Ааспыт нэдиэлэҕэ, муус устар 12 күнүгэр, Ил Түмэн пресс-киинигэр ыытыллыбыт мунньахха Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов салайааччылаах тэрээһин былаана ырытылынна. Дьүүллэһиигэ этиилэр киирдилэр. Сүбэ мунньах иннинэ тэрилтэлэртэн, улуус дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэриттэн тустаах этиилэр хомуллубуттара. Ол курдук, командировка кэмигэр Москубаҕа Вячеслав Штыров Георгий Михайловтыын көрсөн, Саха Сиригэр атырдьах ыйын бүтүүтэ, балаҕан ыйын саҕаланыыта тиийэрин былаанныырын иһитиннэрбит.
Биллэр судаарыстыбаннай уонна бэлиитичэскэй диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ өрөспүүбүлүкэҕэ сырыытын кэмигэр нэһилиэнньэ иннигэр үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр соруктаах. Кини көмөлөһөөччүтэ Маргарита Нифонтова мунньахха кылгастык Вячеслав Штыров үлэтин уонна ситиһиилэрин туһунан сырдатта.
Ол курдук, Уһук Илиҥҥи политехническай институту бүтэрээт, сыралаах үлэтин Саха Сиригэр ананан саҕалаабыт. Үөрэҕин бүтэрэн баран, Владивосток куоракка хаалыан сөп эбит эрээри, ийэтэ Нина Ивановна этэринии, уола силиһэ-мутуга, төрөөбүт сирэ ыҥыран, дойдутугар төннүбүт. Саха норуотун суруйааччыта, бэлиитик Дмитрий Наумов ханнык баҕарар Вячеслав Штыров үлэни тиһэҕэр тиэрдэрин аҕынна.
- Алмаас бырамыысыланнаһын эйгэтигэр уустук балаһыанньа үөскээбитигэр, кинини «АЛРОСА» хампаанньа салайааччытынан анаабыттара. Алмаас бырамыысыланнаһын үчүгэйдик билэр буолан, уопсай таһыма төһүү буолбута. Ирдэнэр докумуоннарыбэлэмнээн, РФ салалтата сөпсөһөн, тутатына ылыммыта. Ол курдук, Вячеслав Штыров бу хампаанньаны атаҕар туруорбута мэлдьэһиллибэт. Түмүгэр «АЛРОСА» хампаанньа дойду биэс бастыҥ бырамыысыланнай тэрилтэтин ахсааныгар киирэрэ ситиһиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар суол-иис, энэргиэтикэ уонна бырамыысыланнас эйгэтин сайыннарыы улахан быһаарар суолталаахтарын өйдүүрэ.
Онон, бэрэсидьиэнниир кэмигэр бастакы докумуонунан Беркакит–Томмот–Дьокуускай хайысханан суолу-ииһи тупсарыыга тустаах ыйаахха илии баттаабыта. Итинтэн ыла Саха Сирин биэс сыллаах сайдыытын былаанын олоххо киллэрии саҕаламмыта. Ону таһынан, 2006 сыллаахха сайдыыбыт өссө күүскэ тэтимирэригэр, Москубаҕа тырааныспары уонна энэргиэтикэни сайыннарыыга анал докумуоҥҥа илии баттаабыта. Маннык стратегическай суолталаах докумуон дойду үрдүнэн аан бастакытын ылыныллыбыта, ол кэнниттэн Арассыыйа атын субъектарынан эмиэ бигэргэммитэ.
- Кини аан бастакынан Өлүөнэ өрүс аннынан гаас ситимин ыытыыны туруорсубута. Салгыы дойду таһымыгар аатырар «Сибиир күүһэ» гаас ситимэ оҥоһуллубута. Таас чох хостооһунун салаатын үлэтэ күүһүрбүтэ. «Якутия» уонна «Полярные авиалинии» хампаанньалар сайдыы саҥа таһымыгар тахсыбыттара. Итинтэн ыла Саха Сиригэр олох-дьаһах лаппа тупсубута. Дойду үрдүнэн экэниэмикэбит биир бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ. Култуура уонна духуобунас эйгэтэ биллэрдик ситиһиилэммитэ. Чуолаан ити кэмҥэ ЮНЕСКО саха олоҥхотун тылынан уус-уран нэһилиэстибэлэргэ киһи аймах бастыҥ айымньытынан билиммитэ, -- диэн Дмитрий Наумов кэпсээтэ.
Салгыы кылгастык үбүлүөй чэрчитинэн ылыныллыбыт былаан туһунан иһитиннэрдэ: – Үөрэх тэрилтэлэрэ, министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр бэйэлэрин көрүүлэрин биллэрбиттэрэ. Вячеслав Штыров олус сэмэй киһи, онон официальнай улахан тэрээһиннэр ыытыллыбаттар. Ол оннугар оҕолорго анаан элбэх тэрээһиннэр киирбиттэрэ үөрдэр.
Билиҥҥи кэмҥэ дойдуга ыччаппыт истиҥ тапталлаах салайааччыбытын холобур оҥосторо бэртээхэй буолуо этэ. Ол курдук, былааҥҥа араас куонкурустары, аһаҕас уруоктары, научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэлэри ыытыы киллэрилиннэ. Хаандыгаҕа саҥа чочуобуна тутуллан үлэҕэ киириэҕэ.
Маны таһынан, саҥа кинигэ тахсыаҕа, киинэ уһуллуоҕа. Мунньах кэмигэр ыйытыы, этии балачча буолла. Ону барытын сурукка тиһэн, үбү-харчыны суоттаан, тэрийэр хамыыһыйа үлэтин былааныгар түмүөҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0