Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Сэтинньи 30 күнүгэр ыытыллыбыт Ил Түмэн XXXI уочараттаах пленарнай мунньаҕар 34-с боппуруоһунан «Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар аһаҕас (публичнай) былааһы тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан» 1256381-7 №-дээх федеральнай сокуон барылыгар көннөрүүлэри киллэрэр туһунан» Ил Түмэн Уурааҕын барыла көрүллүбүтэ. Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев аһаҕас былаас диэн тугун итиэннэ саҥа сокуон барылыгар киирбит көннөрүүлэр тустарынан маннык кэпсиир:

Биир кэлим тиһигинэн

Сэтинньи 9 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа «Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар аһаҕас былааһы тэрийии принциптэрин туһунан» диэн, дойду Конституциятыгар олоҕуран оҥоһуллубут саҥа федеральнай сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылыллыбыта.

Аһаҕас былаас диэн Арассыыйа Федерациятын уонна субъектар судаарыстыбаннай итиэннэ ситэриилээх, ол эбэтэр бэрэстэбиитэллээх (сокуону оҥорор) былаастарын уорганнара итиэннэ олохтоох салайыныы уорганнара, атыннык эттэххэ, былаас хас да түһүмэҕэ биир кэлим тиһиккэ киирэн, хардарыта ситэрсэн-байытыһан үлэлээһиннэрэ буолар.

Саҥа сокуон барылыгар билигин үлэлии сылдьар 1999 с. ылыллыбыт 184 №-дээх «Арассыыйа Федерациятын субъектарын судаарыстыбаннай былааһын толоруулаах уонна бэрэстэбиитэлээх (сокуону оҥорор) уорганнарын тэрийии сүрүн принциптэрин туһунан» федеральнай сокуонунан бигэргэммит федеративнай тутул сүрүн принциптэрэ уларытыллыбатахтар итиэннэ аһаҕас былааһы тэрийии, үлэлэтии мэхэньиисимэ чопчуланан, тупсарыллан биэрбит. Федерация уонна субъектар былаастарын ситимигэр боломуочуйалары тыырсыы, сорох түгэннэргэ миэстэҕэ олохтоох уратыны учуоттаан, бэйэ көрүүтүнэн дьаһаныы итиэннэ Арассыыйа норуоттара тэҥ бырааптаахтарын, бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһанар бырааптаахтарын туһунан ыстатыйалар оннунан хаалларыллыбыттар. Ону таһынан 184 №-дээх федеральнай сокуон үгүс нуормалара киллэриллибиттэр. Ааптардар Андрей Клишас, Павел Крашенинников этэллэринэн, саҥа сокуон барыла былаас уорганнара биир тиһиккэ киирэн, көдьүүстээхтик үлэлииллэригэр туһаайыллар.

Дьүүллэһии киэҥник ыытылынна

Сокуон барыла бастакы ааҕыыга көрүллүбүтүн кэнниттэн Судаарыстыбаннай Дуума көннөрүүлэри киллэриигэ бастаан сыанабыл хомуллар, онтон этиилэр оҥоһуллаллар диэн уураах таһааран, саҥа сокуон барылын субъектарга ыыппыта. Онон биһиги сэтинньи 12 күнүттэн саҕалаан, сыанабыллары хомуйуунан, этиилэри оҥоруунан дьарыктанныбыт. Ил Түмэн дьокутааттара, бэлиитиктэр, Төрүт сокуон сүбэһиттэрэ, Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ, улуустар дьокуутааттара, чуолаан Бүлүү улууһун дьокутааттарын сэбиэтэ, туох итэҕэс-быһаҕас баарын ырытан, элбэх этиини оҥордулар. Ону кэмитиэт мунньаҕар дьүүллэһэн баран, Судаарыстыбаннай Дуума эрэгийиэннээҕи бэлиитикэ уонна олохтоох салайыныы дьыалаларыгар сокуону оҥорор сэбиэтин хамыыһыйатыгар сыанабыл оҥорон ыыттыбыт. Итини таһынан, көннөрүүлэрбитин киллэрдибит. Онуоха сүүрбэттэн тахса сыл устатыгар көдьүүстээҕин көрдөрбүт 184 №-дээх федеральнай сокуон нуормаларын уларыппакка, оннунан хаалларарга эттибит.

Барыта 19 пууннаах көннөрүү буолла. Чопчу буоллун диэн, олору сокуон барылын сүрүн салааларыгар сөп түбэһиннэрэн, түөрт бөлөххө араардыбыт.

Публич_власть.jpg

Бастакы бөлөх

Бэрэстэбиитэллээх, ол эбэтэр сокуону оҥорор уорганнарга сыһыаннаах. Элбэхтэн быһа тардан холобурдаатахха, саҥа сокуон барылыгар субъектар парламеннарыгар «сокуону оҥорор уорганнар» эрэ диэн өйдөбүл бэриллибит. Ону биһиги «сокуону оҥорор (бэрэстэбиитэллээх)» диэн эбэн биэрэргэ эттибит. Тоҕо диэтэххэ, субъект сокуону оҥорор былааһын уоргана бэрэстэбиитэллээх боломуочуйалаах, хайа даҕаны түгэҥҥэ сокуону таһаарар мунньах, холобур, биһиги Ил Түмэммит, бэрэстэбиитэллээх аналын сүтэриэ суохтаах. Ханнык баҕарар (нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ) таһымнаах дьокутааттар норуот талбыт бэрэстэбиитэллэрэ буолаллар.

Эрэгийиэн үпкэ, үөрэҕириигэ, доруобуйа харыстабылыгар миниистирдэрин уо.д.а. салайааччылары анааһыҥҥа федерация таһымынан сөбүлэһии барыахтааҕын туһунан этиллэр. «Тоҕо федеральнай былаас субъект бэйэтин чиновниктарын аныырыгар орооһоруй?» -- диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Оннук этии киирдэ даҕаны. Дьиҥинэн ыллахха, тустаах салаалар сокуоннарыгар, холобур, үөрэхтээһин туһунан сокуоҥҥа үөрэх миниистирэ эрэгийиэн баһылыгынан ананыан иннинэ федеральнай таһымынан сөбүлэһиини ааһарын туһунан ыйылла сылдьар, онон сокуоннарга баар ыстатыйалар саҥа сокуон барылыгар угуллан биэрбиттэр.

Саҥа оҥоһуллар федеральнай сокуоннарга, чуолаан Конституция сокуонугар уонна үпкэ-харчыга сыһыаннаах боппуруостарга, субъектар аан бастаан Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын быһаарыытын ылан эрэ баран, көннөрүүлэри киллэриэхтэрин сөбүн туһунан этиллибит. Биһиги онно сөбүлэспэтибит. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа таһымынан үгүс боппуроуска араас суоттааһыннары, үп-харчы, экэниэмикэ өттүнэн төрүттээһини үгүс субъект бэйэтин кыаҕынан оҥорор кыаҕа суох, ол иһин биһиги онтон иҥнибэккэбит ханнык баҕарар сокуон барылыгар санаабытын биллэриэхтээхпит.

Иккис бөлөх

Субъект үрдүкү салайааччытыгар сыһыаннаах. Онно Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ субъект баһылыгын устан кэбиһэр итиэннэ кинини «итэҕэлин сүтэрбитинэн» биллэрэр кыахтааҕын туһунан судургу баҕайытык этиллэр. Биһиги онно сөбүлэспэтибит. Эрэгийиэн салайааччытын ким таларый? Эрэгийиэн олохтоохторо талаллар, ол аата кинилэр этиилэрэ учуоттаныахтаах. Иккиһинэн, эрэгийиэн баһылыгар итэҕэйбэт буолууну биллэрэр биитэр кинини үлэтиттэн тохтотор буоллахха, ол биричиинэтин быһаарар чопчу төрүөттэр ирдэнэллэр. «Ханнык түбэлтэҕэ, туохха олоҕуран ууратыахха сөбүй?» диэн. Ол иһин бу хайысхаҕа 184 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа баар нуормаларга тирэҕирэргэ эттибит. Оттон ханнык эрэ федеральнай сокуону толорбото диэн бүгүн эрэгийиэн баһылыгын ыл да устан кэбиһэр сатаммат.

Иккиһинэн, «Бэрэсидьиэн» диэн дойду баһылыга эрэ ааттанар, оттон эрэгийиэн салайааччылара «Баһылык» дэнэллэр уонна онно национальнай тылынан эбиискэлэниэхтэрин сөбүн туһунан этиллэр. Манна биһиги өрөспүүбүлүкэ «Баһылыга» уонна «Ил Дархан» диэн тыллар биһиэхэ тэҥ суолталаахтарын туһунан быһааран биэрдибит.

Үһүс бөлөх

Субъектар федеральнай былааһы кытары хайдах үлэлиэхтээхтэригэр туһаайыллар. Дьэ манна төбөнү сынньар ыйытыы элбэх.

Федеральнай сокуоннар барылларын ырытыы болдьоҕо наһаа кылгатыллыбыт: билигин 30-туу күн бэриллэр эбит буоллаҕына, саҥа барылынан 15-тии эрэ күн буолбут. Ону аныгы технология сайдан, докумуон барыта электроннай варианын бэриллэр диэн быһаарбыттар. Итиннэ биһиги эмиэ сөбүлэспэтибит. Биллэн турар, харданы түргэнник оҥоруохха сөп эрээри, биир төбө үчүгэй, үс төбө өссө ордук. Үчүгэйдик толкуйдаммыт этиини оҥорорго бириэмэ наада.

Федеральнай сокуоннар ылыллыахтарын иннинэ субъектар бэйэлэрин боломуочуйаларын иһинэн тустаах сокуоннары, нуормаламмыт быраап аакталарын ылынар бырааптаахтарын туһунан 184 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа этиллэр этэ. Саҥа сокуон барылыгар ол учуоттамматах.

Холобур, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «Хостонор баайдаах сирдэри эппиэтинэстээхтик туһанар туһунан», «Ирбэт тоҥу харыстааһын туһунан», «Сайылыктааһын туһунан», «Сылгыны үөрдээн иитии туһунан», «Кымыстааһын туһунан», «Саха сүөһүтүн генопуондатын харыстааһын туһунан» сокуоннардаахпыт. Ити курдук, хас биирдии эрэгийиэн тус бэйэтин уратытынан, үгэс буолбут төрүт дьарыгынан көрөн сокуоннары ылынара наада уонна онно бырааптаах диэн ыйыы оҥордубут.

Төрдүс бөлөх

Субъектарга аһаҕас былаас уорганнарын бииргэ үлэлээһиннэрин туһунан. Манна икки түгэҥҥэ тохтоотубут. Бастакытынан, эрэгийиэннэр киин куораттарыгар судаарыстыбаннай былаас уорганнарын боломуочуйалара федеральнай сокуоннарынан эрэ быһаарыллыахтаах диэбиттэр. Онно биһиги тустаах субъект этиитэ, уратыта хайаан да учуоттаныахтааҕын туһунан эттибит.

Иккиһинэн, Арктика зонатыгар судаарыстыбаннай былаас уорганнарын боломуочуйалара федеральнай сокуоннарынан эрэ быһаарыллар диэбиттэр. Манна «Арассыыйа Федерациятын уонна тустаах субъект судаарыстыбаннай былааһын уорганнарын итиэннэ олохтоох салайыныы уорганнарын кытары түһэрсиллибит сөбүлэһии быһыытынан» диэн этиини киллэрэргэ туруорустубут. Аһаҕас былаас бириинсибэ итиннэ олоҕурар эбээт!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением