Тохсунньу 16 күнэ. Нэдиэлэ саҕаланыыта ыытыллар былаанныыр мунньахха Айсен Николаев 60 кыраадыска тиийэ тымныы күннэр турбуттарынан олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар ситим үлэтэ быыстала суох буолуутугар туһааннаах сулуусупаларга сорук туруорда. Бырабыыталыстыба нэһилиэнньэҕэ ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотун ыытыыга бэлэми түргэтэтэргэ эттэ. Федеральнай бырагыраамалары толорууга болҕомтону уурарга сорудахтаата. Сэдэх идэлээх медиктэргэ хамнаска эбии социальнай төлөбүр олохтоммут. Ол өрөспүүбүлүкэҕэ киириитин хааччыйарга ыйда. «Үлэ оҥорон таһаарыыта» национальнай бырайыакка тэрилтэлэр эйгэлэриттэн, салааларыттан тутулуга суох, 400 мөл. солк. итэҕэһэ суох үбү киллэрэр буоллахтарына, кыттыахтарын сөп. Ил Дархан ити хайысхаҕа тэрилтэлэри кытта үлэни ыытарга эттэ. Баһаартан куттала суох буолууга федеральнай сокуон бырайыагар Саха сирин этиилэрэ киириитигэр үлэлэһэргэ сорудахтаата.
Тохсунньу 16 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансеры тутуу хаамыытын көрдө, сүбэ мунньаҕы ыытта. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөн, федеральнай киинтэн эбии үп көрүллүбүтүн бэлиэтээтэ. Тутуу 81% бүппүт. Ис өттүгэр үлэ барар, ону тэҥэ инфраструктурата оҥоһуллуоҕа, анал тиэхиньикэни туруоруохтара. Болдьоҕун иннинэ эбийиэги тутар былааннаахтар. Айсен Николаев быйыл үлэҕэ киллэрэр соругу туруорда. Итиэннэ каадырынан, ол иһигэр тиэхиньикэни көрөр үлэһиттэринэн, хааччыйыыны быһаарарга эттэ. Киин 180 куойкалаах, күҥҥэ 210 киһини көрөр кыахтаах поликлиникалаах, уопсай иэнэ – 25,6 тыһыынча кв.м. Дьиэ 4 блоктаах: бастакыга - поликлиника, иккискэ – эпэрээссийэлиир блоктар, үһүскэ, төрдүскэ – стационар.
Тохсунньу 17 күнэ. Айсен Николаев «Якутуголь» акционернай хампаанньа 2022 сыллааҕы үлэтин түмүгүн көрдө уонна 2023 сыл соруктарын туруорда. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр хампаанньаттан үп киириитэ 23 % үрдээбит. Ааспыт сыллааҕар 12,6 %-нан элбэх эбэтэр 4 мөл. туонна таас чоҕу хостообуттар. 2023 сылга былаан - 4,2 мөл. туонна. Салгыы техниканан хааччыллыыны тупсарарга үлэлиэхтэрэ. «Нерюнгринскай» разрезка 6 экскаваторы, 4 буровой установканы, 123-220 туоннаҕа тиийэ таһаҕас тиэйэр 18 массыынаны ылар былааннаахтар. «Дьабарыкы Хайаҕа» 35-55 туоннаҕа тиийэ таһаҕас тиэйэр үс массыынаны ылыахтара. «Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска» бырайыакка «Якутуголь» хампаанньа 2018 сылтан кыттар уопута ситиһиилээҕэ бэлиэтэннэ. 2788 киһи үлэлиириттэн 87 %-на олохтоох дьон. Ааспыт сылга олохтоох 600 киһи үлэҕэ киирбит. Билигин эбии 400 киһини үлэҕэ ыҥыраллар. Ааспыт сыл ахсынньытыгар тэрилтэ СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтин кытта сөбүлэһии түһэрсибитэ. Инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн быйыл үлэһит ахсаана 3500 тиийэ улаатыаҕа. Бу эһиилги сылга таас чоҕу хостооһуну 6 мөл. туоннаҕа тиийэ элбэтэргэ кыах биэриэҕэ. Айсен Николаев хампаанньаҕа «Дьабарыкы Хайаҕа» чох хостооһунун сайыннарыыга уһун кэмнээх былааны оҥорорго сорук туруорда. Нерюнгри оройуона социальнай-экэниэмиичэскэй сайдыытыгар кыттыыны күүһүрдэргэ сорудахтаата.
Тохсунньу 17 күнэ. Ил Дархан «Россия24» ханаалга ГТРК «Саха» быһа эфиргэ кыттан, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар эппиэттээтэ. Ситэриилээх былаас нэһилиэнньэ иннигэр сыл түмүгүнэн отчуота миэстэтигэр, хас биирдии нэһилиэги хабан туран буолуо диэн эттэ. Ол туһунан нэһилиэнньэттэн туруорсуу киирэрин бэлиэтээтэ. Ааспыт сылларга дистанционнай ньыманан ыытыллыбыта. Отчуоттар олунньу саҥатыгар саҕаланан баран, кулун тутарга түмүктэниэхтэрэ. Бүтэһигэр бырабыыталыстыба телеканалга быһа эфиргэ тахсыаҕа.
Айсен Николаев анал байыаннай дьайыыга кыттар, дойдуларыгар төннөн кэлэн доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэ сылдьар байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар көмө туһунан кэпсээтэ. Байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр баар тирэх пууннар бэрэстэбиитэллэрэ миэстэтигэр тиийбит баһыылкалары тиһигин быспакка тириэрдэллэр. Экипировканан, анал прибордарынан байыаннай сулууспалаахтар хааччыллаллар. Мэдиссиинэ тэритэлэригэр анал чөлүгэр түһэрии куойкалара аһылланнар, эчэйбит байыастарга эмтэнии барар. Уоппускаҕа кэлбит байыастар бэйэлэрин баҕаларынан түргэтэтиллибит мэдиссиинэ өҥөтүн ылаллар. Уйулҕаны чөлүгэр түһэриигэ психологическай көмө киинэ көдьүүстээх үлэни оҥорор, байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 5 тыһ. тахса психологическай көмө оҥоһулунна. Ил Дархан бырабыыталыстыбаҕа психологическай киин дьиэтин-уотун, үлэтин-хамнаһын кэҥэтэр, усулуобуйатын тупсарар соругу туруорбутун бэлиэтээтэ.
Салгыы Айсен Николаев бу сылга социальнай эбийиэктэри тутуу тэтимэ аччаабатын, ол курдук 21 оскуола тутуллара былааннанарын, ол хаһааҥҥытааҕар да элбэх көрдөрүү буоларын туһунан эттэ. Маны тэҥэ быйыл 6 уһуйаан үлэҕэ киириэҕэ. «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулары көрсө, Дьокуускайга икки спортивнай комплекс тутуллуоҕа, спорт бары улахан эбийиэктэрэ өрөмүөннэниэхтэрэ. Сайыҥҥы VIII «Азия оҕолоро» Дьокуускайга 2024 сыл бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри буолуохтара. Номнуо Азия дойдулара кыттарга баҕалаахтарын биллэрэн эрэллэр. Саҥардыы ылыллыбыт быһаарыынан Белоруссия хамаандата бу күрэхтэһиигэ кыттыан сөп.
Тохсунньу 17 күнэ. Ил Дархан бырабыыталыстыба нэһилиэнньэҕэ отчуотун иннинэ ситэриилээх былаас уорганнарын салайаачыларыгар үлэлэрин түмүгүнэн сыана туруорбуттарын иһитиннэрдэ. Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтата 7 киритиэрийинэн 24 көрдөрүүнү сыаналаабыт, ол иһигэр салайар салаатын көрдөрүүлэрэ, уопсастыбаннаһы кытта үлэлээһин, дьон наадыйыытыгар тэрилтэ сервистэрин туһаайыы, бииргэ үлэлиир хамаандатын салайыы хаачыстыбата. «4» уонна онтон үрдүк сыананы 7 салайааччы ылбыт, ол иһигэр Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ, Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар уонна дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэттэрэ, Москватааҕы бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ. Салайааччылар аҥардарыттан ордуктара «3»-тэн «4» диэри сыананы ыллылар. Аныгыс сыанабыл кыбаартал түмүгүнэн ыытыллыа.
Тохсунньу 18 күнэ. Айсен Николаев байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын ийэтэ, Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин эрэгийиэннээҕи кэмитиэтин салайааччыта Светлана Диодорованы-Лаврентьеваны кытта байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл миэрэлэрин туһунан кэпсэттилэр. Байыаннай сулууспалаахтар интэриэстэрин көмүскээһиҥҥэ үлэлии сылдьар уопсастыбанньыктар үлэлэрин хайысхатыгар тохтоотулар. Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтэ дойду 80 субъегын түмэр. Кэмитиэт тутулун бастакы түмсүүлэригэр бигэргэппиттэр, эрэгийиэннээҕи кэмитиэттэри тэрийбиттэр. Айсен Николаев Ил Дархан эрэгийиэннээҕи кэмитиэккэ бары өттүнэн көмө оҥоһуллуоҕа диэн бэлиэтээтэ.
Тохсунньу 18 күнэ. Ил Дархан «Туймаада» агрохолдинг сыллааҕы үлэтин барыллаан түмүгүн көрдө. Агрохолдинг тэрилтэлэрэ Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Таатта улуустарыгар уонна Дьокуускайга үлэлииллэр. Ааспыт сылга 125 туонна ынах уонна сылгы этин, 139 туонна балыгы уонна 6 туонна отону соҕотуопкалаабыттар. Сүөһү ахсааныгар ыанар ынахтара аҥарын кэриҥэ буолбут, 2025 сылга 70% тириэрдиэхтэрэ. 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 1,3 төгүл улааппыт уонна 5 409 туоннаҕа тэҥнэспит. Биир ынахтан 3 400 киилэттэн тахсаны ыабыттар. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ биир үрдүк көрдөрүү. 28,4 млн тахса сымыыты ылбыттар - былаан 15%-нан тахса туолбут. Айсен Николаев агрохолдинг улахан табаары оҥорооччу таһымыгар тиийбитин бэлиэтээтэ уонна көдьүүһү улаатыннарарга, аныгы технологияны тутууну күүһүрдэргэ, салайыы хаачыстыбатын үрдэтэргэ ыйда.
Тохсунньу 18 күнэ. Былаас уорганнарыгар үп-харчы өттүгэр сокуону кэһиини сэрэтиигэ үлэни күүһүрдүөхтэрэ. Ол боппуруоска Ил Дархан Ааҕар-суоттуур палата салайааччыта Алена Федорованы кытта көрсүһүүтүгэр тохтоотулар. Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үбү-харчыны хонтуруоллуур тиһик үлэтин көдьүүһүн улаатыннарыыга ыытыллар дьаһаллар туһунан кэпсэттилэр. Ааспыт сылга 33 хонтуруоллуур уонна 13 кэтээн көрөр, ырытар тэрээһин ыытыллыбыт. Быйыл 21 кэтээн көрөр, ырытар и 24 хонтуруоллуур тэрээһин быланнаммыт. Үп докумуоннарын уонна докумуоннар бырайыактарын экспертиза ыытарга, сыанабыл оҥорорго, былаас уорганнарыгар сүбэ биэрэргэ болҕомто ууруллуоҕа.
Тохсунньу 18 күнэ. Дьокуускайга Күөх хонууга үгэскэ кубулуйбут Кириһиэнньэтээҕи ойбоҥҥо сөтүөлээһини Айсен Николаев саҕалаата. Кини 2008 сыллаахтан куорат олохтоохторун кытары биир бастакынан тэрээһиҥҥэ кыттар. Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэй епископ Роман сөтүөлүүр сири сибэтии гынна.
Тохсунньу 19 күнэ. Социальнай уонна инфраструктура эбийиэктэрин тутуу хаамыытын туһунан Айсен Николаев Алдан улууһун баһылыга Александр Шестопаловтыын дьүүллэстэ. Быйыл күһүн Алдан куорат төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир. Ил Дархан улуус 2030 сылга диэри сайдыытын туһунан ыйааҕын чэрчитинэн үлэ ыытыллар. Манна Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи агропромышленнай кластер тэриллиэҕэ. Саҥа хотоннору, үүт собуотун тутуохтара. Быйылгыттан филармония олохтоох филиалыгар уонна музыка кэллэктииптэригэр аналлаах дьиэни тутууга бырайыактыыр үлэни саҕалыахтара. Быйыл Алдаҥҥа Дзержинскай уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн барыаҕа уонна нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суолу оҥоруу саҕаланыаҕа. Айсен Николаев ОДьКХ-гар уонна социальнай эйгэҕэ үлэни күүһүрдэргэ эттэ.
Тохсунньу 19 күнэ. Ил Дархан Ойуур хаһаайыстыбатын федеральнай агентствотын салайааччытын солбуйааччыта Алексей Венглинскай кыттыылаах баһаартан ойууру харыстыыр ыстаап мунньаҕын ыытта. Былырыын ыытыллыбыт ситимнээх үлэ ойуур баһаарын ахсаанын аҕыйаппытын уонна хоромньуну намтаппытын бэлиэтээтэ. Бырабыыталыстыбаҕа бары тустаах сулууспалары кытта олунньуга диэри бу сылга баһаар тахсыан сөп кутталлаах ойуурдарыгар билгэлээһини оҥороллоругар уонна кутталлаах оройуоннары ураты болҕомтоҕо ылалларыгар сорудахтаата. Ол көдьүүстээҕин ааспыт сыл көрдөрбүтэ. Сабаҕалааһын зондировщик-сөмөлүөт үлэтин былаанныырга эмиэ наада. Быйыл сөҥүүнү түһэрии үлэтэ салгыы барыаҕа. Айсен Николаев авиацияҕа туттуллар уматыгынан хааччыйыыга, минерализованнай балаһаны оҥорууга, суһал сулууспалар үлэлэрин тэрийиигэ уо.д.а. тэрээһиннэргэ болҕомтону уурарга эттэ.
Тохсунньу 19 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Биир ньыгыл» партия эрэгийиэннээҕи приемнайыгар дьону кытта көрүстэ. Дьокуускайтан инбэлиит оҕолоох ийэ кэлэ сырытта. Кини Свердлов аатынан уулуссаҕа саахаланар туруктаах дьиэҕэ олорор. Бу эбийиэк 2025 сылга диэри көһөрүү бырагырааматыгар хапсан турар. Билиҥҥи туругунан дьиэ үрдэ сууллар кутталлаах. Айсен Николаев доруобуйатыгар хааччахтаах оҕолоох ыалга саҥа тутуллубут, кадастровай учуокка туруоруллубут дьиэҕэ кыбартыыра көрөргө сорудахтаата.
Маны таһынан приемҥа «Марс» СОНТ бэрэссэдээтэлэ тахса сырытта. Бу табаарыстыба чилиэннэрэ хас да сыл устата сирдэрин учаастагын кыайан регистрациялаппакка сылдьыбыттара, аренда дуогабарын уһатыыны аккаастаан иһэллэрэ. Табаарыстыба бэрэссэдээтэлэ Айсен Николаевка уонна киһи быраабын көмүскүүр боломуочунай Сардаана Гурьеваҕа боппуруос быһаарыллыытыгар көмөлөспүттэригэр махтанна. Билиҥҥитэ 11 чилиэн сирин учаастагын докумуонун оҥотторбут, аны 78 учаастак бу сыл устата регистрацияны ааһыаҕа. Оҕуруот олордууга көрүллүбүт сир учаастактара бас билиигэ бэриллэллэрин туһунан федеральнай сокуоҥҥа уларытыы киириитин механизма өрөспүүбүлүкэ салалтатын туруорсуутунан 2023 сылга диэри уһаан биэрбитэ.
Тохсунньу 19 күнэ. Оскуола оҕолорун уонна ыччат хамсааһыннара «Бастакылар хамсааһыннарыгар» холбоһуохтара. Бу Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын эрэгийиэннээҕи салаата олунньуттан үлэтин саҕалыыр. Ол соруктарын туһунан Ил Дархан эрэгийиэннээҕи салаатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Оксана Михайловалыын кэпсэттилэр. Саха сиригэр хамсааһыны илиир-саҕалыыр сэбиэти Айсен Николаев салайар. Кини муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын олохтоох сэбиэттэри сүррүннэһэргэ ыҥырбыта. Ил Дархан эрэгийиэн салаатын кэмигэр федеральнай үбүлээһини ылар гына, юридическай сирэй быһыытынан регистрацияны ааһарыгар сорудахтаата. Биир кэлим иитии былаанын тэрээһиннэрин олоххо киллэриигэ миэстэтигэр куратордар үлэлиэхтэрэ.
Тохсунньу 19 күнэ. Айсен Николаев «Колмар УК» 2022 сыллааҕы үлэтин түмүгүн уонна былааннарын көрдө. Хампаанньа Нерюнгри улууһугар Денисовскай, Чульмакан и Үөһээ Талуматааҕы таас чохтоох сиргэ үлэлиир. Ааспыт сылга 12,4 мөл. туоннаттан тахса чоҕу хостообуттар. Ол иннинээҕи сылтан 38%-нан үрдүк. 2023 сылга 14,3 мөл. туоннаны былаанныыллар. Инаглинскай-2 тимир суол ыстаансыйатын бастакы уочаратын туппуттар. Быйыл «Инаглинскай-2» хайа байытар фабриканы үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Нерюнгрига дьон олорор кыбаарталын тутуу, Нерюнгритааҕы ГРЭС-кэ, Нерюнгри уонна Алдан улуустарын хочуолунайдарыгар чоҕу тириэрдии, производстваҕа куттала суох буолууну хааччыйыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ураты болҕомтону каадыры бэлэмнээһиҥҥэ уураллар. Быйыл эбии 600 үлэһиккэ наадыйаллар. Ил Дархан Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр Саха сирин Соҕурууҥҥу технологическай колледжыгар хайаттан хостуур салааҕа анал идэлэргэ үөрэххэ ылыы хонтуруолунай сыыппаратын үрдэтэргэ сорудахтаата.
Тохсунньу 20 күнэ. Айсен Николаев Крым Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Кини бу аҥардас Крымҥа олорор дьоҥҥо эрэ сыһыаннаах буолбакка, Арассыыйа гражданнарын барыбыт бырааһынньыга буоларын санатта. Урут-уруккуттан Крым биһиги сөбүлээн сынньанар, талаһар сирбит, кэрэ айылҕалаах, ураты историческай архитектуралаах, мусуойдардаах, култуураҕа, литератураҕа уһулуччу нэһилиэстибэлээх, баай үгэстэрдээх эрэгийиэн буолар. Ол эрээри сүрүн баайынан хорсун, үлэһит, ыалдьытымсах дьоно-сэргэтэ буолар. «2014 сыл кулун тутар 16 күнүгэр ыытыллыбыт референдумҥа Крым нэһилиэнньэтин 97% Арассыыйаҕа холбоһорго куоластаан, дьиҥнээх патриотизм, хорсун быһыы уонна көҥүлгэ тардыһыы холобурун көрдөрбүтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Крым Өрөспүүбүлүкэтин доҕордуу сибээс ситимниир, ол сылтан сыл бөҕөргөөн, күүһүрэн иһэр. Крым Миниистирдэрин сэбиэтэ уонна СӨ бырабыыталыстыбата бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ. 2021 сыллаахха Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа Крым баһылыга Сергей Аксеновы кытары бу сөбүлэһиини олоххо киллэриигэ боротокуолга илии баттаабыппыт. Биһиги улуу Арассыыйа састаабыгар иллээхтик бииргэ олоробут уонна уопсай инникилээхпит», – диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ уонна Крым олохтоохторугар ситиһиини баҕарда.
Тохсунньу 20 күнэ. Ил Дархан салалтатынан Тиксиигэ муора пуордун сайыннарыы боппуруостарын көрдүлэр. Мунньахха пуорт таһаҕаһы таһыытын кээмэйэ улааттаҕына, Арктикаҕа таһаҕаһы таһыы ороскуотун намтатыаҕа, Хотугу муора суола сайдарыгар, пуортка оборудованиены саҥардыыга уо.д.а. көмөлөөх буолуоҕа диэн түмүккэ кэллилэр. «Бу соруктар судургута суохтар. Федеральнай тэрилтэлэри, улахан корпорациялары кытары бииргэ үлэлэһии ирдэнэр. Быһаарсыыттан «дорожнай картаны» ылыныыга, олоххо киллэриигэ тиийиэхтээхпит. Бырабыыталыстыба соруга – бу бырайыак базатын чуолкайдааһын, ол федеральнай үбүлээһиҥҥэ уонна улахан корпорациялар инвестицияларын аҕаларга наадалаах, — диэн Айсен Николаев эттэ. Кини инвестордары уонна партнердары кытары үлэни тэтимирдэргэ сорудахтаата. Бырайыак чэрчитинэн үлэ үс хайысханан барыахтаах – Тиксии пуордун сөргүтүү, Найбаҕа дириҥ уулаах терминалы уонна пассажирдар терминалларын тутуу. Бүгүҥҥү күҥҥэ Күчүс бырамыысыланнай кластерын бырайыага олоххо киирэн эрэр, манна бары инвестиционнай быһаарыылара ылыллан, «Росатом» хампаанньаттан бастакы таһаҕас пуорка кэлэн эрэр. Айсен Николаев этэринэн, Тиксии пуордун сайыннарыы өрөспүүбүлүкэ, оройуон дохуоттаах чааһын улаатыннарыаҕа, үлэ саҥа миэстэлэрин таһаарыаҕа, хотугу таһаҕаһы таһыы суолун-ииһин тупсарыаҕа, Арктика олохтоохторун бородууктанан, табаарынан хааччыйыаҕа. Онон Арктика эргимтэтигэр улахан суолталаах.
Тохсунньу 21 күнэ. Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Денис Пушилин Ил Дархан Айсен Николаевка Саха сирэ бу ыарахан кэмҥэ Донбаһы чөлүгэр түһэриигэ ыытар сүҥкэн көмөтүн, өйөбүлүн иһин махталын биллэрдэ. Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сүбэһитэ, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Игорь Кимаковскай Дьокуускайга оробуочай сырыытын кэмигэр Махтал суругу тириэртэ.
Тохсунньу 22 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа Бурденко аатынан сүрүн байыаннай госпитальга эмтэнэр Саха сирин байыастарын кытта көрүстэ. Ил Дархан биир дойдулаахтарбытын кытта кэпсэтэн, доруобуйаларын туругун, эмэтэниилэрэ хайдах баран иһэрин, инники былааннарын ыйыталаста. Кинилэри өрөспүүбүлүкэ өйүүрүн туһунан иһитиннэрдэ. «Саха сирэ эһиги хорсун быһыыгытынан киэн туттар», — диэтэ. Оттон байыастар Ил Дарханы төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, үлэтигэр ситиһиини баҕардылар. Уолаттар эмтэнии этэҥҥэ барарын, кыһамньы баарын эттилэр. Ону сэргэ быраастар, көмөнү оҥорууга өрөспүүбүлүкэ сүрүннүүр киинэ уонна саха волонтердара олус болҕомтолоохторун бэлиэтээбиттэр. Айсен Сергеевич Саха сирин байыастарыгар үтүөрэллэригэр, чэгиэн туругу баҕарда, төрөөбүт дойдуларыттан аҕалбыт кэһиитин туттарда.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0