Судаарыстыба өйөбүлэ суох кыаллыбат
Елена Голомарева киирии тылыгар ыччаты бары өттүнэн сайдыылаах гына иитэн таһаарыы сүрүн сыал буоларын эттэ. Парламентарий сайын абитуриеннары кытары үлэлээбит. Аартыка оройуоннарыттан үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирии аҕыйаҕын бэлиэтээтэ. “Билиҥҥи ыччат орто анал идэлэргэ талаһар буолла, маннык тенденция дойду үрдүнэн баар. Ол эрээри урукку курдук, куонкуруһа суох тус сыаллаах миэстэни биэрбэт буолбуттара дьайда. Итиэннэ педагогическай каадыр тиийбэтэ охсор. Киинтэн ыраах, суола-ииһэ, сибээһэ мөлтөх, цифровой сайдыы өттүнэн тэҥэ суох усулуобуйаҕа үөрэнэр оҕолор киин улуус үөрэнээччилэринээҕэр ЕГЭ-лэрин бааллара намыһах”, -- диэн аһаҕастык билиннэ.
Кини Сэбиэскэй Сойуус уопутун санатта: “Каадырдарынан хааччыйыы кыһалҕатын быһаарар сыалтан, Ленинградка А.И. Герцен аатынан университет иһинэн Хотугу норуоттар институттарын арыйбыттара. Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэригэр исписэлиистэри бэлэмнииллэрэ. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ыччаттара ону бүтэрэн, дойдуларыгар үөрэҕи, култуураны тарҕаппыттара, наука, искусство үлэһиттэрэ, суруйааччы, инженер буолбуттара. Национальнай интеллигенциябыт ити үөрэх кыһатыттан үүнэн тахсыбыта”.
Парламентарий иһитиннэрбитинэн, кэмитиэт аҕыйах ахсааннаах норуот оҕолорун орто анал эбэтэр үрдүк үөрэх кыһаларыгар хантараагынан тус сыаллаах миэстэлэргэ үөрэттэрэр квоталары олохтуур туһунан «О целевой контрактной подготовке специалистов с высшим профессиональным образованием» сокуон барылын бэлэмнээбит. Елена Христофоровна этэринэн, Аартыка оскуолаларын бүтэрбиттэр үрдүк үөрэҕи баһылыыллара, үөрэххэ киириилэрэ судаарыстыба өттүттэн өйөбүлэ уонна көмөтө суох кыайан быһаарыллыбат. Быйыл сайын абитура кэмигэр хоту уонна Аартыка улуустарын педагогтара уонна үөрэх управлениеларын салайааччылара буолан хас биирдии выпускник туһугар турууласпыттар, быыс-хайаҕас булан, барыларын үөрэххэ киллэрэ сатаабыттар.
Итинэн сиэттэрэн, үөрэххэ киирии бырыһыанын таһааран, ону барытын ырытан-анаалыстаан баран, кэмитиэт мунньаҕын ыытарга эттэ. “Оччотугар үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр биир кэлим стратегия толкуйданыа этэ. Бүгүн баар сыыһалары көннөрбөтөхпүтүнэ – сарсын эмиэ олору хатылыахпыт. Оттон биһиги, педагогтар, хас биирдии оҕо дьылҕатыгар эппиэтинэһи сүгэрбитин умнумаҥ”, -- диэтэ.
Бырамыысыланнай хампаанньалары партнер оҥостуохха
«Холобура, сорох оскуолаларга физика курдук сүрүн предмети туттарары ирдээбэттэр. Оттон өрөспүүбүлүкэбит экэнэмиичэскэй сайдыыта бырамыысыланнаһы кытта ситимнээх. Аартыка уонна хоту улуустарга үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр соругу туруоруохха. Маныаха үрдүк үөрэх кыһаларын кытары ыкса үлэлэһиэххэ, учуонайдары улууспутугар ыҥырыахха, биллэр педагогтары кытары дуогабар түһэрсэн, эксээмэннээх оҕолору онлайн консультациялатыахха. Аартыка балаһатыгар үлэлиир бырамыысыланнай хампаанньалары социальнай партнер оҥостуохха. Кинилэр хоту сирин баайын туһаналлар дии. Ол оннугар олохтоох каадырдары бэлэмнииргэ, үөрэттэрэргэ күүс-өйөбүл буоллуннар. Ол судаарыстыбаннай бэлиитикэ ирдэбилэ, ону өйүүр эбээһинэстээхтэр”, - диэн норуот дьокутаата бэлиэтээтэ.
«Анаабыр алмаастара» көдьүүстээх социальнай партнер буоларын бэлиэтээтэ. Бу тэрилтэҕэ норуот дьокутаата Иван Андреев үлэлээбит, билигин «Арктик капитал» ХЭТ салайааччыта. Кинилэр сылын ахсын Аартыка 5 оройуонун кытары социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар өйөбүл буолар туһунан дуогабарга илии баттаһаллар эбит. Ол түмүгэр улуустарга социальнай суолталаах эбийиэктэр, олорор дьиэлэр тутуллаллар, ыччакка уонна социальнай хайысхаҕа туһуламмыт бырайыактарга граннар олохтоноллор, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар анал тиэхиньикэ атыылаһаллар.
2021 сыллаахха СӨ бырамыысыланнай бэлиитикэтигэр туһуламмыт сокуон 4-с ыстатыйатыгар уларыйыылар киирбиттэр. Маны сэргэ быйыл кулун тутар 3 күнүгэр «О внесении изменений в Закон Республики Саха (Якутия) «Об образовании в Республике Саха (Якутия)» в части закрепления общеобразовательных организаций политехнической направленности - «политехнических школ» сокуон ылыллыбыт.
Быһаарыллыбат боппуруос диэн суох
Быйылгы сийиэс ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 105 сылыгар анаммытын этэн туран, Елена Голомарева бу ыарахан дьылҕалаах киһи олохтон кэлэйэн хаалбакка, сырдык идиэйэлэрин олоххо киллэрэри ситиспитин холобур гынан кэпсээтэ. “Бэйэтин кэмин куоһаран, 60-с сылларга тыа оскуолатыгар физика уонна математика предметтэрин дириҥник үөрэтиини өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгынан саҕалаабыта. Ол иһин бу оскуолаттан Саха Сирин научнай-тэхэниичэскэй интеллигенциятын сүрүн састааба үүнэн тахсыбыта. Ол кэмҥэ билиҥҥи курдук толору хааччыллыылаах оскуолалар суохтара, информационнай технологиялар сайда иликтэрэ, ол эрээри тыа сирин кырачаан уолаттара, кыргыттара хаачыстыбалаах үөрэҕи ылар кыахтаммыттара, дойду саамай биллэр үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирбиттэрэ. Онон быһаарыллыбат кыһалҕа диэн суох. Олус элбэх боппуруос үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыттан уонна педагогтар бэйэҕит көҕүлээһиннэргититтэн тутулуктаах”, -- диэтэ парламентарий.
Норуот дьокутаата Иван Андреев үүммүт үйэ уонна саҥа кэм үөрэҕирии эйгэтэ, халбаҥнаабат фундаментальноһыгар тирэҕирэн, бу билиҥҥи усулуобуйа ирдэбилигэр сөп түбэһэн, аныгылыы суолунан сайдыахтааҕын эттэ. Интэриниэт олохпут бары эйгэтигэр киирэн, учууталы солбуйан эрэриттэн долгуйарын биллэрдэ. “Билиҥҥи үөрэнээччи гаджета суох олоҕу көрбөт. Интэриниэттэн маннык тутулуктаах буолуу оҕо уопсастыбаҕа социализацияланарыгар улахан охсуулаах. Араас информацияны губка кэриэтэ иҥэринэр. Ол бөҕөргүү илик уйулҕатыгар куһаҕан өттүнэн дьайыан сөп. Итинтэн сиэттэрэн, араас атын кыһалҕалар үөскээн тахсаллар. Өлөрсүүлээх оонньуу иһигэр олорор курдук буолан хаалыахтарын сөп. Онон бу аан ситим ыччаппытыгар сабыдыалын аччатар суолу тобулуохха. Холобура, Аартыка оҕолоро олус эйэҕэстэр, ыраастар, сэргэхтэр уонна дьоһуннар. Тоҕо диэххэ, кинилэр айылҕалыын алтыһаллар, олох оскуолатыгар уһуйуллаллар. Кинилэри ютуб, тикток ииппэт, булка, ыстаадаҕа аҕа көлүөнэ иитэр -- өбүгэ төрүт дьарыгар сыһыаран, олоххо бэлэмнээх киһилии киһи буоларга”.
Иван Андреев Сэбиэскэй Сойуус үөрэҕириитин систиэмэтин аҕынна: “Ол кэмҥэ хас биирдии үөрэнээччигэ сайдарыгар тэҥ усулуобуйалааҕа. Бары биир бырагырааманан үөрэнэр буолан, хас биирдиилэригэр суол аһаҕас этэ. Оскуола биэрбит билиитэ баҕарбыт үрдүк үөрэххэ киирэригэр кыах биэрэрэ, репетитордары наймылаһарга наада да суоҕа. Билиҥҥи ЕГЭ систиэмэтэ элбэх үөрэнээччилэргэ шлагбаум туруорар. Урут институт кэннэ булгуччулаах “распределение” баара. Ол оскуолалары идэлээх каадырдарынан хааччыйарга бэртээхэй ньыма этэ. Эдэр исписэлиистэр бэйэлэрэ уопут да ылаллара. Сэбиэскэй оскуола үөрэнээччи иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарарын тэрийэрэ, барыларын куруһуогунан хабара. Дьарыга суох мээнэ сылдьар оҕо диэн суоҕа”.
Дэлэгээттэр туруорсаллар
Эдьигээнтэн үөрэх управлениетын начаалынньыга Юрий Шамаев СӨ дойдуга бэриниилээх ыччаты иитиигэ туһуламмыт сокуона оруобуна бириэмэтигэр ыллыбытын хайҕаата. Кини урукку сэбиэскэй үөрэх тиһигэр төннөр кыаллыбатын эттэ. “Ол эрээри үлэнэн иитии уонна патриотическай тыыҥҥа иитии үтүө уопутун туһаныахха сөп. Холобур, алын байыаннай бэлэмнэнии уруогун (ВНП) аан дойдуга буола турар быһыынан-майгынан киллэрии сөптөөх быһаарыныы дии саныыбын. Учуутал хамнаһа үрдээтэ эрээри, “прочие категории” үлэһиттэрин хамнаһа кыра. Оттон бу исписэлиистэриҥ үөрэҕирии эйгэтин локомотивтара буолаллар. Хамнас кыратыттан кинилэр атын эйгэҕэ көһөллөр. Аны туран, педагогтарга биллэриллибит 1-2 бырыһыаннаах ипотека бырагырааматыгар эмиэ сатаан хабыллыбаттар”, -- диэн баар кыһалҕалары бэлиэтээтэ.
Анаабыр улууһун үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Туяра Гуляева кэмитиэт өйөбүлүгэр уонна Аартыка кыһалҕаларыгар болҕомтотун иһин махтанна. “Аартыка оҕолоро” бырагыраама олоххо киирэн, хоту улуустар оҕолоро соҕуруу куруортарга сынньанар, чэбдигирэр кыахтаммыттарын эттэ. Кини Аартыка оройуоннарын педагогтара атын эрэгийиэннэргэ идэ таһымын үрдэтэр куурустарга, уопут атастаһа баралларыгар көмө буолалларыгар этии киллэрдэ.
Эбээн-Бытантай управлениетын начаалынньыга Петр Потапов Аартыкаҕа педагогическай каадырдар тиийбэттэрэ сөптөөх усулуобуйа тэриллибэтиттэн буоларын ыйда. “Толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутуохтаахтар. Социальнай эбийиэктэр эргэрбиттэр, аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэспэттэр. Аартыкаҕа олох хаачыстыбатын үрдэтэ иликпитинэ, эдэр исписэлиистэр кэлиэ суохтара”, -- диир. Манан сиэттэрэн, Аартыка улуустарын сайдыытыгар анал социальнай-экэнэмиичэскэй бырагыраама олоххо киирэригэр, ону сэргэ эдэр учууталлар олорор дьиэлэрин куортамын толуйарга туруоруста.
Таймылыыр орто оскуолатын дириэктэрэ Изольда Голикова оскуола дьиэтэ хаарбах туруктаах буолан, биир этээһин сабарга күһэллибиттэрин кэпсээтэ.
Өлөөн улууһун үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Мария Иванова «Жилье» уонна «Земский учитель» бырагыраамаларга квота элбииригэр баҕа санаатын биллэрдэ. Быйыл оройуоҥҥа «Жилье» бырагырааманан икки квота көрүллүбүт, оттон аһаҕас вакансия -- аҕыс. Кини көс оскуолаларыгар биэрэр мобильнай, грузоподъемнай вагон-дьиэлэрэ баһаартан сэрэхтээх буолуу нуормаларыгар эппиэтээбэтинэн табыгастара суоҕун аһаҕастык эттэ. “Онон улуус үбүнэн табаһыттан сүрүн баазаларыгар оскуола туттубут”, -- диэтэ. Мария Иванова үөрэнээччилэр дьонноругар ыстаадаҕа сайылыы баралларыгар көрүллэр бөртөлүөт үбүлээһинин, сыана үрдээбитинэн, улаатыннарарга көрдөстө.
***
Көрсүһүү түмүгэр парламент сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева аһаҕас диалог тахсыбытыгар махтанна уонна биир кэлим стратегияны олохтуурга анаан тэриллэр мунньахха кыттыыны ылалларыгар эттэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0