БЫЫБАРДААЧЧЫЛАРГА БИЛИҺИННЭРИИ
— Руслан Михайлович, барыл[1]лаан куоластааһыҥҥа төһө элбэх хандьыдаат регистрацияланна? Барыллаан куоластааһын диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа иһинэн тэриллэр быыбар иннинээҕи куоластааһын буолар. Хандьыдааттар дьон-сэргэ, өрөспүүбүлүкэ, суда[1]арыстыба туһугар төһө көхтөөхтүк үлэлииллэрин көрдөрүөхтэрэ, тоҕо быыбарга кыталларын, тугу көннөрөөрү, тупсараары киирсэллэрин кэпсиэхтэрэ.
Барыллаан куоластааһын ыам ыйын 22-28 күннэригэр ыытыллыаҕа. Нэһилиэнньэ pg.er.ru саайка киирэн, «Госуслуги» портал нөҥүө онлайн куоластыаҕа. Хандьыдааттары регистрациялааһын кулун тутар 8 күнүттэн саҕалаан, муус устар 27 күнүгэр диэри ыытыллар. Оттон муус устар 17 күнүттэн быыбардааччылар регистрацияны ааһыахтара. И л Түмэн дьокутааттара көҕүлүүр бөлөхтөрүн тэрийэн, ким ханнык сиртэн, уокуруктан турарынан үлэлии сылдьаллар. Быыбардааччыларга билиһиннэрии, быһаарыы үлэтэ барар. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сүүстэн тахса хандьыдаат регистрацияланан, Ил Түмэҥҥэ уонна киин куорат Дууматыгар сайабылыанньатын биэрдэ. Быыбарга төрөөбүт дойдуларын сайыннарыахтарын баҕарар дьоннор кытталлар, биллэрин курдук, Ил Түмэҥҥэ 70 дьокутаат талыллыахтаах.
— Бу ылан көрдөххө, хас быыбар ахсын наар биир дьоннор дьокутаат буолаллара баар суол, оттон саҥардыы үлэтэ барыа дуо? Кулун тутар 10 күнүгэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа пуорум ыыппыппыт, онно эрэгийиэннээҕи сэкирэтээр, Ил Дархан Айсен Николаев: «Барыллаан куоластааһыҥҥа ким баҕалаах кыттар», — диэн эппитэ.
Кэнники сылларга араас салайааччы олорон, ол-бу алҕас тахсыбыт буолуон сөп, онон ньыгыллары кириитикэлии да сылдьыбыт дьон кыттыахтара. Бастатан туран, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, дьон олоҕун таһымын тупсарарга бэлэм бырайыактаах буолуохтаах. Баартыйаҕа орто сааспыт 45 буолла. Ааспыт көлүөнэ улахан үлэни ыытта, саҥа үйэҕэ саҥалыы көрүү, үлэҕэ сэргэхсийии син биир наада. Хас эрэгийиэн ахсын парламент састааба саҥардылла турар.
— Хандьыдааттартан саамай эдэрдэрэ хас саастааҕый? — 2001 с. төрөөбүт эдэр ыччат[1]тар сайаапка биэрдилэр. Сокуон быһыытынан, быыбарга 21 сааһын туолбут гражданнар кытталлар.
НЭҺИЛИЭННЬЭ ОЛОҔУН ТАҺЫМЫН ТУПСАРЫЫ
— Баартыйа быыбарга киирсэр бырагырааматыгар нэһилиэнньэ олоҕун таһымын тупсарарга ханнык сүрүн тосхоллор киирдилэр?
— Арассыыйа үрдүнэн 2,5 мөлүйүөн этии киирэн, норуот бырагыраамата оҥоһуллубута. Олох-дьаһах тэтимнээхтик сайдан иһэригэр, дьон-сэргэ көмүскэллээх буоларыгар араас эрэгийиэннэр, ол иһигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит, олохтоохторо этиилэрин киллэрбиттэрэ. Ол түмүгэр, Уһук Илиҥҥи ипотека, араас көрүҥнээх субсидия олоххо киирдэ. Сэбиэскэй кэмҥэ кыайтарбатах үгүс боппуруос быһаарыллан, Бүлүү бөлөх улуустарыгар, Чурапчыга диэри айан суола аспаалланна, уонча муоста тутулунна. Кэнэҕэс ыччакка табыгастаах олох оҥоһулунна, айанныырга бириэмэ кылгаата, сибээс тубуста. ВОЛС түргэн интэриниэт Аартыкаҕа тиийдэ, ити барыта норуот бырагыраамата.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйынааҕы 204 №-дээх ыйааҕынан нэһилиэнньэ олоҕун тупсарарга араас хайысхалаах үлэ ыытыллар. Бу үлэ тиһигин быспакка салгыы салҕана туруо.
— Нэһилиэнньэ баартыйаҕа куоластыырыгар инникитин өссө туох үлэ ыытыллыан сөбүй?
— Баартыйаны үөҕүөх-саҥарыах иннинэ туох оҥоһуллубутун, үлэ түмүгүн тэҥнээн көрүөххэ наада. «Биир ньыгыл Арассыыйа» эрэгийиэннээҕи сэкиритээрэ, Ил Дархаммыт Айсен Николаев 2018 сылтан ыыппыт үлэтэ тута киһи хараҕар көстөр: суол-иис оҥоһуллар, тутуу күүскэ ыытыллар. Хаарбах дьиэ көтүрүллэр, 100 000 кв.м. иэннээх дьон олорор дьиэтэ тутулла турар, тыа хаһаайыстыбатыгар 14 млрд. солк. үп көрүлүннэ. Айсен Николаев Ил Дархан солотугар киирэн баран, инники үлэни торумнуур 5 стратегическай суолталаах ыйааҕы таһаарбыта, үлэ-хамнас онон салайыллан кэллэ. Ол түмүгүн сыаналаабат, тэҥнээн көрбөт, сыыппараны билбэт эрээри, кураанаҕы дойҕохтуур кэрэгэй дии саныыбын. Сороҕор киэҥ эйгэҕэ олоҕо суох сурах тарҕанарыттан хомойобун. Олохпут хаачыстыбата тупсарыгар 13 национальнай бырайыакпыт уонунан сылларга салҕанан бара туруоҕа, Дьокуускай куорат сайдарыгар стратегическай ыйаах тахсыбыта. «Дьон уйгулаах олоҕо» уонна «Күүстээх Арассыыйа» диэн икки хайысханан салайтаран, норуот бы[1]рагыраамата үлэлии турар. Салгыы суол-иис оҥоһуллуоҕа, инфраструктура кэҥиэҕэ.
ХАМНАС, БИЭНСИЙЭ, ИПОТЕКА, ИННИКИ СОРУКТАР
— Билигин ас-таҥас, туттар тэрил сыаната хас да төгүл үрдээбит уустук кэмигэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин нэһилиэнньэ дьадайыытын, дохуота таҥнары түһүүтүн тохтоторго ыҥырбыта. Ыам ыйынааҕы ыйаахха хабыллыбатах, «атыттар» дэнэр категорияҕа киирэр үлэһиттэр хамнас алын кээмэйин ылаллар, ону үрдэтэргэ туох үлэ ыытылларый?
— Ити саамай долгутар боппуруоспут, намыһах хамнастаах үлэһит баҕарбытын сатаан атыы[1]ласпат кэмигэр олох хаачыстыбата тубуста диэн этэр эрдэ буолуо. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ намыһах хамнаһы орто хамнаска тэҥнииргэ улахан үлэни ыытар.
— Биһиги тымныы, тыйыс айылҕалаах дойдуга олоробут эрээри, биэнсийэҕэ тахсар сааспыт уһаата. Статистиканы ылан көрдөххө, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар саастарыгар эр дьон улахан аҥаара тиийбэт. Манна болҕомто ууруллар дуо?
— Итинник дьону хомотор хамсааһын, хомойуох иһин, тахсан турар. Биһиги билигин дириҥник хорутан үлэлиир дьокутааттары талыахтаахпыт, тэрээһиннэргэ бириис биэрэн, кылгас кэмҥэ пиарданан, аат эрэ харата үлэлиир дьон кэмэ ааста. Ил Түмэҥҥэ олоҕу тупсарарга сөптөөх сокуону көҕүлүүр, федеральнай таһымҥа сатаан кэпсэтэр, тылын-өһүн ылыннарар, хаачыстыбаҕа үлэлиир дьокутааттар тахсыахтарын наада.
— Уһук Илиҥҥи ипотека көмөтүнэн үгүс эдэр ыаллар дьиэлэннилэр эрээри, дьиэ-уот сыаната хас да төгүл ыараан, кирэдьиит төлөбүрэ эбиллэн, орто саастаах дьоҥҥо охсуулаах буолла. Сааһынан хааччах инникитин сотуллуон сөп дуо?
— Госдуумаҕа, Федерация Сэбиэтигэр Уһук Илиҥҥи ипотека усулуобуйатын 40 сааска диэри үрдэтэр туһунан кэпсэтии бара турар. Тус бэйэм, чэпчэтиилээх ипотека сааһыттан тутулуга суох нэһилиэнньэ бары араҥатыгар киирэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Дьоммут Москубаҕа, Краснодарга көһөн барбакка, дойдуларыгар астына-дуоһуйа олороллорун туһугар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. Хайа баҕарар саастаах киһи 2 %-наах ипотеканы ылан, дьиэтин-уотун тупсарар кыахтанара буоллар, дьону олохсутарга төһүү күүс буолуо этэ. Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа быраастары, учууталлары киллэрбиттэрэ, кинилэр билигин 100 000 солк. үрдүк хамнастаахтар, оттон атыттар 45 000 солк. хамнаһы ылаллар уонна ипотекаҕа 11 % төлүүллэр. Биллэн турар, бу тэҥэ суох балаһыанньа болҕомто киинигэр киириэхтээх.
— Күһүҥҥү быыбартан тугу күүтэҕитий?
— Олохпут сүрүн сыаннаһа — дьон бэйэ-бэйэҕэ сыһыана. Киһи киһини истэн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһан үлэлиэхтээх. Үлэһит дьону кытта бииргэ сылдьан, күннээҕи кыһалҕаны быһаарыахтаахпыт. Сиринэн сылдьар киһи — киһи буолар. Өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар бары бииргэ, күүспүтүн-кыахпытын түмэн үлэлиэххэйиҥ диэн ыҥырыахпын баҕарабын.
Ыспыраапка: «Биир ньыгыл Арассыыйа» иһинэн барыллаан куоластааһын ыам ыйын 22-28 күннэригэр ыытыллыаҕа. Нэһилиэнньэ pg.er.ru саайка киирэн, «Госуслуги» портал нөҥүө
онлайн куоластыаҕа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0