Билигин оскуолаларга дистанционнай үөрэхтээһин көрүҥүн туһанары утары санаалар нэһилиэнньэҕэ сытыытык тураллар. Ол курдук, социальнай ситимнэргэ былаастар кэтэхтэн үөрэхтээһиҥҥэ көһөрөр туһунан толкуйдууллар диэн сымыйа сурах тарҕаныытыттан төрөппүттэр айманаллар. «Оҕолор интернет нөҥүө үөрэнэллэригэр уустук. Төрөппүттэргэ тиэрдиэм этэ – бу кылгас кэмҥэ ылыллыбыт миэрэ буолар. Биһиги дойдубутугар пандемия кэннэ дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ букатыннаахтык көһүү көрүллүбэт. Маннык быһаарыыны ылыныы былааҥҥа суох», — диэн спикер бэлиэтиир. Интернет-порталларга эпидемия кэмигэр киллэриллибит дистанционнай үөрэхтээһин хаачыстыбатын туһунан куһаҕан сыанабыллар күн ахсын элбии тураллар.
Биһиги маннык көрүҥҥэ көһүүгэ бэлэмэ суохпутун көрдөрдө, - диэн Матвиенко кэпсээтэ. - Билигин учууталлар уонна үөрэнээччилэр ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көһөргө бэлэмнээх буолалларын туһунан кэпсэтэбит. Аны туран саҥа көрүҥнэртэн аккаастаныа суохтаахпыт. Маны таһынан Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ аҕыйах ахсааннаах тыа сирин уонна куорат оскуолаларыгар дистанционнай үөрэхтээһин көрүҥүн киллэрэри кириитикэлээтэ. Ол курдук, холобур, 7 үөрэнээччилээх оскуолаларга кэтэхтэн үөрэхтээһиҥҥэ көһөрөр туһунан санаалар үөскүүллэрэ билиннэ.
Хаартыскалар интернет аһаҕас ситимиттэн туһанылыннылар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0