Рособрнадзор салайааччыта Анзор Музаев иһитиннэрбитинэн, национальнай үөрэх систиэмэтигэр көһүүгэ биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн оннунан хаалар
«ЕГЭ улахан социальнай соруктары толорор. Ол курдук, үөрэх араас бырагыраамалара, учуобунньуктара баар усулуобуйаларыгар ЕГЭ дойду үрдүнэн биир кэлим үөрэх эйгэтин түстүүр», — диэн быһаарар.
Салайааччы этэринэн, ЕГЭ үөрэх хаачыстыбатын таһымын бэрэбиэркэлииргэ бэртээхэй ньыма буолар. «Ханнык баҕарар эксээмэни туттарарга тиэмэтин, садаачатын ситэ билбэт үөрэнээччи ыгылыйар, уолуйар, ол ЕГЭ-тэн эрэ буолбатах», — диэн Рособрнадзор салаайааччыта этэр.
Онон “ЕГЭ оҕоҕо стресс” диэн этиини үөрэх салалтата ылымматын бигэргэттэ.
Оҕо билиитин таһымын быһаарарга үчүгэй тургутуу буоларынан, үөрэх хаачыстыбатын тутарынан, үөрэх биир эйгэтин түстүүрүнэн, ЕГЭ оннунан хаалар буолла.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1