Ѳрѳспүүбүлүкэ бүддьүѳтүгэр 72, 5 мѳл. суумаҕа эбии сириэстибэлэр кѳрүллүбүттэр. Бу үлэhиттэр орто хамнастарын 55 тыh. солк. диэри тиэрдэр кыаҕы биэриэҕэ. Ол туhунан тохсунньу 13 күнүгэр, Арассыыйа бэчээтин Күнүгэр, 1 № Бырабыыталыстыба Дьиэтин Ѳрѳспүүбүлүкэ саалатыгар буолбут үѳрүүлээх мунньахха бэлиэтэннэ.
«Иннибитигэр — Үлэ сылынан биллэриллибит 2023 сыл. Дьиңнээх эрэ үлэнэн ѳрѳспүүбүлүкэбит уонна дойдубут сайдыытыгар элбэҕи ситиhиэхпитин сѳп. Оттон үлэлиири биhиги сатыыбыт. Бу биhиги уопсай сыалбытынан буолар. Эhиги билиигит уонна уопуккут, гражданскай позицияҕыт, бэйэҕит ааҕааччыларгыт, кѳрѳѳччүлэргит уонна истээччилэргит иннилэригэр кырдьыктаах информацияны тиэрдии иhин эппиэтинэскит эhиэхэ инникитин даҕаны олох инники үѳhүгэр сылдьаргытыгар кѳмѳлѳhүѳҕэ», — диэн бэйэтин эҕэрдэтигэр Айсен Николаев эттэ.
СѲ Баhылыгын уонна СѲ Бырабыыталыстыбатын Дьаhалтатын салайааччыта Георгий Михайлов эппитин курдук, ѳрѳспүүбүлүкэҕэ салааны ѳйүүргэ «Развитие информационного общества на 2020-2024 годы» уонна «Сохранение и развитие государственных и официальных языков в Республике Саха (Якутия) на 2020-2024 годы» судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэрии салҕанан барар. Ону таhынан сыл аайы СМИ эйгэтигэр СѲ Баhылыгын граннарыгар куонкурустар ыытыллаллар.
«Эhиги матырыйаалларгытынан, бырагыраамаларгытынан уонна сюжеттаргытынан биhиги кэммит, 21 үйэтээҕи Саха сирин тустарынан дьүүллүѳхтэрэ. Ол туhунан бүгүн, анал байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар, дьиңнээх идеологическай сэрии бара турар кэмигэр ѳйдүүр наадалаах. Суруналыыстар объективностарыттан уонна оперативностарыттан, эппиэтинэстэриттэн уонна гражданскай позицияларыттан олус элбэх тутулуктаах», - диэтэ Георгий Михайлов.
Бу күн идэ бастыңнара судаарыстыбаннай наҕараадалары туттулар.
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0
- 0