уопсастыба сайдыытыгар үлэлиир улахан суолталаах уопсастыбаннай тэрилтэлэр элбэхтэр уонна маассабайдар этилэр. Холобур, уопсастыбаннай тэрилтэлэр нэһилиэнньэни бүттүүн хабан үлэлииллэрэ.

edb4a9d3 c284 453b 814a 3cc4115190dd

Ааспыт уон үс сыл устата СӨ Уопсастыбаннай палаатата сүрдээх элбэх үлэни ыытта. Ол курдук, үөскээбит уустук балаһыанньаҕа уонна нэһилиэнньэттэн киирэр боппуруостарга олоҕуран араас көрсүһүүлэр, төгүрүк остуоллар, аһаҕас истиилэр, уо.д.а. көрүҥүнэн барытынан тэрээһиннэр, мунньахтар ыытылыннылар. Уопсастыбаннас өттүттэн киирэр ыйытыктарга уопсастыбаннай палаата өйөөн, араас экспиэрдэри ыҥыран, үрдүкү былааһы, муниципальнай тэриллиилэри кытта бииргэ үлэлээн, мин санаабар, нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар дьайар элбэх боппуруостары быһаарда.

1b35e9fe af28 4c9e a2e9 9f9e0ccceefe

Ону таһынан, 2012 сылтан саҕалаан араас хабааннаах гражданскай пуорумнары тэрийэн үлэлэтэр. Бу сыллар усталарыгар уопсастыбаннай палаата көҕүлээһининэн, эрэгийиэннэр икки ардыларыгар үгүс пуорумнары ыыттыбыт. Холобур, 2014 сыллаахха Нерюнгрига буолан ааспыт «Южная Якутия. Перспективы и проблемы развития» пуорум сүрдээх тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. 2017 сылтан гражданскай пуорумнар аҥардас кэпсэтии эрэ быһыытынан буолбакка, былаас уонна уопсастыба бииргэ үлэлээһин боппуруостарын быһаарсыбыта. Ол түмүгэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев 2018 с. муус устар 2 күнүттэн «Гражданскай активистар» күннэрин олохтуур туһунан ыйаах таһаарбыта. Ити сылга ыытыллыбыт гражданскай пуорумҥа олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар күүскэ үлэлэспиппит. Манна олохтоох түөлбэлэр уонна кинилэр үлэлэрин суолтата болҕомтоҕо ылыллан, тустаах өйөбүлү ылбыта.

Онон ааспыт 13 сыл устата СӨ Уопсастыбаннай палаатата нэһилиэнньэ олоҕор үтүө дьайыылаах, элбэх суолталаах боппуруостары быһаарсан үлэлээн кэллэ. Уопсастыбаннай палаатаҕа билигин 66 киһи чилиэн быһыытынан киирэр. Олортон 22 киһини өрөспүүбүлүкэ баһылыга аныыр, онтон үс гыммыт биирин Ил Түмэн дьокутааттара талаллар. Билигин Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлинэн Николай Дмитриевич Бугаев үлэлиир. Палаата 12 хамыыһыйалаах. Бу хамыыһыйалары Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕар сүбэлэһэн, ханнык хайысхаҕа олоҕуран үлэбитин тэрийдэхпитинэ, өрөспүүбүлүкэ бары хайысхаҕа сайдыытыгар баар боппуруостары быһаарсар кыахтаныахпытый диэн толкуйтан оҥоһуллубута. Палаата сүрүн быһаарар, улахан боппуруостарга дьүүллэһэр былаһааккабытынан пленарнай мунньах буолар. Бу мунньах сылга иккитэ ыытыллар. Пленарнай мунньахтар икки ардыларыгар палаата үлэтин салайарга Сэбиэт тэриллибитэ. Бу Сэбиэккэ бэрэссэдээтэл, бэрэссэдээтэли солбуйааччылар уонна уон икки хамыыһыйа бэрэссэдээтэллэрэ киирэллэр. Сэбиэт палаататын үлэтин былааннааһынтан саҕалаан, экспертнэй хамыыһыйалары тэрийиигэ, регламеҥҥа олоҕуран ирдэбиллэри туруорууга, о.д.а. боппуруостарга үлэлэһэр. 2022 сылга СӨ Уопсастыбаннай палаатата, чуолаан, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕириигэ, култуураҕа, экэниэмикэҕэ, бырамыысыланнаска, тутууга үгүс үлэни ыытта диэн бэлиэтиибин. Бу ааспыт сылга араас таһымнаах быыбардар буолан аастылар. Манна палаата уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэри үөрэтэн, быыбар ыраастык, чиэһинэйдик ыытылларын хааччыйда. Былырыыҥҥы уонна кэлиҥҥи сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, өрөспүүбүлүкэбитигэр турбут ойуур баһаардарын, халаан уутун бохсор боппуруостарга уонна дойдубутугар буола турар анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр сүрдээх элбэх тэрээһин үлэтэ палаата иһинэн ыытылынна.

Саҥа үүммүт 2023 сылга, бастатан туран, Арассыыйаҕа биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, Ил Дархан Айсен Николаев биллэрбит Саха Сиригэр Үлэ сылыгар олоҕуран, бары хамыыһыйалар бэйэлэрин хайысхаларын көрөн, манна үөскээбит боппуруостарга болҕомтолорун ууран, былааһы кытта бииргэ дьүүллэһэн үлэлэһиэхпит. Мин санаабар, гражданскай уопсастыба сайдыытыгар улахан болҕомто уонна өйөбүл күүһүрдэ. Ити барыта өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдыытыгар биир санаанан салайтаран үлэлии сылдьарбыт туоһута буолар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр уопсастыбаны уонна былааһы ситимниир сүрүн тэрилтэнэн СӨ Уопсастыбаннай палаатата буолар. Палаата чилиэннэрэ уонна хамыыһыйалара нэһилиэнньэни кытта үгүстүк көрсөн, үөскээбит боппуруостары, кыһалҕалары кэмигэр, миэстэтигэр быһаарсан хорутуулаахтык үлэлииллэр.

Лена Ефремова, РФ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ: - Арассыыйатааҕы Уопсастыбаннай палаата сэттис састаабыгар талыллыбытым. Болдьоҕунан палаата чилиэннэрэ үс сыл устата үлэлииллэр. Палаата састаабыгар дойду 85 субъегын уопсастыбаннай палааталарыттан, ону таһынан РФ Бэрэсидьиэнин тус испииһэгинэн уонна биллэр улахан уопсастыбаннай түмсүүлэриттэн эмиэ киирэллэр. Мин өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палаататыттан талыллан киирбитим. Билигин РФ Уопсастыбаннай палаататын Демография, оҕо уонна дьиэ кэргэн көмүскэлин, төрүт сыаннастарын хамыыһыйатыгар үлэлиибин. Маны таһынан, инклюзив хамыыһыйатыгар баарбын (комиссия по доступной среде и развитию инклюзивных практик). Бу үс сыл устата хамыыһыйалар иһинээҕи былааннаммыт үлэлэринэн уонна дойду палаатата бигэргэппит күннээҕи бэбиэскэтинэн үлэлээн кэллим.

b1256f44 4581 4a20 940a 1d626cf7e779

Үлэм биир сүрүн сыала - Саха Сирин дойду таһымыгар таһаарыыга, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быраактыкалары тарҕатыы. Тус бэйэм көҕүлээһимминэн, палаата иһинэн төгүрүк остуоллар тэриллэн ыытыллыбыттара: «Информационная безопасность детей и родителей в сети Интернет», «Развитие инклюзивного образования в России – опыт, проблемы, перспективы»; «Это вам не игрушки!» (Безопасность детства); «Российская семья – от многообразия к самоидентичности» фотобыыстапка уонна төгүрүк остуол. Маны таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уопсастыбаннай палаататын бэрэсэдээтэлин солбуйааччыта буолабын. Сыл ахсын биһиги гражданскай пуорум тэрийэн ыытабыт. Онно уопсастыбаҕа билиҥҥи туругунан тирээн турар боппуруостары ырытабыт, былаас нэһилиэнньэ туруорсар бопуруостарын көрөн-истэн, кэпсэтэн-ипсэтэн Саха Сирин сайдыытыгар үлэлиибит. Инньэ гынан, «Лига женщин города Якутска» - «За будущее России – современные вызовы и консолидация регионов» диэн эригийиэннэр икки ардыларыгар гражданскай пуорум тэрийэн турардаахпыт. Ол пуоруммут оҕо уонна дьиэ кэргэн сайдыытыгар, оҕо аймах уон сылыгар анаммыта. Тэрээһиҥҥэ Саха Сирин эрэ буолбакка, Уһук Илинтэн, о.д.а. эрэгийиэннэртэн кыттыбыттара. Пуорум иһинэн оҕолор пуорумнара «Десятилетие детства глазами детей – Наше десятилетие» ыытыллыбыта. Ол чэрчитинэн, Ил Дархан А.С. Николаев «Мы – будущее России» диэн уурааҕы таһаарбыта. Саха Сирэ эдэр ыччаты патриотическай иитиигэ инники сылдьар дии саныыбын.

dfc73c76 2a02 41d0 a668 3a802ab7c965

Былырыын РФ Уопсастыбаннай палаатата федеральнай таһымнаах уокуруктарынан пуорумнары ыыппыта. Бу тэрээһиҥҥэ мин спикер уонна экспиэр быһыытынан кыттыбытым. Демография, дьиэ кэргэн боппуруостарын ырыппыппыт, туруорсубуппут. Пуорум түмүгүнэн, инники сайдыыга туһуламмыт былааска этии киллэрбиппит. Холобур, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ социальнай өйөбүллэр, уопсастыба духуобунай сайдыыта, анал байыаннай дьайыы кэмигэр көмө оҥоруу, экэнэмиичэскэй сааҥсыйа кэмигэр дойдубут араас хайысханан үлэлиир тэрилтэлэри өйөөһүн, сайыннарыы буолбута.

87940fe1 4eed 4537 9104 45fd926c5348

2022 сыл түмүгүнэн РФ Уопсастыбаннай палаататын бүтэһик пленарнай мунньаҕа ыытыллыбыта. Онно гражданскай уопсастыба инники сайдыытын, соруктарын ырыппыппыт. Хамыыһыйа иһинэн үлэҕэ, тыа сиригэр олорор элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыбаннай бырагыраама, саҥа өйөбүллэр, билим өттүттэн дьиэ кэргэн институтун ырытыы, сайыннарыы баар буолуохтаахтар диэн этиилэри киллэрбитим. Ол барыта дойду демографиятын сайдыытыгар туһуланар. Инники да өттүгэр дойду уонна Саха Сирин сайдыытыгар эҥкилэ суох үлэлиир былааннаахпын. Бары бииргэ түмсэммит, ыарахан да кэмнэр буолбуттарын иһин салгыы өссө күүскэ үлэлиэхпитин наада дии саныыбын уонна итэҕэйэбин.

e5eda8d9 34ba 49c2 83cd e81f5ef2aabd

Сергей Сюльскай, СӨ Уопсастыбаннай палаататын Тыа сирэ, агропромышленнай комплекс сайдыытыгар уонна олохтоох бэйэни салайыныыга хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ: - Ааспыт сылга палаата чилиэннэрэ 140 уопсастыбаннай истиилэргэ, төгүрүк остуолларга, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай уорганнар, кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр ыыппыт мунньахтарыгар кыттыыны ылбыттара. Маны таһынан, араас хабааннаах сэминээрдэри, гражданскай пуорумнары, пленарнай мунньахтары тэрийэн ыыттыбыт, 105 федеральнай, 104 региональнай таһымҥа ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ уонна 74-тэ муниципальнай улуустарга командировкаҕа сырыттыбыт. Манна барытыгар СӨ Уопсастыбаннай палаатата бэйэтин санаатын аһаҕастык тиэртэ, нэһилиэнньэттэн киирбит боппуруостары быһаарсыыга ыкса үлэлэстэ диэн бэлиэтиибин.

4aa2f1e4 ba35 4d54 bee5 5804bb571722

Палаата биир сүрүн соругунан олохтоох дьон, уопсастыба санаатын өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, парламеҥҥа тиэрдии буолар. Ааспыт сылларга ойуур баһаарын, халаан уутун бохсууга уонна дойду үрдүнэн ыытылла турар анал байыаннай эпэрээссийэ тэрээһиннэригэр, билигин да ааспакка сылдьар хамсык дьаҥын бохсууга палаата көхтөөх кыттыыны ылан, боппуруостар быһаарыллалларыгар уонна нэһилиэнньэ сөптөөхтүк өйдөөн-санаан ылынарыгар үлэлэспитэ уонна үлэлэһэ да сылдьар диэн бэлиэтиибин. Бэйэм тыа сирин, агропромышленнай комплекс сайдыытыгар уонна олохтоох бэйэни салайыныыга хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ буоларым быһыытынан, ордук улуустарга олорор нэһилиэнньэ туруорсар боппуруостарыгар болҕомтобун уурабын. Эппитим курдук, ааспыт сылларга турбут ойуур баһаара, ону тэҥэ халаан уута тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар улахан уустуктары таһаара сырытта.

Тус бэйэм санаабар, манна былаас, бырабыыталыстыба, министиэристибэ да өттүлэриттэн кэмигэр сөптөөх үлэлэр ыытыллыннылар, өйөбүллэр оҥоһулуннулар. Маннык, араас айылҕа алдьархайдара, аан дойду үрдүнэн бүттүүн сылыйыыта да буоллун, өрөспүүбүлүкэ салалтата сөптөөх быһаарыыны ылынан үлэлии-хамсыы сылдьара, инникитин үлэ өссө тэтимнээхтик ылсарыгар төһүү буолар. Ол курдук, быйылгы сылга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 14 млрд. солк. көрүллүбүтэ да туоһулуур дии саныыбын. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дойду үрдүнэн сылгы иитиитигэр бастакы, таба иитиитигэр иккис миэстэҕэ сылдьар. Бу барыта тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьон эҥкилэ суох, чиэһинэй үлэтиттэн тахсыбыт көрдөрүүлэр. Арҕааҥҥы дойдулар олохтообут сааҥсыйларын кэмигэр, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга сыраларын-сылбаларын ууран туран, туох баалларынан үлэлииллэр. Ол инниттэн кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Холобур, билигин бэйэни хааччынан олоруу өрөспүүбүлүкэбитигэр көрдөрүүлэринэн эккэ 26,5 %, үүккэ 56,4 %, сымыыт 62 %, хортуоскаҕа 52,1 %, оҕуруот аһынан хааччыллыыга 37,4 % тэҥ. 2024 сылга диэри бу көрдөрүүлэри эти - 4,3 %, үүтү - 2,7 %, куурусса сымыытын - 6,3 % элбэтэргэ сорук турар.

090cb897 a113 486e b422 625e99a4a493

Бу көрдөрүү туоларыгар барыбытыттан күүстээх, дьаныардаах үлэ ирдэннэҕинэ, ситиһиэх тустаахпыт. Тыа хаһаайыстыбата уонна билим биһиги тыйыс усулуобуйатыгар ордук суолталаахтар. Бу өттүгэр ааспыт сылга Леонид Владимиров салайыытынан мунньах ыытыллыбыта. Манна биир сүрүн боппуруоһунан тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар билим суолтатын туһунан этии турбута. Билиҥҥитэ тыа хаһаайыстыбата уонна билим тус туһунан үлэлииллэр. Бу мунньахха тыа хаһаайыстыбатын уонна билим салаалара биир өйүнэн-санаанан үлэлииллэригэр СӨ Уопсастыбаннай палаатата этии киллэрбитэ. Холобур, биир уонна элбэх сыллаах оттору үүннэриигэ, сир оҥоруутугар, чөлүгэр түһэриигэ, учуонайдар уопуттарын олоххо киллэриигэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ыкса үлэлэһиэхтэрин наада.

Хоту улуустар сайдыыларыгар болҕомтобутун эмиэ күүскэ уурабыт. Сыана бэлиитикэтэ сөптөөхтүк ыытылларыгар, салгынынан, сиринэн айан сырыы уонна сибээс тупсарыгар элбэх кэпсэтиилэри, этиилэри киллэрсэбит. Билигин аныгы сибээс сайдыбыт кэмигэр араас гранынан куонкурустар интэриниэт нөҥүө ыытыллаллар.

Манна Уһук Хоту дойду улуустара сибээстэрэ суоҕуттан арыыланан хаалар түгэннэрэ эмиэ баар. Мин итини «Цифровое неравенсто» диэн сыаналыыбын уонна боппуруос быһаарылларыгар уопсастыбаннай палаата аатыттан элбэхтэ туруорустубут. СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Иван Иванович Горохов араас таһымнаах мунньахтарга туруорсуутунан, кыһыҥҥы айан суола федеральнай сокуоҥҥа киирэн эрэр. Өскө бу олоххо киирдэҕинэ, Уһук Хоту ыраах сытар нэһилиэктэргэ тиийэр кыһыҥҥы суоллары көрүү-истии федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр буолуоҕа.

Билиҥҥитэ бу суоллары эрэгийиэн бэйэтин кыаҕынан көрөр-истэр. Хоту суоллар үксэ «широтнай» эрэ хайысханан, ол эбэтэр арҕааттан илин диэки тутуллан үлэлииллэр. Бу экэнэмиичэскэй өттүнэн охсуулаах. Манна «меридиальнай» хайысханан суоллары тутуу үлэтэ барыан наада дии саныыбын (Корр.: былырыын Абый улууһугар Орто Халыматтан Владимир Малашкин диэн урбаанньыт 100 эдэр сылгыны бэйэлэринэн хаамтаран аҕалбытын туһунан суруйан турабын. Онно сылгыһыт уолаттар сирэ налыытын, чугаһын, инникитин Халыма уонна Индигир өрүстэрин икки ардыларыгар суол тутуллара буоллар экэнэмиичэскэй, демографическай да өттүнэн барыстаах буолуон сөбүн туһунан санааларын эппиттэрэ). Манна инникитин сөптөөх бырайыактар оҥоһуллан, инникитин олоххо киирдэхтэринэ олохтоох да дьон олоҕо тупсуо этэ дии саныыбын.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением