Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Атырдьах ыйын 30-31 күннэригэр Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү уонна Мииринэй улуустарыгар үлэлиэҕэ. Ил Дархан командировкатын биир сүрүн сыала – “Бүлүү” суолугар тутулла турар муосталары бэрэбиэркэлээһин буолар.

Атырдьах ыйын 30-31 күннэригэр Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү уонна Мииринэй улуустарыгар үлэлиэҕэ. Ил Дархан командировкатын биир сүрүн сыала – “Бүлүү” суолугар тутулла турар муосталары бэрэбиэркэлээһин буолар.

Билигин “Бүлүү” суолугар икки баараҕай муоста тутулла турар. Бастакы муоста Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба улуустарын ыпсыыларыгар – Түүкээн үрэҕи туорааһыҥҥа тутуллар. Иккис улахан муостаны Мииринэй улууһугар Аччыгый Ботуобуйа өрүскэ оҥоро сылдьаллар.

Үөһээ Бүлүүгэ командировкатын кэмигэр Айсен Сергеевич Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии хаамыытын кытта билсиэҕэ, Кыайыы болуоссатыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруоҕа уонна саҥа тутуллубут Ийэ скверигэр сылдьыаҕа.

Мииринэй улууһугар өрөспүүбүлүкэ баһылыга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын хаамыытын кытта билсиэҕэ, киин балыыһаҕа сылдьыаҕа, Алмазнай бөһүөлэккэ саҥа оскуола үлэҕэ киирэр сиэригэр-туомугар ыалдьыттыаҕа. Ону сэргэ улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһуламмыт мунньаҕы ыытарга, эрдэтэээҕи сыаллар-соруктар төһө олоххо киирбиттэрин бэрэбиэркэлииргэ былааннанар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Цифровизация туризма

В рамках форума «Цифровой Алмаз» прошла сессия, посвященная цифровизации туризма, где…
13.11.24 19:37