Бэтэринээрийэ наукатын дуоктара, РФ уонна СӨ наукаларын үтүөлээх дьиэйэтэлэ, СӨ наукаҕа уонна тиэхиньикэҕэ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, ТХССНЧИ бэтэринээринэй биотехнологияҕа лабаратыарыйатын сэбиэдиссэйэ Михаил Петрович Неустроев бэйэтин эйгэтигэр киэҥник биллэр учуонай. Дьиэ сүөһүтүгэр туттуллар биопрепараттары, вакциналары бэйэтэ айан, ырытан оҥортолоон быраактыкаҕа туттууга таһаарбыта ыраатта. Кини ити арыйыылара Арассыыйаҕа, омук дойдуларыгар үчүгэйдик биллэллэр. Сылгыны, үгэс быһыытынан, киэҥник тэнитэн иитэр Казахстаан уонна Монгуолуйа кини препараттарын эбэтэр ырытан оҥорбут технологияларын атыылаһарга өрүүтүн бэлэмнэр. Учуонай өрөспүүбүлүкэҕэ биофармацевтическай производствоны, өссө бырамыысыланнаһы төрүттүүр боппуруоһу уһун кэмҥэ туруорсан кэллэ.
- Михаил Петрович, туруорсар бппуруоскар өссө төгүл төннөн, чопчулаан биэриэххэ. Олоххо киириитэ туохтан тардылларын, кыаллар кыахтааҕын дуу, суоҕун дуу.
- «Био» - «олох» диэн суолталаах. Биология тыыннаах организмы барытын хабан үөрэтэр наука буолар. Тыыннаах организм диэн өйдөбүл киһиэхэ, хамсыыр харамайга эрэ сыһыаннаах буолбатах, үүнээйи эмиэ, ол аата айылҕа кытта тыыннаах организм буолар.
Хайа да киһи, норуот кытта доруобуйатын көрүнүөн. харыстаныан баҕарар. Маныаха булгуччу эми туттуу, туһаныы өссө бигэ мэктиэ буолбатах. Киһи, бастатан, үчүгэй хаачыстыбалаах органическай аһынан-үөлүнэн аһыахтаах. Органическай бородууксуйаны өссө «ыраас экологиялаах ас-үөл» дииллэр. Ааспыт үйэ 60-с сылларын саҥаларыттан Сэбиэскэй Сойууска «Хиимийэ – олох уйгутун төрүтэ» диэн луоһуну өрө тутаммыт, дьэ, кырдьык, бүттүүн хиимийэлээһини ыыппыппыт. Биллэн турар, маннык саҥатытыы сайдыылаах омук дойдуларыттан саҕаламмыта.
Антибиотик – бу хиимийэ. Минеральнай уоҕурдуу – бу хиимийэ. Мөккүөр суох, антибиотик бастаан арыллан, кэккэ ыарахан ыарыылар үрдүк көдьүүстээхтик эмтэммиттэрэ. Ол эрэн антибиотик ыарыыны эмтиирин тэҥэ, организмҥа баар куһаҕан уонна туһалаах микробтары барыларын бииргэ өлөрөн кэбиһэрэ биллэн тахсыбыта. Анал собуоттарга халҕаһанан оҥоһуллан тахсар минеральнай уоҕурдуулар үүнүүнү үрдэтэн үрдэппиттэрэ. Дьэ, кырдьык, «уйгулаах» олохтоммуппут. Оттон минеральнай уоҕурдуу химическэй элэмиэннэртэн турар. Сыыс оту өлөрөр пестицид дьааттаах буолан киэҥник туттуллар. Бэтэринээрийэҕэ антибиотигы харса суох туттабыт. Ол аата хиимийэлээх эти, бурдугу олохпут устата сии олоробут.
Биһиэхэ микрофлораны чинчийэ барбакка, тутатына антибиотигынан эмтээн барыы билигин да киэҥник быраактыкаланар. Киһиэхэ да, дьиэ сүөһүтүгэр да. Хирургияҕа ириҥэрии үөскээһинэ – бу ыарыһах өлбүт микробтарын дьайыыта. Урукку өттүгэр минеральнай уоҕурдууну бас баттах туттуубут түмүгэр, бааһыналарбыт кырыс буордара күүскэ тууһураннар сөптөөх үүнүүнү биэрбэт буолан сыталлар.
- Сөп. Хайдахтаах «уйгулаах олоххо» тиийэн кэлбиппит, баһа-атаҕа да буоллар, өйдөннө. Биһиги баара-суоҕа субьект-өрөспүүбүлүкэ буолабыт, бэдэрээлинэй киинтэн ыйыы-кэрдии кэллэҕинэ эрэ хамсанар кыахтаахпыт. Бу хайысханан антах, кииҥҥэ, туох хамсааһын баарый?
- Этэриҥ курдук, хамсаныы саҕаламмыта балачча кэм буолла. 2016 сыл ахсынньытыгар РФ бэрэсидьиэнин научнай-технологическай сайдыы стратегиятын туһунан ыйааҕа тахсан турар. 2018 сыл от ыйын 25 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуума «Органическай бородууксуйа туһунан уонна РФ туспа сокуоннарын аакталарыгар уларытыылары киллэрии туһунан» бэдэрээлинэй сокуону ылбыта. Ол сокуон Бэдэрээссийэ Сэбиэтинэн биһирэммитэ.
Бу сокуон сүрүн өйдөбүллэрэ диэн 2 ыстатыйатыгар: «Органическай бородууксуйа – экология өттүнэн ыраас тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата, сырье уонна ас-үөл оҥоһуллан тахсыыта, бэдэрээлинэй сокуонунан олохтоммут ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр буолуохтаах» диэн этиллэр. Сокуон бу ыстатыйатын 2 пуунугар: «Органическай тыа хаһаайыстыбата – 2006 сыл ахсынньы 29 күнүнээҕи «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан» бэдэрээлинэй сокуонунан быһаарыллыбыт экэнэмиичэскэй үлэ-хамнас холбоһуктаах көрүҥнэрэ. Олоххо киллэриигэ, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, киһи доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ, буор кырса үүнүүнү биэрэр хаачыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ уонна харыстааһыҥҥа туһуламмыт ньымалар уонна технологиялар туһаныллаллар». Субу сылга «Органическай бородууксуйа туһунан» бэдэрээлинэй сокуон таҕыста.
- Органическай бородууксуйаны оҥорон таһаарыы көдьүүһэ ханнык да мөккүөргэ турбат. Дьыала, сиэбиҥ «төһө иччилээҕэр» буолар. Бииртэн биир уочараттаах кириисискэ хам ылларан олорор, 40 мөл. умнаһыттыйбыт уонна дьадайбыт киһилээх дойдуга даҕаны, өрөспүүбүлүкэбитигэр даҕаны органическай бородууксуйа (ас-үөл) кыахтаах эрэ дьон «кыһалҕата» буоларын, көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук.
- 2013 сыллаахха АХШ-ка Калифорнияҕа сылдьыбытым. Маҕаһыыннарыгар ас-үөл: органическай уонна органическайа суох икки көрүҥэ баара. Органическайын сыаната анарааҥҥыттан үс төгүл араастаһара. Кырдьык, манна хармаан быһаарар оруолланар. Бу гынан баран киһи, кини ким да буолбутун иһин, үчүгэйгэ дьулуһуохтаах. Хайаан да байан барбатаҕын да иһин, от атах тэбэн биэрэн, үлэлээн-хамсаан сөптөөх олоххо эмиэ тиксиэ турдаҕа.
- Өрөспүүбүлүкэбитигэр биотехнология туох эмэ үөскэҕэ баар диэхпитин сөп дуо? Эбэтэр бу хайысхаҕа кылбаччы хаалан хааллыбыт дуу?
- Бу сылга тахсыбыт «Органическай бородууксуйа туһунан» бэдэрээлинэй сокуоҥҥа антибиотик, минеральнай уоҕурдуу, ускуустубаннай буоһатыы туттулуо суохтаахтар дэнэр. Биһиги органическай бородууксуйаны сылгыбытыттан уонна табабыттан эрэ ылар кыахтаахпыт. Ынах сүөһүбүт хиимийэнэн ыгыччы симиллэн турар. Органическай бородууксуйаны ылар сыалынан үлэлиир буоллахха, бары туруоруллар ирдэбиллэри чуолкайдык толоруоххун уонна тутуһуоххун наада. Онтон атын түбэлтэҕэ, этэргэ дылы, оонньууга кыттыбатах ордук.
Эппитим курдук, органическай бородууксуйаны оҥорууну сүрүннүүр Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕа, Дуума сокуоннара бааллар. Туох да муоҕа-чуоҕа суох, биһиги бу сыалтан-соруктан олох хаалан хааллыбыт. Биотехнология ханнык үөскэҕин туһунан этиэххэ сөбүй?
Өссө 15 сыллааҕыта биһиги лабаратыарыйабыт бэтэринээринэй эмтээһиҥҥэ туттуллар «Сахабактисубтил» препараты оҥорон таһаарбыта. Сүөһүгэ эрэ буолбакка, киһиэхэ эмиэ барсыан сөп. Препараппыт туох баар өйдөнөр-өйдөммөт ирдэбиллэри, боруобалааһыннары, хонтуруолу, ыйан-хайан тургутан көрүүлэри барыларын ааспыта. Эмиэ биир итиччэ ахсааннаах көҥүллээһини, лиссиэнсийэни ылбыта.
«Сахабактисубтилы» тутуннахха, организмҥа туһалаах бифидо уонна лакто-бактыарыйалар элбииллэр. Очоҕоско киирэн туһалааҕы элбэтэр, куһаҕаны өлөрөр субуойустубалаах. Аһы буһарыы туруга тупсар. Ньирэй сыптарыйар ыарыытын бохсор. Аны туран, сиилэстээһиҥҥэ туттуллуон сөп. Сиилэс угуллар кэмигэр нуорманан таммалатан бэриллэр. От түүнүгүрэн, тэллэйдэҕинэ ону өлөрөр.
Сэллик палочкатын өлөрүүгэ туттуллар кыахтаах. Ыалдьар киһиэхэ туттар туһунан боппуруоһу эмчиттэргэ туруора сылдьыбытым. Маныаха уопуттаах микробиолог ылсан үлэлэһиэн наада. РНА Пущинскайдааҕы наукаҕа киинэ (килииникэ иннинээҕи чинчийиини ыытар киин) киһиэхэ буортута суоҕун туһунан түмүк оҥорон турар.
- Биотехнология биһиэхэ сулууспалыырыгар тугу оҥоруохха нааданый?
- Бэйэбитигэр биофарм собуота наада. Ол кыаллар кыахтаах. Тыа хаһаайыстыбатын наукалаах-чинчийэр үнүстүүтүгэр биологическай препараттары оҥорон таһаарар сыах өссө 2000 сылтан үлэлиир. Биофарм собуот оҥоһуллар сыаната – 138 мөл. солк. Оттон үлэлии турар сыаҕы саҥалыы уларытан оҥорор буоллахха 35 мөл. солк. наада. Баһылык Айсен Николаев, Ил Түмэн агыраарынай бэлиитикэҕэ, тыа сиригэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, ТХМ бу идьиэйэни өйүүллэр.
Мин учуонай быһыытынан эрэйим-муҥум туһунан, оҥостон олорон да кэпсээтэхпинэ бүтүө суоҕа. Нууччалар «Нет пророка в своем отечестве» дииллэрин дириҥник өйдүүбүн уонна биир оннук ылынабын.
Биофармы тэрийиигэ тиһэх холонуум буолуоҕа. Бу идьиэйэм олоххо киирбэтэҕинэ препараттарбын, вакцинабын атыылаан кэбиһэрим дуу дии саныыбын. Ботуруйуоттаан өрөспүүбүлүкэм, дьонум-сэргэм туһа диэн, уһун сылларга араастаан туруорса, былаастаах дьон сирэйин-хараҕын кэтэһэ-манаһа сатаан ахан биэрдим. Атыылыырга соруннахпына, этэргэ дылы, илиилэри-атахтары быһа тардан ылыахтара.
Эрэлим – Аҕа баһылыкка. Улахан сайдыылаах киһи буоларынан саҥаны, көдьүүстээҕи түргэнник төбөтүгэр түһэрэн ыларынан уратыйар. Биологическай бырамыысыланнаһы тэрийиини сөбүлүүр, өйүүр курдук тыллаах-өстөөх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0