2021 сыл ахсынньыга Россия Федерациятын Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уопсай үөрэх тэрилтэлэригэр хапытаалынай өрөмүөҥҥэ анаан 2 млрд 889,24 мөл. солк. көрүллүбүтэ (2022 с. – 2 532,34 мөл. солк. 2023 с. – 356,89 мөл. солк.). Федеральнай субсидия 25 муниципальнай тэриллии уонна куораттааҕы уокуруктар 58 уопсай үөрэх тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөнүгэр уонна үөрэх тэрилинэн хааччыйарга бэриллибитэ.
Хас биирдии эбийиэккэ Ил Түмэн уонна муниципальнай тэриллиилэр дьокутааттарыттан эппиэтинэстээхтэр сыһыарыллыбыттара. Кинилэр хаамыытын, матырыйаал уонна тиэхиникэ тиэйиитин хонтуруолугар олохтоох дьаһалталары кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Өрөмүөн кэмигэр тахсыбыт сүрүн кыһалҕалар – үлэ уонна үөрэх тэрилин тиэйэн аҕалыы болдьоҕун уһатыы, өрөмүөн кэмигэр үөрэнээччилэргэ үөрэх миэстэтин булуу, үлэ көрүҥнэрэ эбиллииллэрэ уо.д.а.
Ол да буоллар, сорох оскуолаларга өрөмүөн болдьоҕун иннинэ оҥоһулунна. Холобур, икки сылга былааннаммыт үлэлэр биир сылынан Өлөөн улууһун Өлөөн орто оскуолатыгар, Өлүөхүмэгэ Амма-Өлүөхүмэ орто оскуолатыгар бүттүлэр.
Бу бырагыраама уопсастыбаннас, төрөппүттэр, нэһилиэктэр олохтоохторун өйөбүллэрин ылла. Кинилэр бэдэрээтчиккэ сүбэ-ама, күүс-көмө буолаллар. Быйылгаттан дизайн оҥоруутугар үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара эмиэ кытталлар.
Хапытаалынай өрөмүөн хаачыстыбатыттан, сонун архитектурнай быһаарыылартан үөрэх хаамыыта быһаччы тутулуктааах. Үөрэнээччилэргэ кэрэни кэрэхсиир үөрүйэх, олоххо-дьаһахха наадалаах сатабыллар иҥэриллэллэр. Саҥардыллыбыт оскуолаларга ускуустуба, успуорт араас көрүҥнэригэр дьарыктар, күрэхтэр, сынньалаҥ тэрээһиннэрэ ыытыллалларыгар эбии кыахтар үөскүүллэр.
Икки сыллаах үлэ түмүктэрэ:
2022 сылга 38 эбийиэк өрөмүөннэннэ. Саҥа үөрэх дьылын көрсө өрөмүөн хаачыстыбалаахтык маннык оскуолаларга оҥоһулунна: Амма улууһун Болугуругар, Хаҥалас 2-с Дьөппөннүгэр, Дьокуускай куорат Л.Г.Новопашина аатынан 10 №-дээх, 27 №-дээх уонна 31 №-дээх орто оскуолаларыгар.
Маны таһынан, Алдан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас, Муома, Нам, Ньурба, Сунтаар, Томпо, Уус-Алдан улуустарыгар өрөмүөн былааннаммыт кыраапыкка сөп түбэһэн ыытылынна.
Онон Саха сирэ дойду үрдүнэн бастыҥнар ахсааннарыгар киирдэ. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата хапытаалынай өрөмүөҥҥэ көрүллүбүт үп ордуга эрэгийиэҥҥэ хааларын туһунан туруорсубут этиитэ болҕомтоҕо ылыныллан, Бүддьүөт кодексыгар уонна нуормалыыр быраап аакталарыгар тустаах уларытыылар киллэриллибиттэрэ.
2023 сылга 14 оройуоҥҥа уонна Дьокуускай куоракка 37 оскуола өрөмүөннэнэрэ, 4490 миэстэлээх 12 саҥа оскуола дьиэтэ тутуллара былааннанар. Итиэннэ 20 эбийиэккэ 356 895,3 солк. суумалаах өрөмүөн үлэтэ салҕаныа, ол иһигэр 4 эбийиэк куоракка уонна үлэ бөһүөлэктэригэр, 16 – тыа нэһилиэктэригэр, 9 – Арктика улуустарыгар.
Сылы эргиччи тырааныспар сырыытыгар уустук усулуобуйалаах Абый, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Орто Халыма, Усуйаана улуустара ураты хонтуруолга тураллар. Өрөмүөннэнэр оскуолалар ахсааннара элбэҕинэн Горнай, Ленскэй уонна Дьокуускай куорат эмиэ болҕомто киинигэр сылдьаллар. Бу эбийиэктэргэ мусуойдары (түмэллэри) сайыннарыы учуоттанар.
2025 сылтан хапытаалынай өрөмүөн аны оҕо уһуйааннарыгар барара былааннанар. Бу хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэбит сөптөөх уопуттаах. Аҕыйах сыллааҕыта ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрин инновационнай технологиянан тутууга, саҥардыыга, хаачыстыбалаах үөрэҕи-иитиини тэрийиигэ туһуламмыт бырайыагынан ситиһиилээхтик дьарыктаммыппыт. Ол түмүгэр, оҕо сайдарыгар, чэгиэн-чэбдик буоларыгар бары өттүнэн табыгастаах элбэх уһуйаан тутуллубута.
Салгыы бырагыраамаҕа эбии үөрэхтээһин уонна орто профессиональнай үөрэх тэрилтэлэрэ киирэллэрин туруорсабыт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин (Ил Түмэнин) дьокутаата,
«Оскуолатааҕы үөрэх тиһигин саҥардыы» бырагырааманы сүрүннээччи
Габышева Ф.В.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0