Саҥа сокуон «Аһаҕас былаас тиһигэр олохтоох бэйэни салайыныы биир кэлим бириинсиптэрин олохтооһун» диэн ааттанан, олохтоох бэйэни салайыныыны (ОБС) биир таһымнаах оҥорорго (одноуровневай), ону таһынан правовай тутуллары судургутууга туһуланар. Ол эбэтэр РФ сүрүн сокуонугар – Конституцияҕа -- аһаҕас былаас (публичная власть) биир кэлим тиһигэр тирэҕирэн, ОБС үлэтигэр тупсарыыны киллэрии буолар. Саҥа сокуон барыта 89 ыстатыйаттан турар.
Норуот уонна салалта икки арда чугаһыыр
-- Бу сокуон бырайыагынан, ОБС правовой тутулларын судургутан, эппиэттиир туһааннаах үлэлэрин чопчулааһыҥҥа туһаайыллар, - диэн саҥа бырайыак ааптардарыттан биирдэстэрэ Павел Крашенинников санаатын үллэстибитэ.
Саҥа бырайыак биир сүрүн өрүтүнэн ОБС баһылыктарын быыбарыгар киирээри турар уларыйыы буолар. Ол курдук, кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2028 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри ОБС баһылыктарын уонна дьокутааттарын быыбардааһыны тохтотоллор. Ити кэми саҥа сокуон анал 88-с №-дээх ыстатыйатыгар киллэрэн, «көһөр кэм» (переходной период) диэн сүрэхтээтилэр. Ол курдук, болдьохтоммут биэс сыл иһигэр муниципальнай уонна куорат таһымнаах уокуруктар тэриллиэхтээхтэр. Биллэн турар, маннык уларыйыылар бардылар да, сир боппуруоһа күөрэйэн тахсар. Аны сокуон биир уратытынан, өскөтүн куорат таһымнаах улуустар, холобур, Ньурба, Алдан, Нерюнгри уо.д.а. аттынааҕы нэһилиэктэрэ муниципальнай уокурук быһыытынан арахсыахтарын сөп. Ол эбэтэр Өлүөхүмэ холобуругар билигин хайыы-үйэ сорох нэһилиэктэрэ куорат уокуругугар кыттыспакка, туспа муниципальнай уокурук быһыытынан арахсан, ол өттүгэр үлэ ыытыллан эрэр.
Маны таһынан холобур быһыытынан аҕаллахха, ааспыт үйэ саҥатыгар үрэллибит Боотурускай улууһу (Амма, Чурапчы, Таатта) хаттаан сөргүтэн, иккистээн төрүттүөххэ сөп буолан тахсар. Эбэтэр Чурапчы улууһуттан Хахыйах, Мырыла уонна Мындаҕаайы арахсан: “Туспа муниципальнай уокурук буолабыт”, -- диэтэхтэринэ, үһүөн туспа баран, биир баһылыктаналлар. Хаалбыт икки нэһилиэккэ Управа диэн тэриллэр, онно ыстаарасталар ананаллар.
Маннык саҥа дьаһаныы салалта өттүттэн олохтоох нэһилиэнньэҕэ чугаһаан, табыгастаах үлэни ыытарыгар олоҕурар. Ол иһин бырабыыталыстыба өттүттэн, улууһу хас эмэ гына хайыппакка, биир муниципальнай уокурукка түмэллэрин ордорон олороллор. Саҥа сокуон бырайыагын барылын ааптардара быһааралларынан, маннык саҥа сүүрээн киирдэҕинэ, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара уонна олохтоох дьаһалта Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иннигэр эппиэтинэстэрэ күүһүрэр эбит. Атыннык эттэххэ, салалта ахсаанын аҕыйатан, хонтуруоллуурга табыгастаах буоллун диэн дьаһаммыт буолуохтарын сөп курдук көстөр. Ол эбэтэр, көннөрү тыа олохтооҕо дойдубут Бэрэсидьиэнигэр тиийиэр диэри, үрдүнэн, баара-суоҕа икки баһылыктаах буолан тахсар. Чахчы да, саҥа киирээри турар сүүрээни омос ылан көрдөххө, үрдүкү салалта уонна боростуой үлэһит киһи икки арда чугаһыырыгар тоҕоостоох. Ол гынан баран, ити сокуон олоххо киирдэҕинэ, чахчы, оннук буолуо дуо?
Улуус баһылыга муҥур ыраахтааҕы буолуо дуо?
Дьиҥэр, бу биһиэхэ саҥа сүүрээнин иһин, холобура Москуба уобалаһыгар 2014 сылтан олоххо киирэн, күн бүгүн үлэлии олорор сокуон буолар. Ол курдук, 2014 сылга диэри Москуба уобалаһыгар 378 муниципальнай тэриллии баар эбит буоллаҕына, саҥа сокуон киириэҕиттэн, барыларын бөрүү тутан, уопсайа 64 куорат уокуругун таһымнаах дьаһалталарга кубулуйбуттар.
Олохтоох бэйэни салайыныы баһылыктарын дуоһунастарын суох оҥорууну бырайыак ааптардара урукку уонна билиҥҥи баһылыктар үлэлэрин көрдөрүүлэрэ мөлтөҕүнэн төрүөттүүллэр. Сорох дьон хайыы-үйэ сокуон бу хайысхатын олус биһирээтилэр.
Инньэ гынан, муниципальнай тэриллии баһылыга улууһугар муҥур ыраахтааҕы буолара күүтүллэр. Хайатын да иһин, биһиги курдук киэҥ сирдээх-уоттаах дойдуга, биир киһи барытын быһаарара кэккэ уустуктардаах буолуо турдаҕа. Муниципальнай тэриллии баһылыга улууһун бүтүннүү толору хонтуруоллууругар көмөлөһөөччүлэрдээх буолара үлэни сатабыллаахтык ыытыыны түстүө эбитэ буолуо...
Аны, нэһилиэк баһылыга диэн дуоһунас суох буолан баран, ол оннугар ыстаараста диэн уопсастыбанньыктары киллэрэри былаанныыллар. Бу ыстараасталар син биир баһылык үлэтин толоро сылдьаллара сабаҕаланар эрээри, кинилэр муниципальнай үлэһит быһыытынан буолбакка, уопсастыбаннай төрүккэ (на общественных началах) үлэлиир буолаллар.
Үс көрүҥнээх быыбар
Саҥа сокуон ирдэбилинэн туһааннаах субъектар Аҕа баһылыктара (биһиги холобурбутугар Ил Дархан) улуус салайааччыларын бэйэлэрэ аныыр буолаллар. Оройуон баһылыга маннык ананар түгэнигэр, 5 сылга болдьохтонор. Ол эрэн, саҥа сокуон ис биэтэһинэн муниципальнай тэриллии баһылыгын талыы үс көрүҥүнэн барар эбит:
Маҥнайгыта -- олохтоох дьон быыбардааһыннарынан;
Иккис өрүтүнэн – губернатор биитэр биһиги холобурбутугар Ил Дархан анааһынынан;
Үһүс бүтэһик ньыманан – анал хамыыһыйа тэриллэн, эрэгийиэн салайааччытын кытары аҥаар-аҥаарга куоластарын ыйааһына тэҥнэһэн, баһылыгы талаллара учуоттанар.
“Бу ыйыллыбыт үс холобурга олоҕуран, хайдах быһыылаахтык баһылык быыбара барарын эрэгийиэннэр бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар” диэн сокуон ааптардара ыйаллар. Ол гынан баран, дьон, тоҕо эрэ, бары иккис өрүтүн ырыта олороллор. Ол аата, баҕар, мин билбэтим буолуо, биһиэхэ ити көрүҥ киирээри турар буолуон сөп.
Өскөтүн аны анаммыт баһылык үлэтин кыайбат буоллаҕына, субъект баһылыгыттан сэрэтии, биитэр быыгабар ылар. Тахсыбыт сэрэтиини биир ый иһинэн туораппатаҕына, үлэтиттэн ууратыллар. Үгүс дьон бу киирээри турар саҥа сокуон бырайыагын утараллар эрээри, эппитим курдук, биһириир өттүлэрэ эмиэ суох буолбатахтар. Ол курдук, Интэриниэккэ дьон санаата арааһынай буолан тахсар. Сорох дьон суруйалларынан, нэһилиэк баһылыгар кэккэ боппуруостарын быһаартара киирдэхтэринэ, баһылыктара улуус дьаһалтатыгар утаарарыттан кыһыйаллар. Атыттар, өскөтүн баһылык уонна дьокутааттар суох буолар түбэлтэлэригэр, нэһилиэк иһинээҕи тыын боппуруостары оройуон өттүттэн суолталааҕынан аахпакка, атарахсытыы тахсарыттан саллаллар.
Былыргыны былыт саппатах
Былыр өбүгэлэрбит нэһилиэк баһылыктарын хайдах талалларын санаан кэллэхпитинэ, бу киирээри турар саҥа сокуону кытары ыкса ханыылаһарын көрөн, биир бэйэм сүрдээҕин диэн соһуйабын.
Ааспыт үйэлэргэ улуус кулубата уонна нэһилиэк ыстаарасталара диэн баар буолаллара. Аны ыстаарасталар бэйэлэрин анныларынан 2-3 ыстарсынаалардаах буолаллара. Саҥа сокуон урукку көрүҥтэн уратыта диэн, баһылыктары олохтоох дьон бас-көс өттүлэрэ талаллара. Салгыы талыллыбыт баһылыкка үс сыл үлэлииригэр болдьохтоноро. Бу кэм иһигэр нэһилиэк олоҕор биллэр тупсуулар, сайдыылар киирэннэр, баһылыктара үрдүкү салалтаны кытары сатаан тапсан үлэлэһиэх курдук буоллаҕына, салгыы үлэлииригэр кыах биэрэллэрэ. Онтон өскөтүн, талбыт киһилэрэ баһылык быһыытынан сатабыла суох буолар түбэлтэтигэр, үс сыл кэннэ киһилэрин уларыталлара.
Онон, бу саҥа киирээри турар сокуону биһиги төрүт эрдэттэн атыҥырыы көрөрбүт төттөрүтүн омос буолаарай дуу? Итинник диэн санааҕа кэлэбин. Хайатын да иһин, былыр да буоллар, ааспыт суолбут буолаахтаатаҕа.
Ким утарар, ким биһириир
Эрэгийиэннэр салайааччылара муниципалитеттар баһылыктарын анааһыннара дьон санаатын эмиэ икки гына хайытта.
Чахчы даҕаны, быыбар хампаанньата суох буолуута бүддьүөккэ, дьон бириэмэтигэр быдан элбэх экэниэмийэни аҕалыа турдаҕа. Оннук дьаһанан барар түгэммитигэр, аҕыйах сылынан барыта орун-оннун булан, бииртэн-биир салайааччы кэлэн, улахан сүпсүлгэнэ суох солбуйсан иһиэхтэрэ турдаҕа.
Ол эрээри дьон сорох өттө улуус баһылыгын үөһэттэн анааһыны эмиэ утарар. Кинилэр сөпсөспөттөрө диэн, баһылык быыбара биир киһи быһаарыыта буолара сатамньыта уонна оруна суох. “Норуот салайааччытын бэйэтэ талара ордук”, -- диэн утаралларын быһаараллар.
Тохсунньу ый 11 күнүгэр Дьокуускайга буолбут улахан сугулааҥҥа Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Сардаана Авксентьева сокуон бу чааһыгар эмиэ анаан тохтуу сырытта. Ол курдук, Сардаана Владимировна эрэгийиэн салайааччыта бэйэтэ анаабыт баһылыгын үлэтин кыайбатаҕын иһин устар бырааптааҕын дьиктиргээбитин туһунан санаатын эттэ:
-- Анаммыт баһылыгы “үлэтин кыайбата” диэн ууратар, тохтотон кэбиһэр олуона соҕус быһаарыы курдук көрдүм. Үлэҕэ араас быһыы-майгы тахсара суох буолбатах. Кыаллыбат түбэлтэлэр эмиэ баар буолаллар. Анаммыт киһи суутунан биитэр атын сокуоннай өттүнэн тохтуура оруннаах. Онтон атын анаммыт болдьоҕун толору олорон үлэлиирэ ордук. Саҥа сокуон бу чааһыгар эмиэ болҕомтону ууруохха баара, -- диэн биир дойдулаахпыт мунньах кыттыылаахтарыгар туһаайан эттэ.
Сөптөөх этии
Эрдэ санаппытым курдук, саҥа сокуону дьүүллэһэр туһуттан, тохсунньу 8 күнүгэр бу тиэмэҕэ дистанционнай мунньах буолан ааста.
СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Павел Ксенофонтов, саҥа киирээри турар сокуону кытары ыкса билсэн, дойдубут араас улуустарын баһылыктарын уонна дьокутааттарын кытары санаатын үллэстэн, ырытыһа сылдьар.
Павел Валерьевич үллэстибитинэн, маҥнайгы мунньаҕы, Үөһээ Бүлүү баһылыга Владимир Поскачин көҕүлээһининэн, Горнай, Бүлүү, Ньурба, Сунтаар нэһилиэктэрин баһылыктара уонна дьокутааттара түмсэн дьүүллэспиттэр, санааларын этиммиттэр.
Мунньах кыттыылаахтара, сокуон бырайыагынан, “көһөр кэмҥэ” (2023-2028) баһылыктары талыы тохтуурунан сибээстээн, бу боппуруоска болҕомтолорун уурбуттар. Ол туһуттан Үөһээ Бүлүү улууһа 2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бары баһылыктары уонна дьокутааттары талан кэбиһэр туһунан этиини киллэрбит. Өскөтүн улуустар маннык дьаһанар түбэлтэлэригэр, саҥа талыллыбыт баһылыктар болдьохторо биэс сылга уһаан биэрэр, оччотугар саҥа бырайыакка олохтоохтук үлэлэһэллэригэр сөптөөх кэм бэриллэр.
Санатар буоллахха, сорох улуус баһылыктарын быыбара болдьохторо бүтэрэ кэллэ. Салгыы 88-с №-дээх ыстатыйаҕа олоҕуран, биэс сыл иһинэн муниципальнай тэриллиилэр суох буолан, улуустар син биир муниципальнай уокурукка көһөллөр.
Кыраныыссалары тыырааһын
Улуус сэттэ аҥы хайдан, тус-туһунан муниципальнай уокурук буолар түбэлтэтигэр, сири үллэстиигэ кэккэ уустуктар үөскээри тураллар.
Холобур, бырамыысыланнас сайдыбыт улуустарыгар сир баайыттан киирэр үп атын хайдыспыт нэһилиэктэргэ тиксибэт түбэлтэтин үөскэтэр. Улуус оннунан хааллаҕына, сирэ-уота да уларыйбат уонна үлэлээн кэлбит үгэстэринэн салгыы дьаһанан олоруохтарын сөп этэ. Ону баара сорох улуустар, биир баһылыгы утаран, туспа муниципальнай уокурук буоларга бэлэмнэрин туһунан сурах иһиллэр. Өскөтүн маннык арахсар түгэннэригэр, саҥа сокуон 10-с №-дээх ыстатыйатыгар олоҕураллар. Онно сурулларынан, «муниципальнай тэриллиилэр бас билэр сирдэрэ норуоттарын устуоруйатыгар уонна атын үгэстэригэр олоҕуран оҥоһуллар» диэн.
2003 сыллаахха 131-с №-дээх федеральнай сокуон өрөспүүбүлүкэ таһымыгар олоххо киирбитэ. Салгыы 2006 сылтан аны олохтоох нэһилиэктэр таһымнарыгар тиийэр. Бу сокуон муниципальнай тэриллиилэри тэрийбит “маҥнайгы хараҥаччынан” буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ити сокуон барыһын бастакынан өйдөөн, туспа муниципальнай тэриллии буолбут нэһилиэктэринэн Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтэ, Павловскайа, Нам улууһун Маймаҕата уонна Дьокуускай куораттан туспа барбыт Жатай куораттыы тииптээх бөһүөлэгэ буолбуттара. Холобур, Маймаҕа нэһилиэгэ, алҕаһаабат буоллахпына, нэһилиэнньэтэ 200-чэкэ киһи этэ. Саҥа сокуонунан арахсыаҕыттан, оттуур ходуһалара быдан кэҥээн, атын нэһилиэк дьоно сатаан дураһыйбат түбэлтэлэрин төрүттээбитэ. Ол курдук, бу этиллибит муниципальнай тэриллиилэр бас билэр сирдэрин докумуоҥҥа быһа киллэрэн, кыраныыссалара быһыллыбыта. Кэлин сыыйа дойдубут үгүс нэһилиэктэрэ, кинилэр холобурдарын батыһан, 131-с №-дээх ФС киирэн, эмиэ муниципальнай тэриллиилэр үөскээбиттэрэ.
Тыа сирэ тутахсыйыан сөп
Эрдэ ахтан ааспытым курдук, тохсунньу 11 күнүгэр Иван Шамаев уонна Саха кэнгириэһэ көҕүлээннэр, олохтоох бэйэни салайыныыларга киирээри турар сокуоҥҥа туһааннаах мунньах буолан ааста.
Мунньах икки көрүҥүнэн (сирэй көрсөн уонна “Зуум” нөҥүө) барда уонна уопсайа 100-тэн тахса кыттааччылаах уонна истээччилээх буолла.
Манна Ил Түмэн дьокутаата Павел Ксенофонтов, баһылыктар, дьокутааттар, уопсастыбанньыктар кыттыыны ыллылар. Маны таһынан мунньах биир улахан суолтатынан, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата, биир дойдулаахпыт Сардаана Авксентьева кыттыыны ылбыта буолла.
Кыттааччылар Сардаана Владимировнаҕа, бэйэлэрин этиилэрин киллэрэн, үрдүкү салалтаҕа быһа туруорсарын туһунан санааларын эттилэр. Дьон, сүрүннээн, киирээри турар саҥа сокуон табыгаһа суох өрүттэрин хостоһо сатаатылар.
Саҥа сокуон биир сүрүн кыһалҕатынан, нэһилиэккэ дьаһалта үлэһиттэрэ үлэтэ суох хаалар түгэннэригэр, тыа сирэ тутахсыйарын туһунан санаттылар. Холобур, билигин дьаһалта иһигэр уонча үлэһит баара биллэр. Бу дьон эмискэ үлэтэ суох хаалар түгэннэригэр, нэһилиэктэриттэн тэйэн, куорат диэки талаһыахтара турдаҕа. Ити кыһалҕаттан сылтаан, ааранан сахабыт тыла ахтыллан ааста. Өскөтүн бу дьон дойдуларыттан тэйдэхтэринэ, сыыйа сахабыт тыла айгырааһыныгар тиэрдэрин бэлиэтээтилэр. Чахчы да, саха тыла тыа сиригэр син хаалан тиниктэһэ сырыттаҕа. Ону таһынан нэһилиэккэ дьон ахсаана аҕыйаатаҕына, бу нэһилиэк, биллэн турар, сыыйа уостан, кураанахсыйан барар суолга киирэр.
Мунньах кыттыылаахтара төһө да саҥа сокуону үксүгэр утардаллар, син биир олоххо киирэрин бэркэ диэн өйдүүллэр. Ол туһуттан бу сокуону ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик үөрэтэн, өйдөөн баран, сыыһаларын көннөрөр этиилэри киллэрэр туһунан сүбэлэстилэр.
Икки таһымнаах систиэмэ ордук
Сэбиэскэй Сойуус уонна Арассыыйа учуонайа, психолог, социолог, Саха Сирин Конституциятын ааптардарыттан биирдэстэрэ Ульяна Винокурова олохтоохтор интэриэстэрин туһугар туруорсарын этэр уонна “Аһаҕас былаас тиһигэр олохтоох бэйэни салайыныы биир кэлим бириинсиптэрин олохтооһун” сокуоҥҥа маннык уларыйыылары киллэрэргэ ыйар:
--Сокуон кэнсиэпсийэтин территориальнай бириинсибин нэһилиэнньэҕэ сыһыарыы бириинсибин кытары холбуурбут ирдэнэр. Өссө улуу бөлүһүөк Н.Бердяев: «Арассыыйа сирин-уотун тайаан сытар сирэ киэҥинэн кэбириир», – диэн эппитэ. Ол туһуттан бу сокуон муниципальнай тэриллиилэр нэһилиэнньэлэрин ахсаанын сааһылыырга наадалаах эрээри, ситэтэ суоҕа адаҕалыыр. Сокуону суруйбут дьон бэйэлэрэ МТ тэрийэргэ 12 төрүөтү (84 ыст.) көрөллөрүн туһунан ахтыбыттар эрээри, ону сиһилии суруйбатахтара -- сокуоннарын бырайыагын улахан итэҕэһэ буолар.Территориальнай бириинсип ОБС уонна административнай-территориальнай тутулу силбээбит. Холобура, муниципальнай оройуоннар (улуустар) уонна нэһилиэктэр ОБС таһымнаах этилэрэ. Сокуон 4 ыст. 9 п. олоҕуран, ОБС административнай-территориальнай ахсаан быһыытынан ааҕыллыбат уонна административнай кыраныыссалара суох буолар. Оччотугар хайдах быһыылаахтык кини административнай-территориальнай уопсай тутулун уонна олохтоох территорияларын ахсаанын тус уратыларын көрүҥ быһыытынан тутан хааларый? Бу хоруй биһиги туспутугар өҕүллүөн баҕарар буоллахпытына 2 усулуобуйа баар:Ил Түмэн муниципальнай уокуруктары, олохтоох улуустар кыраныыссаларын оннунан хаалларар туһунан быһаарыныы ылыннаҕына.
Муниципальнай уокурук баһылыгын статуһун өйдөбүлүн, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үлэһит таһымнаах уонна судаарыстыбаннай былаас бэрэстэбиитэлэ диэн ситэри өйдөөтөхпүтүнэ, ыйытык үөскүүр: “Муниципальнай уокурук баһылыгын иһинэн олохтоох судаарыстыбаннай былаас уорганын тэрийэр наада буолара дуу?”
РФ Конституциятыгар олоҕурдахха, ОБС судаарыстыбаннай былаас систиэмэтигэр киирбэт. Ол эбэтэр сокуон бырайыагын бу нуормата туоруохтаах эрээри, кыһалҕа син биир онтон сүппэт. Ол иһин былыргы умнуллубут кэммитигэр төннөн, улуустар (оройуоннар) таһымнарыгар олохтоох судаарыстыбаннай былаастары тэрийиэххэ диэн этиилээхпин. Маннык конституционнай сокуон «О местных органах государственной власти в РС(Я)» биһиэхэ 1994 сыл бэс ыйын 30 күнүттэн 2003 сыл алтынньы 16 күнүгэр диэри ылыллан үлэлээн олорбута.
Иккиһинэн, оччотугар ОБС биир таһымнаах тутула поселенческай таһымын эрэ хабарыгар тиийэр. Оннук түбэлтэҕэ бу сокуон бырайыага АТУ (административно-территориальное устройство) олохсуйбут тэриллиитигэр сөп түбэһэн киирэн хаалар. Ол туһуттан бу пууну туоратарга сүбэлиибин.
Ульяна Алексеевна этэринэн, СӨ эрэгийиэн быһыытынан уратыта -- тайаан сытар сирэ-уота олус киэҥэ буолар. Саҥа сокуон бырайыагын олоххо киллэрэргэ ону учуоттаабат буолуу хайдах да сатаммат.
--Билигин биһиэхэ баар 615 нэһилиэнньэлээх пуунтан 409-һа муниципальнай тэриллиилэр буолаллар. Онтон 196 нэһилиэк МТ статуһун билигин да ыла илик. Саҥа сокуон бырайыагар олохтоох дьаһалта территориальнай уорганнарын тэрийии сыаналааһына чопчуламматах. Ол эрээри 10-с ыстатыйа 9 пуунугар «Границы городского округа, муниципального округа, как правило, устанавливаются с учетом транспортной доступности до их административных центров и обратно в течение рабочего дня для жителей всех населенных пунктов, входящих в их состав. Указанные требования в соответствии с законами субъектов Российской Федерации могут не применяться на территориях с низкой плотностью населения, а также в отдаленных и труднодоступных местностях» диэн этиллэр.
Ол туһуттан СӨ Бырабыыталыстыбата уонна Ил Түмэн бүгүҥҥү күҥҥэ МТ таһымын ыла илик уонна кинилэр административнай кииннэригэр биир үлэ күнүнэн тиийэр уонна эргиллэн кэлэр тырааныспартынай кыахтара суох 196 нэһилиэктэр испииһэктэрин бигэргэтэллэригэр. Бу бырайыак сокуона тахсыаҕыттан ити тустаах нэһилиэктэргэ МТ дьаһалтатын территориальнай уорганнарын тэрийэргэ. Оччотугар биһиги өссө «улус-наслег» таһынан эбии биир бэйэни салайыныы утаҕын төрүттүөхпүт. Бу РФ сокуону оҥорор уорганын кэмпитиэнсийэтэ буолар. Итинник дьаһаннахха, ити поселениелар салгыы сайдалларыгар уонна бэйэлэрин салайыналларыгар кыах үөскүүр. Оттон муниципальнай уорган уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай былаас бэйэтин иһинээҕи суолу-ииһи тутуунан, олохтоох нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутунан, о.д.а. хайысхаларынан дьарыктаныахтаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр маныаха маарынныыр түбэлтэ баара: оччолорго СӨ Бэрэсидьиэнэ В.А. Штыров 1734-с №-дээх «Рекомендуемая численность органов местного самоуправления Республики Саха (Якутия) для определения объемов фонда финансирования» урааҕынан нэһилиэнньэлээх пууннар биир штатнай ахсаанынан атын МТ дьаһалталарга холбоһоллорун көрбүттэрэ. Ханнык да ыстаарасталар наадата суохтар этэ.
Ульяна Алексеевна: “Саҥа сокуон син биир олоххо киирэр”, -- диэн этэр. “Ону утара олорбокко, бэйэбит туһабытыгар үлэлиирин туруорсар биһиги сыалбыт буолар”, -- диэн соруктуур. Бу иннинэ үлэлээн олорбут икки таһымнаах (двухуровневая) систиэмэ үлэтэ сыыһата суоҕун, биһиэхэ сөп түбэһэрин туһунан санатар.
Маны таһынан, дьон билигин нэһилиэк баһылыгын быыбара уурайарын истэн, ону биһириир курдук, «клановость» эҥин диэн тыллары тутталларын сүөргүлүүр. Кини: “Итинник утарсар ордук сыыһа, бэйэбит дьоммутун атаҕастыырбыт курдук көстөр”, -- диэн быһаарар.
--Үлэҕэ алҕастар син биир баар буоллар. Ону «клановость» эрэ туһуттан биир таһымнаах систиэмэҕэ киирэ сатыыртан биһиги туттунуохпутун наада. Биһиги дойдубут уопсай сайдыытын, кини инники кэскилин туһунан киэҥник саныахтаахпыт. .
Бүгүн, ол эбэтэр тохсунньу 14 күнүгэр, бу боппуруоска Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев киэҥ мунньах ыытар. Онтон тохсунньу 17 күнүгэр Ил Түмэн сиэссийэтигэр Судаарыстыбаннай Мунньах позицията ылыллан, бу күн ГосДуума кэмитиэтигэр ыытыллыахтаах. Онон, тохсунньу 26 күнүгэр Федеральнай Мунньах маҥнайгы ааҕыытыгар көрүллэр. Онуоха диэри Саха Сирэ бэйэтин усулуобуйатын туруорсар этиилэрэ киириэхтээхтэр.
Утум ЗАХАРОВ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0