Учуутал отчуоттан босхолонно
Үөрүүлээх сонун. Бастатан туран, балаҕан ыйын 1 күнүттэн, учууталлар уонна педагогтар былааны таһынан отчуот оҥорортон босхолоннулар. Номнуо РФ Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтэ ирдэнэр отчуот чуолкай испииһэгин таһаарда. Хата, учууталлар кумааҕы отчуоту толорууттан босхолонон, иллэҥсийбит бириэмэлэрин үөрэнээччилэргэ аныырга үлэлэһиэхтэрэ. Бигэргэммит отчуот испииһэгэр киирдилэр: биридимиэт (куурус) бырагыраамата, үөрэххэ оҕо ситиһиитин сурунаала, уруогу таһынан эбии дьарык сурунаала, иитии үлэтин былаана уонна үөрэнээччи характеристиката.
Босхо үөрэхтээһин
Судаарыстабанан мэктиэлэнэр үөрэхтээһин өҥөнү оҥоруу буолан бүттэ. Федеральнай сокуонтан «үөрэхтээһин эйгэтигэр судаарыстыбаннай (муниципальнай) өҥөнү оҥоруу» диэн тиэрмин быраҕылынна.
«Оҕо саас навигатордара»
Дойду оскуолаларыгар саҥа дуоһунас киирэр – иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһитэ. Бырагыраама «Оҕо саас Навигацията» диэн ааттанна. Сүрүн сыала-соруга — үөрэнээччи уруогу таһынан эбии дьарыктанарыгар, олимпиадаларга, куруһуоктарга кыттарыгар көмө оҥоруу. Бу дуоһунаска үлэлиэн баҕалаах хандьыдааттар, бүтүн өрөспүүбүлүкэ учууталларын истэриттэн талыллан, кытаанах куонкуруһу ааһыахтара уонна «Артек» киин базатын иһинэн саҥа идэни баһылыырга турунуохтара.
Саҥардыллыбыт ыстандаарт
Балаҕан ыйыттан үөрэх бырассыаһын уонна сыанабылын быһаарар саҥардыллыбыт федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаарта (ФГОС) олоххо киирэр. Маны сэргэ, үөрэнээччи оскуоланы бүтэрэр кэмигэр ситиһиллиэхтээх үрдүк таһымын көрдөрүүлэрин быһаарыахтара. Докумуоҥҥа суруллубутунан, үөрэнээччи билиилэрин-көрүүлэрин олоххо быһаччы туһаныахтаах. Ол суотугар, сорох дьиссипилиинэлэр икки көрүҥҥэ арахсыахтара – базовай уонна дириҥэтиллибит. Олоххо-дьаһахха туһалаах үбү-харчыны сөпкө туһаныы курдук эбии саҥа биридимиэти үөрэтии саҕаланыа. 5-9 кылаас үөрэнээччилэригэр «Основы духовно-нравственной культуры народов РФ» диэн саҥа биридимиэт киирдэ. Уратыта диэн төрөөбүт тылы бөлөҕүнэн арааран үөрэтии ньыматын киллэрдилэр. Ити таһынан, СанПин-ҥа олоҕуран, алын кылаастарга 3190 чаастан 3345 чааска диэри, сүрүн оскуолаҕа – 5549 чаастан 5848 чааска диэри аудиторнай үлэ кээмэйин эптилэр. Чааһы эбии «Төрөөбүт тыл», «Төрөөбүт тылынан ааҕыы», «Төрөөбүт литэрэтиирэ» биридимиэттэр барыллаан бырагыраамаларын толору уонна хаачыстыбалаахтык олоххо киллэрэргэ кыаҕы үөскэтэр.
Иккис омук тылын үөрэтии
Алын сүһүөх уонна орто анал сүрүн үөрэх саҥардыллыбыт федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаартын РФ Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтэ быйыл от ыйыгар ылыммыта. Булгуччулаах иккис омук тылын үөрэтии бэһис кылаастан тохтуур. Оҕоҕо иккис омук тылын эбии үөрэтии наадатын туһунан төрөппүт бэйэтэ быһаарыаҕа. Манна тустаах сайабылыанньа суруллара ирдэнэр. Экспердэр бэлиэтииллэринэн, сокуоҥҥа саҥа уларыйыы үөрэхтээһин бырассыаһын ноҕоруускатын намтатар, ону тэҥэ үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр.
Оҕону иитии
Сотору кэминэн оскуолаҕа киллэриллиэхтээх оҕо уопсай иитиитин бырагыраамата ылыллыаҕа. Билиҥҥитэ бырайыак бүтэһиктээхтик көрүллэн бигэргэнэ илик. Көрүүгэ сылдьар бырайыак төрөөбүт дойдуга уонна нуучча тылыгар тапталы иитиигэ, төрүт үгэс сыаннастарын үрдэтиигэ, оҕо доруобуйатын болҕомтоҕо ылыыга, бэйэҕэ уонна уопсастыбаннай үлэҕэ ытыктабылы сайыннарыыга туһуланар.
Историяҕа тирэҕирии
Үөрэх исписэлиистэрэ быйылгыттан история биридимиэтин үөрэтиигэ болҕомтолорун уураллар уонна оскуола бырагырааматын дириҥэтэр туһунан быһаардылар. Ол курдук, алын сүһүөх кылаастарга «Тулалыыр эйгэ» уонна «Религия уонна светскай этика» биридимиэттэр чэрчитинэн, онтон үрдүкү кылаастарга эбии куурус иһинэн историяны сиһилии сыныйан кэпсиэхтэрэ. Маны таһынан, дойду олоҕун-дьаһаҕын, историческай түгэннэрин туһунан сырдатар оҕолорго анаан анал видео-уруоктары ыытыахтара.
«Суолтаах кэпсэтиилэр»
Хайыы-үйэ балаҕан ыйыттан, хас нэдиэлэ саҕаланыытын ахсын, оскуола иһинэн «Суолталаах кэпсэтиилэр» диэн эбии кылаас чааһын тэрийиэхтэрэ. Манна үөрэнээччилэр уонна учууталлар Аан дойду, Арассыыйа уонна эрэгийиэн таһымыгар буолбут сүрүн уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй түгэннэри аһаҕастык кэпсэтэллэрэ сабаҕаланар. Мунньахтары кылаас салайааччылара, иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэрэ, уопсастыбаннай диэйэтэллэр уонна култуура эйгэтин үлэһиттэрэ кыттыылаах үөрэх дьылын устата 34 уруок ыытыллыаҕа.
«Продленка»
Оскуолаҕа биир кэлим «Продленканы» тэрийии туһунан сокуон ылылынна. Ол курдук, төрөппүт сөбүлэҥинэн, оскуола иһинэн эбии уһатыллыбыт күн (продленка) бөлөҕүн тэрийии туһунан быһаарыы ылыллыан сөп. Бөлөх үөрэхтээһин уонна иитии чааһыгар арыллар. Бу уһатыллыбыт үөрэх кэмин устата оҕолору көрүү таһынан, иитии үлэтин тэрийиэхтэрэ, үөрэх дьарыктарыгар бэлэмнээн көмө оҥоруохтара. Итини таһынан, эбии уһатыллыбыт күн бөлөҕүн тэрийэргэ эрэгийиэн бэйэтэ үбүлүүр кыахтанар.
БКЭ-ни тохтотуу
Рособрнадзорга БКЭ-ни реформалыыр кыаҕы үөрэтэллэр. Бу туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бастакы уочарат былааннанар:
— математика биридимиэтигэр тэҥник нуучча тылыгар эксээмэни икки таһымҥа араарыы көрүллэр — базовай уонна профильнай.
— БКЭ-ни үөрэнээччи бэйэ баҕатынан туттарарын киллэрэри туруорсаллар.
Маны сэргэ бу ыйтан Госдумаҕа БКЭ-ни сокуонунан тохтотор туһунан быһаарыы ылыллара сабаҕаланар.
Дьиэҕэ сорудахтар
2022-2023 үөрэх дьылыттан бастакы кылааска дьиэ сорудаҕын кээмэйин быһар нуормалар киллэриллэллэр. Урукку нуормалар быһыытынан алын кылаас үөрэнээччилэригэр дьиэҕэ сорудахтары биэрии көрүллүбэт этэ, ол гынан, бары кэриэтэ оскуолаларга аҕыйаҕа суох дьиэҕэ сорудаҕы аныыллара. Саҥа нуорманан бастакы кылааска дьиэҕэ сорудах кээмэйэ оҕо биир эрэ чаас дьарыгар тэҥнэһиэхтээх. Атын кылаастарга уруккутунан хаалар: 2-3-с кылаастар — 1,5 чаас; 4-5-с кылаастар – 2 чаас; 6-8-с кылаастар — 2,5 чаас; 9-11-с кылаастар — 3,5 чаас.
Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору үөрэтии
Дойдубут үөрэҕин систиэмэтэ хас биирдии оҕо сайдыытын уратытын учуоттаан, онно табыгастаах үөрэтиини тэрийэр соругу туруорар. Сокуоҥҥа саҥа уларыйыы киирэринэн, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору кылаас иһинэн үөрэтэргэ кыах сөргүтүлүннэ. Ол эрэн, кинилэр биир кылааска дьарыктанар ахсааннара үс оҕоттон элбиэ суохтаах. Ону сэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору туһунан кылааска үөрэтии оннунан хаалар.
Бэрэбиэркэ үлэтин суруйуу
Балаҕан ыйын 19 күнүттэн 5-8 кыл. үөрэнээччилэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэ үлэтин (ВПР - Всероссийская проверочная работа) суруйуохтара. Санаттахха, бу саас дойду үрдүнэн ковид ыарыыта тарҕаныыта үрдээбитинэн, 5-8 кыл. үөрэнээччилэригэр ВПР үлэтин суруйуута көһөрүллүбүтэ.
5 кыл. оҕолоро нуучча тылыгар, математикаҕа, тулалыыр эйгэҕэ, онтон 6 кыл. үөрэнээччилэрэ– нуучча тылыгар, математикаҕа, историяҕа уонна биологияҕа суруйуохтара. 7 кыл. үөрэнээччилэрэ нуучча тылыгар уонна математикаҕа кыттыахтара. Оттон историяҕа, географияҕа, биологияҕа уонна обществознаниеҕа кылаастарынан талан икки биридимиэткэ ыытыллар.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева:
– Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сылы «Педагог уонна настаабынньык» сылынан биллэрбитэ. Сыала — учуутал идэтин ураты статуһун билинии. Саҥа үөрэх дьыла саҕаланна. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаларга иитэр үлэҕэ уонна историческай үөрэхтээһиҥҥэ сыһыаннаах элбэх уларыйыылар киирэллэр: бастакы кылаастан историяны сырдатыахтара, ФГОС саҥа ыстандаарта киирдэ, үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэ үлэтин суруйуохтара, учуутал толорор отчуота сарбылынна, оҕолору «Суолталаах кэпсэтиилэр» күүтэллэр, оскуолаларга биир кэлим «Продленка» тэрийии туһунан сокуон ылылынна, үөрэхтээһин өҥөнү оҥоруу буолан бүттэ.
Саха Сиригэр федеральнай бырагырааманан 58 оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэнэр. Саҥардыллыбыт ФГОС-ка төрөөбүт тылы уонна литератураны үөрэтии чааһа аччаабыта. Российскай Федерация субъектара бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр, алын уонна сүрүн үөрэхтээһин ыстандаартарыгар, ол иһигэр алын сүһүөх оскуолаҕа, аудиторнай үлэ кээмэйин 3190 чаастан 3345 чааска диэри, сүрүн оскуолаҕа 5549-тан 5848 чааска диэри эбиигэ уларытыылары киллэрии түмүктэннэ. Чааһы эбии «Төрөөбүт тыл», «Төрөөбүт тылынан ааҕыы», «Төрөөбүт литэрэтиирэ» биридимиэттэри толору уонна хаачыстыбалаахтык үөрэтиигэ кыаҕы үөскэтэр. Норуот дьокутааттара кэлэр сылтан сокуон таһымыгар учууталлар статустарын үрдэтиигэ, тыа сиригэр малокомплектнай оскуолалары өйөөһүҥҥэ салгыы үлэлэһиэхтэрэ.
Үөрэнээччилэргэ умсугутуулаах, көхтөөх, дьикти оскуола олоҕун баҕарабын! Ситиһиилээх үөрэх дьылын! Оттон учууталларга доруобуйаны, дьолу, махталлаах үөрэнээччилэри, саҥа ситиһиилэри уонна күүстээх санааны!
Байыаннай-патриотическай кулууптар
Бу сылтан хас биирдии оскуолаҕа уонна орто анал идэтийбит үөрэх тэрилтэлэригэр байыаннай-патриотическай кулууптар, чөл олох сиэрин тарҕатыыга спортивнай кулууптар тэриллэллэр.
Оҕо уонна ыччат хамсааһына
Ааспыт сыллартан үлэлээн кэлбит Үөрэнээччилэр хамсааһыннарыгар уонна «Юнармия», «Большая перемена», «Орлята России» бырайыактарга олоҕуран, Оҕо уонна ыччат Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһына тэриллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу хамсааһыны тэрийиигэ улуустардааҕы оҕо хамсааһынын түмэр Оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтэ тирэх буолуоҕа итиэннэ тустаах министиэристибэлэр тардыллыахтара.
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0