Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Кэнники сылларга ѳрѳспүүбүлүкэ, дойду үрдүнэн педагогтар тиийбэттэрэ биир улахан кыhалҕа буолла. Оскуолаҕа, оскуола иннинээҕи тэрилтэлэргэ, ордук тыа сиригэр, каадыр боппуруоhа сытыытык турар.

Кэнники сылларга ѳрѳспүүбүлүкэ, дойду үрдүнэн педагогтар тиийбэттэрэ биир улахан кыhалҕа буолла. Оскуолаҕа, оскуола иннинээҕи тэрилтэлэргэ, ордук тыа сиригэр, каадыр боппуруоhа сытыытык турар.

Педагогическай үѳрэҕи ылбыт эдэр дьон үгүстэрэ оскуолаҕа учууталлыахтарын баҕарбаттар, атын үлэни кѳрдѳнѳллѳр, идэлэринэн үлэлээн кѳрѳн баран, ыарырҕатан, сѳбүлээбэккэ, түргэнник уурайан хаалаллар. Онон кырдьаҕас учууталлары солбуйар киhи ахсаана тарбахха баттанар. Биир оннук хартыынаны оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитэр тэрилтэлэргэ кѳрүѳххэ сѳп.

Хас сайын, күhүн аайы «бу оскуолаҕа маннык-маннык предметтэри биэрэр учууталлар наадалар» диэн ис хоhоонноох биллэриилэр элбэхтик тарҕаналлар. «Тыый, бары ханна баран хаалбыттарай, хайдах бу оскуола бачча элбэх предмеккэ учуутала суох үлэлии олороруй» диэн санааҕа кэлиэххэр дылы.

Онуоха эбии 90-с сылларга тѳрѳѳhүн аҕыйаҕыттан билигин дьэ үлэhит буолан үлэлиэхтээх-хамсыахтаах дьон аҕыйаҕын бэлиэтииллэр, демографическай дьаама үѳскээбитин ыйаллар.

Госдума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин оскуолаларга каадыр дэписиитин толорорго устудьуоннарга үѳрэтэр кыаҕы биэрэр наадалааҕын туhунан эттэ.

Госдума үhүс ааҕыыга «РФ үѳрэхтээhин туhунан» уонна «Наука уонна судаарыстыбаннай научнай-тиэхиниичэскэй бэлиитикэ туhунан» сокуоннарга кѳннѳрүүлэри ылынна. Ол онно сѳп түбэhиннэрэн, училищелар лахан курстарын устудьуоннара оҕо саадтарыгар уонна начаалынай оскуолаҕа үѳрэтэр, куруhуоктары ыытар буолуохтара, оттон үрдүк үѳрэх кыhатын устудьуоннара үѳрэтиигэ кѳмѳлѳhѳр персонал уонна университеттарга уонна научнай тэрилтэлэргэ научнай хааччыйыы эйгэтин үлэhиттэрин дуоhунастарыгар үлэлиэхтэрин сѳп. Онон эдэр дьон үѳрэхтэрин бүтэрэллэригэр дипломнарын кытта хайыы үйэ үлэ киниискэлээх буолуохтара.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением