Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Ил Түмэн дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕо аймахха сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова ВКС нөҥүө нэһилиэнньэлиин көрүстэ. Парламентарийга 8 киһи быһа сибээскэ тахсан, кыһалҕатын кэпсээтэ, мунаахсыйар боппуруостарыгар хоруй ыллылар.

Ил Түмэн дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕо аймахха сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова ВКС нөҥүө нэһилиэнньэлиин көрүстэ. Парламентарийга 8 киһи быһа сибээскэ тахсан, кыһалҕатын кэпсээтэ, мунаахсыйар боппуруостарыгар хоруй ыллылар.

Мииринэйгэ доруобуйаларынан хааччахтаахтар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Ирина Хлебодарова оройуоннарыгар хаһан саҥа төрүүр дьиэ тутулларын ыйыталаста. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥилэрэ кыһыҥҥы томороон тымныыларга сылааһа нуормаҕа сөп түбэспэт үһү.

Ил Дархан Айсен Николаев 2021 сыл от ыйын 26 күнүгэр бигэргэппит 1991 №-дээх ыйааҕынан, Мииринэйдээҕи киин балыыһа төрөтөр салаата «2021-2025 сылларга СӨ доруобуйаҕа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардыы» диэн эрэгийиэннээҕи бырагыраамаҕа хабыллыбыта. Онон хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа. Онуоха 40 709 530 солкуобай көрүллүөхтээх, – диэн быһаарда Алена Николаевна.

Безымянный 10

Ирина Хлебодарова доруобуйатынан хааччахтаах оҕону көрөргө «больничнайы» биэрии бэрээдэгин, итиэннэ реестргэ киирии тустаах кодун чопчуласта.

Доруобуйатынан хааччахтаах оҕону көрөрүнэн сатаан үлэлээбэт төрөппүккэ эбэтэр иитэр, көрөр киһитигэр «больничнайы» быраас эрэ биэрэр. РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 2016 сыл атырдьах ыйын 23 күнүнээҕи 625н №-дээх, итиэннэ 2020 сыл балаҕан ыйын 1-кы күнүнээҕи 925н №-дээх бирикээстэригэр олоҕуран, быраас бастаан экспертиза ыытан, быстах кэмҥэ сатаан үлэлээбэтин быһааран баран, дьэ, онтон «больничнайы» толоруохтаах. Итиэннэ сатаан үлэлээбэтин туһунан лииһи толороругар «причина нетрудноспособности» диэҥҥэ кодун «13» диэхтээх, ол эбэтэр «ребенок-инвалид» диэн. Ону бэйэтэ илиитинэн суруйуохтаах. Быраас толорбут лииһэ доруобуйатынан хааччахтаах оҕо 18 сааһын туолуор диэри дьиҥнээҕинэн ааҕыллар. Оннук «больничнайы» ылбыт төрөппүт (сокуонунан көрөр, иитэр киһи) оҕоттон биир да күн арахпакка, дьиэтигэр эбэтэр балыыһаҕа эмтэнэриттэн тутулуга суох, үчүгэйдик бүөбэйдиэхтээх. Ити иһин киниэхэ босуобуйа төлөнөр. Ол харчыны РФ социальнай страховкалыыр пуондата, олохтоммут лимииккэ олоҕуран, оҕо көрөөччү счетугар түһэрэр, – диэн Алена Николаевна тустаах уоргантан ылбыт хоруйун иһитиннэрдэ.

***

Салгыы Нерюнгритааҕы доруобуйаларынан хааччахтаахтар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Нигай ДЦП диагнозтаах оҕолору соҕуруу үрдүк технологиялаах эмтэниигэ ыытар туһунан ыйыталаста.

дцп

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ этэринэн, үрдүк технологиялаах эмтэниигэ ыытыы бэрээдэгэ РФ Доруобуйа харыстабылын 2019 с. 10. 2 күнүнээҕи 824н №-дээх, итиэннэ 2020 с. 12. 23 күнүнээҕи 1363н №-дээх уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 2020 с. 05.12 күнүнээҕи 01-07/603 №-дээх бирикээстэригэр олоҕуран оҥоһуллар. Федеральнай килииникэлэргэ эмтэнэ барыыга, бастатан туран, олорор сириҥ поликлиникатыгар көрдөрүнэҕин уонна «направление» ыларгар маннык докумуоннары ситиһиэхтээххин:

— Ыарыыҥ туһунан мэдиссиинэ быыпыската. Мантыкаҥ көрдөрүммүт күҥҥүттэн ый эрэ иһигэр дьиҥнээх;

– Федеральнай суолталаах мэдиссиинэ киинигэр эмтэнэ барарыгар, бу диагноһы эмтиир ыстаат таһынааҕы кылаабынай исписэлиис илии баттааһыннаах өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинэ тэрилтэтин хамыыһыйатын боротокуолун быыпыската;

– Ыарыһах личноһын бигэргэтэр эбэтэр кинини арыаллыыр сокуоннай бэрэстэбиитэл докумуоннара;

– Ыарыһах эбэтэр кини сокуоннай бэрэстэбиитэлэ тус дааннайдарын туһаналларыгар сөбүлэҥин биэриэхтээх;

–СНИЛС;

– Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын суотугар эмтэнэрин туһунан «направление». Онно эмтиир бырааһа уонна олорор сиригэр баар балыыһатын салайааччыта ыарыһах эмтэнэргэ наадыйарын бигэргэтэн илии баттаабыт буолуохтаахтар (форма 057-у).

Итини барытын хайдах барар, толорор туһунан нэһилиэнньэлээх пууҥҥут балыыһата быһаарыахтаах, эмчиттэргит арыаллыахтаахтар. Докумуоҥҥутун барытын ситиһэн бараҥҥыт, Дьокуускай куорат Курашов аатынан ууллусса 36-с дьиэтин 1-кы этээһигэр аҕалаҕыт. Чопчулаһар буоллаххытына, ыарыһаҕы өйүүр уонна арыаллыыр биир кэлим кииҥҥэ бэнидиэнньик, сэрэдэ, бээтинсэ күн 9-12 чааска диэри билсиэххитин эбэтэр 8 (41112) 31-93-47 нүөмэргэ эрийиэххитин сөп.

Татьяна Нигай доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго санаторийга эмтэнэ баралларыгар путевканан, эминэн хааччыйыы, анал эмтэнэр сириэстибэлэри ылыы туһунан ыйыталаста, итиэннэ 18 сааһын туола илик оҕолорго хоруона хамсыгын утары быһыыны биэрэллэрэ көҥүллээҕин-көҥүлэ суоҕун сураста.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин хайысхатынан санаторийга эмтэнии көрүллэр. Сайабылыанньа эрэ суруйуохтарын наада. Эмтэниигэ «направлениены» тыынар, ас буһарар уорганнара ыарытыйар, уйулҕаларыгар, ньиэрбэлэригэр кэһиллиилээх, диабеттаах, хамсанар аппарааттара мөлтөх 4-18 саастаах оҕолор ылыахтарын сөп.

Оттон эмкэ сыһыаннаах ыйытыыгар хоруйдуур буоллахха, социальнай көмө 1999 с. 07. 17 күнүнээҕи 178 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, ыарыһах аккаастамматах буоллаҕына, социальнай өҥө быһыытынан оҥоһуллар. Өскөтүн федеральнай бүддьүөт суотуттан көрүллэр эмтэн харчы туһатыгар аккаастаммыт буоллаҕына, РФ Биэнсийэ пуондатыгар тиийэн, судаарыстыбаннай социальнай көмөнү ылыыга быраабын төнүннэрэр.

Оҕолорго быһыыны биэрии туһунан этэр буоллахха, өскөтүн ханнык баҕарар киһи (оҕотуттан, сааһын сиппит киһититтэн тутулуга суох) быһыы ыларга доруобуйата эппиэттээбэт буоллаҕына, «медотвод» оҥотторуон сөп.

Итинник «медотвод» хоруона хамсыгын чэпчэки форматынан ыалдьыбыт дьоҥҥо 3 ыйга, оттон ортотук уонна ыараханнык аһардыбыттарга 6 ыйга оҥоһуллар. Маны таһынан быстах кэмҥэ итинник туоратыы хат эбэтэр эмтэрэр дьахталларга, дьарҕа (хроническай), сыстыганнаах, хаан ыарыылаахтарга, искэннээхтэргэ бэриллэр. Хоруона хамсыгын утары быһыыттан болдьоҕо суох букатыннаах «медотводу» мөлтөх иммунитеттаахтар, улахан аллергиялаахтар, бастакы быһыыларыгар күүскэ (40°С үөһэ) температуралаабыттар ылаллар. Ити СӨ Доруобуйаҕа министиэристибэтин олохтообут ирдэбиллэрэ.

***

Дьокуускайга баар доруобуйаларынан хааччахтаахтар Бүтүн Арассыыйатааҕы түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Александра Николаева төрөппүттэрэ иккиэн эбэтэр биирдэстэрэ инбэлиит дьиэ кэргэннээх оҕолорго судаарыстыбаттан туох көмө уонна чэпчэтии баарын-суоҕун, итиэннэ оҕо быһыыны ылбатах буоллаҕына, үөрэхтэн туоратыллара төһө оруннааҕын чопчуласта.

РФ Бэрэсидьиэнин «Доруобуйаларынан хааччахтаахтары судаарыстыбаттан өйүүргэ эбии миэрэлэр туһунан» диэн 1992 с. 10. 2 күнүнээҕи 1157 №-дээх ыйааҕынан (кэлин 2021 сыл от ыйын 26 күнүгэр көннөрүллүбүт) дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүттэр иккиэн эбэтэр биирдэстэрэ инбэлиит буоллаҕына, оҕолоро уһуйааҥҥа миэстэни быһа ылар, итиэннэ эмтэнэр уонна чэбдигирдэр тэрилтэлэргэ бастакы уочарат сылдьыахтарын сөп. Билиҥҥи кэмҥэ доруобуйатынан хааччахтаах төрөппүттээх үөрэнээччилэргэ социальнай көмө эбэтэр чэпчэтии федеральнай да, эрэгийиэн да таһымыгар суох.

Быһыыны ылбатах оҕолору оскуола олоҕуттан, үөрэхтэн туоратыы туһунан этэр буоллахха, 1998 сыл балаҕан ыйын 17 күнүнээҕи 157-с №-дээх федеральнай сокуон 11 ыстатыйатын 2 пуунугар олоҕурдахха, профилактикалыыр быһыыны 15 сааһын туола илик оҕоҕо төрөппүттэриттэн биирдэстэрэ эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэлэ сөбүлэһэр буоллаҕына эрэ туруораллар. Бу ыстатыйа 5-с пуунугар «доруобуйаларын туругунан быһыы ыларга көҥүллээх эрэ оҕолор ылыахтарын сөп» диэн ыйыллыбыт. Ити этиллибиттэн сылыктаатахха, быһыы ылбатах оҕону үөрэнэр быраабын хааччахтыа суохтаахтар. Ол эрээри, эбии быһаарар буоллахха, быһыы ылбатах оҕо сыстыганнаах ыарыы уодьуганныы турар эбэтэр эпидиэмийэ куттала суоһуур кэмигэр оскуолаҕа тиийэн үөрэнэрэ көҥүллэммэт, тэйиччиттэн үөрэниэн сөп. Сыстыганнаах ыарыы киэҥник тарҕаммытын, эпидиэмийэ суоһуур кутталламмытын Роспотребнадзор уорганнара эрэ быһаараллар. Онтон атын түгэннэргэ оҕо оскуолаҕа тиийэн үөрэнэрин бобуу – сокуоннайа суох быһыы. Итинник диэн СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Бу киирбит ыйытыылар түмүктэринэн ахсынньы 2 күнүгэр «Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго социальнай өйөбүл миэрэлэрэ. Быраап боппуруостарын бэрээдэктээһин» диэн тиэмэлээх «төгүрүк остуолу» тэрийэн ыытыахпыт.

ХИФУ преподавателэ Мария Ефимова дьиэ иһинээҕи күүһүлээһини утары туох үлэ ыытылларын, Александр Березкин «Доктор клоун» диэн тэрилтэтин үлэтигэр хааччахтааһынынан сылтаан кыһалҕалар үөскээбиттэрин, Василий Владимиров оскуолаҕа эбии тутуу, Розаида Гудуева оҕо уһуйааннарыгар уонна уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр аһылык хаачыстыбатын тупсарыы туһунан ыйыттылар. Бу боппуруостарын Алена Атласова бэйэтин хонтуруолугар ылла.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31