Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Сэтинньи 8 күнүгэр кырдьаҕас суруналыыс, суруйааччы, тылбаасчыт, публицист, муударай бөлүһүөк, саха саарына, хас да көлүөнэ сахалыы тыллаах хаһыатчыттар, суруналыыстар ытыктыыр, сүгүрүйэр аҕа киһилэрэ Дмитрий Васильевич Кустуров 95 сааһын томточчу туолар. Саха Сирин суруналыыстыкатын аксакалын үбүлүөйдээх күнүн көрсө биллиилээх суруналыыс, өр сылларга бииргэ үлэлээбит Иван Ксенофонтов – Силиги ыстатыйатын билиһиннэрбит.

Сэтинньи 8 күнүгэр кырдьаҕас суруналыыс, суруйааччы, тылбаасчыт, публицист, муударай бөлүһүөк, саха саарына, хас да көлүөнэ сахалыы тыллаах хаһыатчыттар, суруналыыстар ытыктыыр, сүгүрүйэр аҕа киһилэрэ Дмитрий Васильевич Кустуров 95 сааһын томточчу туолар. Саха Сирин суруналыыстыкатын аксакалын үбүлүөйдээх күнүн көрсө биллиилээх суруналыыс, өр сылларга бииргэ үлэлээбит Иван Ксенофонтов – Силиги ыстатыйатын билиһиннэрбит.

«Кыымҥа» көрсүспүппүт

«Дьэ, Уйбаан, эн көрдөххүнэ хара сарсыардаттан илиилэрин сиэптэригэр уктан баран, хаамса сылдьааччылар баар буолуохтара. Эн, хаһыакка саҥа үлэлиир киһи, кинилэри үтүктүмэ. Оҥорору оҥорон, бүтэрэри бүтэрэн баран, илиилэрин сиэптэригэр да угунналлар, истэригэр тиэмэни толкуйдуу, буһара сылдьар уопуттаах, кырдьаҕас хаһыаччыттар. Кинилэртэн үөрэн, харса суох түһүнэн кэбис»,-- 1984 сыллаахха күһүн «Кыым» хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн үлэҕэ ыларыгар эрэдээктэрим Филипп Гаврильевич Охлопков сүбэлээн, этэн баран, бирикээспэр илии баттаабыта.

«Кырдьаҕас хаһыаччыттар» диэн хайдах эрэ толло, салла истибит буолан, бастаан утаа санаабар харахпынан сиэбигэр укта сылдьар кырдьаҕаһы көрдүүрүм. Дьонум араастаан тутталлар-хапталлар. Ол тухары илиилэрин сиэптэригэр уктубаттар. Онтум баара, кэлин өйдөөн көөртүм, хаһыакка хара бастакы күммүттэн бырамыысыланнас отделыгар остуол нөҥүө-маҥаа олорон бииргэ үлэлиир киһим, Дмитрий Васильевич Кус­туурап буолан хаалла! Суруналыыстар тойоммут, үйэтин тухары кэриэтэ, биэнсийэҕэ тахсыар диэри, сойууспут бэрэссэдээтэлэ, сэкирэтээрэ Иван Васильевич Борисов оччоттон баччаҕа диэри «Улуу Дьаалы Кус Миитэрэйтэн» атыннык ааттаабат. Туох кистэлэ кэлиэй, «Кыым» оҕонньотторо үөрэхтэринэн, билиилэринэн-көрүүлэринэн, суруксуттарынан даҕаны баһыйтарар, майгытын ыарырҕатар буолан истэригэр киллэрбэт, чугасаһа сатаабат, истибэтигэр «кулаах сиэнэ», «диссидиэн» диэн эҕэлээхтик ааттыыр киһилэрэ.

Сүүрбэ сылынан арыттаһар аҕам курдук киһини оччотооҕу оҕочоос, билигин эмэнсийэн да баран Миитэрэй диэхпин тылым тахсыбат. Дмитрий Васильевич кырдьык да, бэлэмнээбит матырыйаалын сарсыардаттан сэкирэтэрийээккэ туттара охсоот, ССТА лиэнтэтин субуруппутунан масыныыскаҕа этэн биэрэн тылбаастаабат кэмигэр, илиилэрин сиэптэригэр уктан баран, олох араас тиэмэлэригэр, бэлиитикэ, экэниэмикэ, наука буоллун, салайааччылар, биллэр-көстөр дьоннор, араас түбэлтэлэр, үйэлэр, дьыллар-сыллар уратылаһыыларын тустарынан өрөспүүбүлүкэ, дойду, аан дойду таһымынан лиэксийэ ааҕан ньылбырытарын оччоттон баччаҕа, «кулгаахтарым дьөллүөхтэригэр» диэри истэн кэллим. Олоҕум оскуолатыгар учууталым, бэрэпэдэбээтэлим диибин.

333

Олоххор араастаан эрийэн-мускуйан үөйбэтэх өттүгүттэн онно-манна тириэрдиэ, көрсүһүннэртиэ-тиксиһиннэртиэ, араартыа-атарахсытыа. Борбуйбун көтөҕөн эрэр уон биэстээх уолчаан сайын дьиэ үрдүгэр, хоруобуйа иһигэр дугуйданарым, утуйарым. Сарсыарда эрдэ уһуктан сытан Дмитрий Кустуурап «Аатырбыт снайпер» кинигэтин сөҕөн, тартаран, саха улуу снайперынан киэн туттан, кини курдук буолуохпун баҕаран, утатан ууну ыймахтыыр курдук хаста да төхтүрүйэн аахпытым. Ол сахха, чолохочуус уол бу кинигэни суруйбут Дмитрий Кустуурабы кытта көрсүһүөм, 40-ча сыл бииргэ үлэлиэм, алтыһыам, 90-нун томточчу туолуор диэри «эн-мин» дэсиһэн, окумалбытыттан ылсыһан бокуҥнаһар оҕонньоттор буолуохпут диэн түһээн да баттаппат буоллаҕым.

Өһөс майгым киһи оҥорбута

– Мин өһөспүн, хадаардастахпына -- хадаар да киһибин. Ол да иһин, 50-с сыллартан, сахалартан үрдүк үөрэхтээх элбэҕэ суох кэмигэр, МГУ-ну ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит исписэлииһи үөһээттэн «табыгаһа суох киһи» курдук көрөннөр, баартыйа обкуомун салалтатын дьаһалынан үүннэриэхтээҕэр, наар оройго биэрэ, баартыйабыттан таһаара, атынтан атын тэрилтэҕэ «көскө ыыта» сылдьыбыттара. Дэлэҕэ кырдьаҕас «кыымнар»-- баартыйа тылыттан тахсыбат хомуньуустар – «диссидиэн» диэн ааттыахтара, тэйиччи туттуохтара дуо. Оҕо сылдьан, 8 сааспыттан, сэрии, сут-кураан ыар кэмнэригэр, оонньооботох оҕо саастаах бэйэм көлүөнэм курдук, хара өһөспүнэн туруулаһан, аччыктаан, тоҥон-хатан кутуйах хасааһын хасыһан, тутум саҕа үүнэр ньэчимиэн бурдугу баайан, кирпииччэ үктээн, оттоон, сүөһү көрөн, кыһынын былыргы Томпо оройуонун 1000 нэһилиэнньэтин аһатар-таҥыннарар таһаҕас таһыытыгар сылгы, оҕус иччитэ буолан борбуйбун көтөхпүтүм, -- Улуу Дьаалы ол былыргы үйэтээҕини, кыракый уолчааны харахтарын симириктээн тыыннаахтыы көрөн олорон кэпсиир.

Аҕата өлөн, тулаайах хаалбыт Миитэрэй ийэтинээн Кириэс Халдьаайыга, Аллан өрүс үрдүгэр турар Эбэ алаас куулатыгар аҥаар илиилээх инбэлиит Киппирийээн Мылаахтыырап оҕонньордооҕу кытта дьукаах олорбуттара.

Оччолорго Уус-Ньараҕа көмүс көстөн, хостооһун үлэлэр саҕаланан, олорго таһаҕас таһыытыгар көтөр 5-6 ууга түһэр сөмөлүөттэр Кириэс Халдьаайыга базаланан, тохтоон көрүнэн-истинэн, саппараапкаланан ааһаллара. Дима уол кытыл сыырын таҥнары сүүрэн киирэн, лүөччүктэртэн арахпат, тугу эрэ кэпсэтиһэр, интэриэһиргиир-ыйыталаһар буолан барбыта.

Аны 400-чэкэ ГУЛАГ хаайыылаахтарын харабыллыыр Дальстрой лааҕырын үлэһиттэрэ кинилэргэ мэлдьи сылдьаллара, үүт, сүөгэй атыылаһаллара. Миитэрэй кинилэрдиин эмиэ мэлдьи алтыһара, умуһахтан бытыылкаҕа, бөтүөҥҥэ үүт таһаарара.

– Көр, оннук нууччалыы саҥара үөрэнэн, бэл оскуолаҕа Юмина диэн соҕурууттан саҥа кэлбит учуутал кыыска уруокка тылбаасчыттыыр буолбутум. Кини кэпсээнин, тугу диирин оҕолорго сахалыы, учууталбар оҕолор ыйытыыларын, хоруйдарын нууччалыы тылбаастыырым. Нууччалыы билбэтим буоллар, кэлин МГУ курдук улахан үөрэх кыһатыгар туттарсар да кыаҕа суох буолуом этэ,-- оччотооҕу муор-туор, тулаайах уолчаан эрэйдээх тобуллаҕас өйүн-мэйиитин, үөрэҕи ылынымтыа дьоҕурун сөҕөн кэбиһэҕин.

«Кыымнар» били «кулаах сиэнэ» дииллэрэ оруннаах курдук. Эһэтэ Туйах Ньукуус балтараа сүүсчэкэ сүөһүлээх кыанар киһи этэ. Аҕата тыыннааҕар холкуоска киирбэккэ, уонча сүөһүлээх хаһаайыстыбатын тутан биирдэм дьаһанан олорбут. Өлбүтүн кэннэ ийэтэ Дария Тарасовна холкуоска киирбит. .

Сап саҕаттан салҕанан үөрэххэ, сырдыкка

– Соҕотох, сааһырбыт ийэбин көрүөм-харайыам диэн үлэлиир санаалаах сырыттахпына, ийэм эрэйдээх өсөһөн туран, күүһүнэн үөрэххэ ыыппыта. Тырыттыбыт ыстаанынан тобуктара кытара сылдьарын арынан көрдөрө-көрдөрө: «Үлэҕэ дьол баар дииллэрэ сымыйа. Үйэм тухары үрүҥ харахпын өрө көрбөккө үлэлээбитим түмүгэ бу баар. Дьол диэн үөрэххэ буолуо. Миэхэ кыһаллыма, туох да буолуом суоҕа. Хайаан да үөрэнэ бар,--диэн, бастыҥ үлэтин иһин бириэмийэлэммит сүөһүтүн 6000 солкуобайга атыылаан, онон үптээн-харчылаан Дьокуускайга утаарбыта. Онон, 1944 сыллаахха, 7-с кылаас кэнниттэн эҕэ-дьаҕа буолан, Дьокуускайга педагогическай учуулуссаҕа үөрэнэ киирбитим.

Оччолорго арҕаа түөрт сылы быһа сэрии күүдэпчилэнэ турара. Аас-туор, тииммэт-түгэммэт олох, туохха барытыгар карточнай систиэмэ этэ. Килиэп күннээҕи нуормата үлэһит киһиэхэ 800, оттон устудьуоҥҥа 450 кыраам буолара. Арыы, саахар, туус, о.д.а. бородуукта барыта толуонунан бэриллэрэ.

Олох аһыыта, ньулууна биллэн барбыта

Сэрии сылларыгар Дьокуускайга криминальнай быһыы-майгы тыҥааһыннаах этэ. Олох эрэйин-муҥун, кыһалҕаны бырааптанан, бэрээдэги, сокуону кэһиини күөртээччи хара санаалаахтар бааллара мэлдьэх буолбатах. Омсолооҕо, тутар-хабар структуралар өртүлэриттэн күлүгээннээһин, холуобунай дьыала чахчыларын национальнай «кырааскалыы» сатааһын баара. Устудьуон Дмитрий Кустуурап ол сабыдыалын этинэн-хаанынан билэн, саллан-чаҕыйан турардаах.

– Биир киэһээ 80-ча буолан утуйар хоспутугар милииссийэлэр көтөн түһэн сээкэйбитин, кинигэлэрбитин, тэтэрээттэрбитин ньэҥнийии кытаанаҕа буолла. Бүтэһиккэ уонча уолу, ол быыһыгар миигин эмиэ, тутан илдьэ бардылар. Тиийбит сирбитигэр хос ортотугар хаһан да көрбөтөх улахан остуолум түгэҕэр сэрииттэн кэлбит фронтовигы, тыаттан киирбит учууталы уонна миигин, өссө кими эрэ сонно тута балтараа ый хаайыыга олордон, муҥнаан-таҥнаан баран ыыппыттара. Педучуулуссабытыгар үөрэнэ Булуҥтан тахсыбыт алта уолу, ол иһигэр мин тастыҥ убайбын хаайыыга утаарбыттара. Биһигини тутуу-хабыы төрдө, кэлин билбиппит, өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын эргитиитинэн «Саха сиригэр национализм буулаата» диэн баартыйа Киин кэмитиэтигэр үҥсүү сурук тиийбитин, баартыйа обкуомун оччотооҕу бастакы сэкирэтээрэ И.Е.Винокуров саба охсон, 1928 сыллаах курдук эмиэ биир иэдээннээх уураах тахсыахтааҕын уҕарыппыттаах,-- Дмитрий Васильевич сымыйанан балылла сыспыт түгэнин, юстиция генерал-лейтенанын иннигэр уу-хаар баһан турбут түбэлтэтин умнубат.

Аны, учуулуссаны бүтэрбиттэригэр, 7 эдэр исписэлииһи Таймыыр долганнарыгар учууталлата ыытарга сорудах кэлбит. Биир да иннинэн буолар киһи суох.

– Туспар кыһаллар киһитэ суох буолан, соҕотоҕун туран хаалбыт киһини, миигин утаарбыттара. Ону баара, Туураҕа тиийэн үлэлээн иһэммин, Тунгууска өрүс кытылыгар олохтоохтору кытта бултуу сылдьан халтарыйан хайаттан сууллан эмсэҕэлээммин, дойдубар төннөн кэлбитим,-- сэһэргэһээччим сонньуйан ылар. – Ол миэхэ дьол тосхойбутун кэриэтэ буолбута. Дьокуускайга кинигэ издательствотыгар кэриэктэринэн, салгыы эрэдээктэр көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитим. Манна аан бастаан тылбааска сыстан, олоҕум устата суруксуттуурбунааҕар үгүөрү харчыны аахсар буолбутум. Издательство таһаарар кинигэлэрин аҥаара оччолорго тылбаас этэ. Аан бастаан төрдүс кылааска аналлаах ССРС устуоруйатын тылбаастаабыппын өйдүүбүн.

Таатталары соҕуруу үөрэххэ ыыппат кэмнэригэр

Дмитрий Кустуурап улуу өсөһүгэр таһыччы сымыйалаан туран, Москватааҕы Судаарыстыбаннай үнүбэрситиэккэ үөрэхэ киирэн турар. Ити 1950 сыллаахха этэ. Саха интэлигиэнсийэтин чулуу бэрэстэбиитэллэрин буржуазнай националистарынан буруйдуур БСК(б)П КК-тин Сэкирэтэрийээтин 1928 сыллаах сүлүһүннээх уурааҕа тахсыаҕыттан, Саха сиригэр хаста да төхтүрүйэн «националистары», «норуот өстөөхтөрүн» эрэпириэссийэлээһин долгуна саба халыйбыта өссө да уоста илигинэ, «Таатта дьыалатынан» сибээстээн, ити оройуонтан үрдүк үөрэх киин кыһаларыгар биир да киһини ылбат, үөрэттэрбэт кытаанах дьаһал баара. Баартыйа обкуома ону кыраҕытык кэтиирэ.

– Соҕуруу үөрэнэ барааччылар нууччалыы билиилэрин таһымын бэрэбиэркэлээн диктант дуу, сочинение дуу суруйтараллара. Онно бараары хомуна сырыттахпына, Уоһук Чарин диэн билэр киһим: «Нохоо, дьэ, Тааттабын диэн өлөөйөххүнүй. Ыытыахтара суоҕа. Туора сотон кэбиһиэхтэрэ»,--диэн сэрэтэн сэрэппитэ. Кырдьык, оннук буолта. Сочинение суруйа олордохпуна Баһылай Сэмэнэп диэн биллэр хапсаҕайдьыт, учуонай бэрэпэдэбээтэл чугаһаан кэлэн: «Хантан сылдьар киһигиний, доҕоор?»-- диэн бэрт ылбаҕайдык ыйыппытыгар: «Куораттан»,--диэн ону эрэ кэтэһэн олорбут киһи курдук, «чап» гыннарбытым. Инньэ гынан, биллэр партийнай үлэһит, баартыйа Бүлүүтээҕи, Намнааҕы райкомнарын бастакы сэкирэтээрдэринэн үлэлээбит Михаил Егорович Кустуровка балыйтаран, кини аймаҕа дии санааннар, үөрэххэ аһарбыттара,-- диэн Улуу Дьаалы кырдьаҕас санаата кэлэн астына ахтар.

Макинтоштаах устудьуон

Дмитрий Кустуурап МГУ-га үөрэммит сыллара улахан олоҕун саамай сырдык, эрчимнээх эдэр сааһын сөҕүрүйбэт чаҕылхай кэмнэрэ. Баардаах баара өтөн, үөрэҕин сэргэ «холтууралаан» «Росполиграфиздат» сакааһынан сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэр, уобаластар издательстволара таһаарар матырыйаалларын ырытан рецензия суруйара. Ол курдук Ростовскай уобалас, Кубань, дойдутун Саха сирин издательстволара таһаарбыт үлэлэрин ырытан гонорар бөҕөтүн аахсара. Биир рецензия 400 солкуобай сыаналааҕа. Оттон истипиэндьийэтэ 100 солкуобайы кыайбата. Инньэ гынан «диагональ» диэн аатырар, барбах тойоттор тиктэрэр матырыйаалларынан көстүүмнээх, макинтоштаах МГУ устудьуонун кылааннааҕа буола, аатыра сылдьыбыта.

Олоххо атын көрүүлэрдээх

– МГУ-га үөрэнэ сырыттахпытына атын дойдулар баһылыктара, бэйэбит миниистирдэрбит, аатырбыт суруйааччылар, артыыстар, оччотооҕу олоҕурбут үгэһинэн, үгүстүк ыалдьыттыыллара. Индияттан Неру, Эмиэрикэттэн Никсон, Ирантан Реза Пехвели курдук үгүс улуу да, үтүө да дьону кытта көрсүһүү биһиэхэ иккис үнүбэрситиэккэ үөрэммиккэ тэҥнээҕэ. Холобур, академик Н.Н.Баранскай, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ В.В.Мацкевич, суруйааччы, Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолбут К.М.Симонов кэллэхтэринэ көрсүһүү, арыт мөккүһүү аҥаардаах, сүрдээх истиҥ буолара. Миниистир Владимир Мацкевич кэпсээниттэн Англияҕа, Эмиэрикэҕэ тыа хаһаайыстыбатын таһыма үрдүгүн, 25 тыһыынча кууруссалаах пиэрмэҕэ тыраахтар көлөлөөх соҕотох киһи үлэлиирин аан бастаан билэн сөхпүппүт. Оттон Индия вице-президенэ Раха Кришнен: «Европа дойдулара илин дойдулары халаан сайдыбыттара. Ол кэскилэ суох. Дьиҥнээх сайдыы илин дойдулартан тахсыаҕа»,-- диэн оччолорго аһаҕастык этэрэ,-- Дмитрий Васильевич сөҕө, бэркиһии кэпсиир.

Устудьуон Дмитрий Кустуров сайыҥҥы каникулларыгар бииргэ үөрэнэр доҕотторун кытта Арассыыйа киин уобаластарынан анаан-минээн кэрийэ, ону-маны үлэлээн харчылаһа, нуучча тыата хайдах олорорун, олох таһыма төһө сайдыылааҕын-хаалыылааҕын илэ көрө, кыраһыын лаампалаах, абырахтаах ыстааннаах, самнархай дьиэлээх боростуой норуоту кытта алтыһа, санаатын билсэ айанныыр, кэрийэр этэ. Итинник сырыылара, аан дойду, дойду биллиилээх бэлитиичэскэй, судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэллэрин этиилэрин-тыыныыларын иҥэриниитэ, бэйэтэ этэринэн «иккис үнүбэрситиэтэ» эдэр киһи олоҕу көрүүтүн, олоххо сыһыанын, идеология, бэлиитикэ боппуруостарын сыаналааһынын тосту уларыппыта. МГУ-ну бүтэрбит атын өйдөөх-санаалаах киһи дойдутугар эргиллибитэ. Эргиллибитэ туоратыллаары, оройго охсуллаары. «Диссидиэн» дьаралыга иҥэриллээри.

Муннуга бэриллии, оройго охсуллуу

-- Дойдубар эргиллэн, Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар эрэдээктэринэн анаммытым. Ол кэмҥэ издательство туох да былаана суох, саха суруйааччыларын айымньыларын, дьоҥҥо-сэргэҕэ күннээҕи олоҕор туһалаах кинигэлэри туора анньан, учуонайдар геологияҕа, биологияҕа нууччалыы научнай үлэлэрин Москваҕа, Новосибирскайга таһаартаралларын оннугар, манна таһаартара олороллоро. Ону утарсаммын, тохтотон, сыл курдук мөккүөрү тардан, обкуомтан оройго охсуллубутум. Обкуом сэкирэтээрэ: «Туох буолбут Кустуурабый. Ким кинини, Таатта киһитин, үрдүк үөрэххэ ыыппытай?» -- диэн уордайан остуолу охсубут этэ. Инньэ гынан, ССРС НА Саха сиринээҕи салаатыгар, сол да учуонайдарга, үлэҕэ ыытыллыбытым. Кэлин, бэйэм нассынаалынай бибилэтиэкэҕэ үлэлииргэ күһэллибит кэммэр, аспирантураҕа киирээри ыйыталаспыппар, «кини курдук киһини наукаҕа киллэрбэппит» диэн аккаастаан тураллар. Итинник мунан-тэнэн, оройго охсуллан, муннуга бэриллэн «диссидиэн» аатыран, 1959 сыл күһүнүгэр, балаҕан ыйыгар, сахалыы тахсар саамай улахан хаһыакка – «Кыымҥа» кэлбитим. Онно түөрт ыйынан, бэйэбэр соһуччу соҕус, эппиэттиир сэкирэтээр солбуйааччытынан анаабыттара. Эрэдээксийэҕэ кэлэрбэр, кэм да, биир кырдьаҕас: «Икки улахан тэрилтэҕэ сүгүн сылдьыбатах киһини биһиги хайдах үлэһит оҥостобут?»--диэн эппитин кэлин истибитим,-- Дмитрий Васильевич үлэлээн-хамсаан кэлбитин санаан, МГУ курдук үрдүк үөрэхтээх киһини кэмигэр өрө таһааран, үүннэрэн райком сэкирэтээрэ, обком, совмин үлэһитэ дуу буолтум буоллар, кырдьар сааспар үгүөрү биэнсийэлээх буолуом этэ, диэн сонньуйан ыларын иһиттэхпинэ: «Ээ, Дмитрий Васильевич, бар дьоҥҥор, норуоккар айбыт-туппут үлэҕинэн үйэлэргэ ааккын ааттатар суоруллубат-сотуллубат суоллаах-иистээх улуу суруналыыс буоллаҕыҥ дии!»-- диэн алы гынабын.

Дьоруой үрдүк аатын туруулаһыы

-- Биирдэ, 1943 сыллаахха саас, «Боевой листок» диэн ааттаан истиэнэ хаһыатын таһаарбыттара. Мин онно Сүөдэр Охлопков туһунан суруйбуттарын сонурҕаан, нэдиэлэ устата хас сарсыарда аайы кэлэн ааҕарбын өйдүүбүн.Ол да иһин эбитэ дуу, кэлин сэрии тиэмэтиттэн туора турарым табыгаһа суох буолбут быһыылаах, – кырдьаҕас хаһыатчыт инньэ 60-с сыллартан сүрүн тиэмэ оҥостубут, элбэҕи ситиспит айар үлэтин ырытан, анааран көрүнэр. – Хаһыакка күннээҕи үлэм таһынан, быстахтык ыллахха, Саха Сириттэн сэриигэ ыҥырыллан барбыт үс Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын-суолун ирдэһэн булан чопчулаан дьоруойдар испииһэктэригэр киллэттэрбитим.

Түбүгүрүүм биир боччумнаах түмүгэ Улуу Кыайыы 20 сыла туолуутугар, 1965 сыллаахха, Федор Матвеевич Охлопковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрэри ситиһиим этэ.

Дмитрий Кустуров Ф.М.Охлопков бойобуой сырыыларын туһунан докумуоннары, матырыйааллары икки сайын (1963-1964 сылларга) Подольскайга архыыпка киирэн хомуйбута. Федор Охлопков туһунан бэчээккэ 132 араас матырыйаал, очеркаттан информацияҕа тиийэ тахсыбыт. Араас сирдэринэн тэлэһийэн, кини бииргэ сэриилэспит, кинини билэр дьону көрсүтэлээн ахтыыларын, хаартыскалары, докумуоннары оҥоойугу толорор курдук хомуйсубута.

444

Ити барытын түмүгэр 80-тан тахса страницалаах ыспыраапканы 1965 сыллаахха бэлэмнээбит. Ол докумуону ССКП обкуомугар, уобаластааҕы байыаннай комиссариакка, ССКП КК-тын наҕараада отделыгар ыыталаабыттара. Сэрии кэминээҕи II Прибалтийскай фронт командующайыгар маршал И.Х.Баграмяҥҥа суругун штабыгар илдьэн хаалларбыта.

– Оччолорго, Улуу Кыайыы 20 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, дойду үрдүнэн 12 400 киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатыгар түһэриллибит этэ. Олус элбэх, дьыала хамсааһына олус бытаана. Федор Матвеевич Охлопков Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатыгар түһэриллэр дьыалата кэмигэр тириэрдиллэн, сөптөөх быһаарыы ылынылларыгар быһаарар суолталаммыта. Сэбиэскэй Сойуус маршала И.Х.Баграмян саха чулуу уола, Аҕа дойду Улуу сэриитин аатырбыт снайпера Федор Матвеевич Охлопков Дьоруой үрдүк аатын сүкпүтүнэн аан бастакынан саха норуотун эҕэрдэлээбитэ. Оттон маршал И.С.Конев: «Арассыыйа улуу снайпера» диэн ааттаан тэлэгирээмэ ыыппыта,-- Улуу Дьаалы суруналыыс, хаһыатчыт Дмитрий Кустуурап дойдутун, норуотун туһугар оҥорбут улуу дьыалатын, түбүктээх, түмүктээх үлэтин туһунан күннээҕи дьыала курдук бэрт холкутук кэпсиир.

Хорсун хаһыаччыт сотуллубат суола

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан итиэннэ Суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара, ССРС, СӨ бэчээтин туйгуна, Томпо, Таатта улуустарын бочуоттаах гражданина Д.В.Кустуров 1949 сылтан бэчээт эйгэтигэр үктэниэҕиттэн, бэлиитикэ, экэниэмикэ, наука, устуоруйа, култуура тиэмэлэригэр, бэлитиичэскэй эрэпириэссийэ уонна ол содулларын чинчийиигэ, кырдьыктаахтык дьоҥҥо-норуокка тириэрдиигэ, тосту уларытыылаах 90-с сылларга саҥа Саха Сиригэр Бэрэсидьиэн былааһа олохтонуутун, атаҕар туруутун, саҥа тутулу, олоҕу араас саба түһүүлэртэн хорсуннук, сорунуулаахтык көмүскээһиҥҥэ, сайдыы таба суолларынан инники дьулуһууга бар дьону көҕүлээһиҥҥэ ахсаабат айымньылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. П.А.Ойуунускай 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ бырабыыталыстыба хамыыһыйатыгар киирэн хас да кинигэни таһаарбыта. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр дьоруойдуу охтубут Саха сирин буойуннарын кэриэстээн, сырдык ааттарын үйэтитиигэ 9 туомнаах «Өйдөбүнньүк» мемориал-кинигэни таһаарыыга редколлегия чилиэнин быһыытынан уһуннук, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Ити барыта уһун уонна өр кэпсээн.

Хамнас эрэ ылаары үлэлээбэтэх эбиппин

– Мин хамнас эрэ ылаары үлэлээбэтэх эбиппин. Урукку идеология ирдэбилэ суох буолаатын кытары, бастаан бөдөҥ общественнай диэйэтэлбит Сэһэн Ардьакыап туһунан бастакы кинигэни ким-хайа иннинэ суруйбутум. Аны биир туспа боччумнаах үлэм П.А.Ойуунускай хаайыыга олорон кими да уган биэрбэтэҕэ диэн «П.А.Ойуунускай тиһэх күннэрэ», «Он отстоял свою честь» диэн нууччалыы-сахалыы суруллубут кинигэм буолар.

1991 сыл мин, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, 61 сааспар үктэммит кэмим этэ. Ону баара, былаас уларыйан, «Саха сирэ» хаһыат тахсар буолбутун кэннэ, политическай ырытааччы быһыытынан ыҥыран ылбыттара. Инньэ гынан, кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы, саҥа үйэ хаһыатын үлэһитэ буола түспүтүм. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев, суверенитет биллэрэн,өрөспүүбүлүкэбит алмаас, кыһыл көмүс, айылҕа гааһын, ньиэп курдук баайтан бырыһыан аахтаран ылары ситиспитин утаран соҕурууҥу үгүс чунуобунньуктар, суруналыыстар Саха Сирин Арассыыйаттан арааран эрэр дииргэ тиийэ буруйдаан тииһигирбиттэрэ аҕай. Михаил Ефимович Саха сирин олоҕун өрө тардар үлэтин көрдөрөн бар дьоҥҥо тиэрдиһэргэ кыаҕым тиийэринэн туруммутум. Ол да курдук, ити тиэмэҕэ хас да кинигэлээхпин. Кини салайбыт уон сылын устата саха нэһилиэнньэтин ахсаана балтараа бүк үрдээбитэ. Кыра омук сайдар, бэйэтин көрүнэр кыаҕа дьонун ахсааныттан быһаччы тутулуктаах. Онон Михаил Ефимович 10-15 сылынан саха ахсаана мөлүйүөҥҥэ тиийдэҕинэ эрэ сатанарын хаста даҕаны бэркэ кичэйэн эппитэ эмиэ баар,-- муударай бөлүһүөк, саха саарына, хас да көлүөнэ сахалыы тыллаах хаһыатчыттар, суруналыыстар ытыктыыр, сүгүрүйэр аҕа киһилэрэ, Улуу Дьаалы Кустуурап 95 сааһын томточчу туолан олорон өссө да кэпсиирэ, куолулуура элбэх...

Иван КСЕНОФОНТОВ –

Силиги, суруналыыс.

Хаартыскалар  СИА түһэриитэ 

  • 2
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04