Кучу чэйи эрэ буолбакка, Саха Сирин мүөтүн, туустаах сакалаатын оҥорон таһаарар, киэҥ эйгэҕэ биллэр, атаҕар бигэтик турбут урбаанньыт, түөрт оҕо иһирэх ийэтэ бэлиитикэҕэ тоҕо киирбитин туһунан кэпсээнин маннык саҕалыыр:
Михаил Николаев сүбэлээбитэ
- Мин өр кэмҥэ урбаанынан дьарыктанан кэллим, хаһан даҕаны карьера туһунан толкуйдаабатаҕым. Арай инникитин өссө хайдах сайдыахха сөбүн туһунан саныыр буолбутум. Урбаан эйгэтигэр атахпар туран, сөптөөх кирбиини баһылаан баран саҥа саҕахтары арыйаары, дьоҥҥо туһалааҕы оҥороору бэлиитикэҕэ киирдим.
Биэс сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев биһиэхэ кэлэ сылдьан, Саха Сирин үүнээйитин кэнэҕэс көлүөнэҕэ хаалларарга сокуон ылынарга Ил Түмэн дьокутаата буоларбар, дьон туһугар үлэлиирбэр сүбэлээбитэ. Кини мин настаабынньыгым этэ, нэдиэлэҕэ түөртэ эрийэн, чааһы-чааһынан кэпсэтэрбит. Быыбарга киирсэр кэммэр суох буолбутугар ыараханнык ылыммытым.
Ил Түмэҥҥэ ханнык баартыйаттан киирэрбин толкуйдаабытым, «Биир ньыгыл Арассыыйа»үөһэттэн тугу эппиттэрин толорор, оттон мин хаһан даҕаны ким эрэ эппитинэн сылдьыбаппын, көҥүлбүн күөмчүлүүллэрин сөбүлээбэппин.
«Новые люди» баартыйа фракциятын салайааччытын солбуйааччыта Сардаана Авксентьева: «Эйигин күһэйэн туран тугу да оҥотторуом суоҕа», — диэбитин сэргээн, саҥа дьон баартыйатын талбытым. Саҥа дьоннор үлэлэрин миэстэтин сүтэрэртэн куттамматтар, санааларын аһаҕастык этэллэр, үөһээҥҥилэртэн тутулуктамматтар. Кинилэр күүстэрэ итиниэхэ баар.
Сорох дьон оппозиция, спойлер дииллэр даҕаны, чахчы дойдуларыгар бэриниилээх дьон норуокка туһаны оҥороору үлэлииллэр. Биһиги араас эйгэттэн кэлбит алта дьокутаат бэйэ-бэйэбитин кытта алтыһарга, биир сыал-сорук туһугар үлэлииргэ үөрэнэбит.
Ийэлээх аҕам — Үтүөлээх үлэһиттэр
Төрөппүттэрим үйэлэрин тухары салайар үлэҕэ үлэлээбиттэрэ. Аҕам Юрий Егорович Покровскайга алмааһы кырыылыыр собуоту тэрийбитэ. Ийэм Светлана Рафаиловна «Саргы түһүлгэтэ» Хаҥалас улууһун култууратын уонна норуот уус-уран айымньытын киинин 10 сыл салайбыта, онтон 15 сыл тухары ХИФУ «Сэргэлээх уоттара» култуура киинин салайааччытынан үлэлээбитэ.Иккиэн Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтоохторо, Үтүөлээх үлэһиттэр, ону таһынан араас наҕараадаларын ааҕан сиппэккин.
Биһиги түөрт оҕо төрөппүттэрбитин сарсыарда эрдэ уонна киэһэ хойут көрөр этибит, онон кыра сааспытыттан бэйэни дьаһанарга, ас астыырга, дьиэ үлэтин толорорго үөрэммиппит. Үс кыыс бэйэ-бэйэбитин кытта илин-кэлин түсүһэн, күрэхтэһэ улааппыппыт, уочаратынан кыра бырааппытын көрөрбүт.
Кыргыттар сааспытынан биир эрэ сыл арыттаахпыт. Эдьиийим, балтым үөрэххэ наһаа күүстээхтэр, куруук «5» сыанаҕа үөрэнэллэрэ. Балтым Дьокуускайга РФМШ-аны, Москваҕа МГУ-ну, аспирантураны туйгуннук бүтэрэн, билигин «АЛРОСА» хампаанньаҕа үлэлиир.
Мин саамай сытыылара-хотуулара үҥкүүгэ, каратэҕа сылдьарым. 18 сааспар «Мисс Хаҥалас» буолбутум, онтон «Мисс Якутия» кыттыбытым. СГУ физическэй факультетын бүтэрэн баран Бельгияҕа Антверпен куоракка үөрэнэн 1999 с. бирилийээни сыаналыырга аан дойдутааҕы сэртипикээти ылбытым.
Тиэхиньиичэскэй үөрэхтээх буолан, өйүм-санаам математическай оҥоһуулаах.Бастакы идэбинэн Гохраҥҥа үлэлии сылдьыбытым. Онтон судаарыстыбаннай, муниципальнай сулууспаҕа Уһук Илиҥҥи институту бүтэрбитим эрээри, чунуобунньук суолунан барбатаҕым, урбаан эйгэтэ миигин ордук угуйар курдуга.
Дуоллар ыараан, икки бүк иэскэ киирбитим
Боростуой тылынан эттэххэ, «челноктаан», Кытайтан таҥас-сап аҕалан атыылыыртан саҕалаабытым, куоракка маҕаһыын арыйбытым, ону сэргэ модельнай агентствоны арыйан үлэлэтэрим. Биир кэмҥэ киинэ устуутунан үлүһүйэ сылдьыбытым, «Тыал баарын тухары» уус-уран киинэҕэ дириэктэрдээбитим.
Түөрт оҕо иһирэх ийэтэ буолан баран «Туймаада» атыы-эргиэн киинигэр франшизанан «Унция» тас дойдуттан кэлэр чэйи атыылыыр маҕаһыыны арыйбытым. 2014 с. дуоллар куурса эмискэ өрө көтөн тахсан, у.е. харчынан балаҕан ыйыгар атыыласпыт бородууксуйам иһин ахсынньыга икки бүк иэстээх буолан хаалбытым.
Кэргэним дуоллартан тутулуктаммакка, Саха Сиригэр дэлэгэйдик үүнэр кучу оттон чэй оҥорорго, ону унциянан буолбакка, туоннанан атыылыырга сүбэлээбитэ. Мин бастаан ону ылыммытаҕым, кырдьаҕас дьон көйөрөн иһэр чэйдэрэ дии санаабытым. Ол да буоллар, кыһыл оҕолоох сылдьан ылсан көрөргө санаммытым.
Билигин улахан оҕолорум устудьуоннар, кыргыттар «Сахачэйинэн» эрэ буолбакка мүөт, сакалаат, бирээнньик оҥоһуутунан дьарыктаналлар, улахан сакаас киирдэҕинэ түүннэри да үлэлииллэр. Москваҕа дьоҕус ыскылааттаахпыт, улахан кыыс үөрэҕин быыһыгар ону көрөр-истэр. Кыралар оскуолаҕа үөрэнэллэр, барыларын куруһуокка таһар бириэмэм да суох. Оҕолор кыра саастарыттан харчы хайдах кэлэрин билэллэр, онон элбэҕи сиэри таһынан көрдөөбөттөр.
Аан бастаан урбааҥҥа үлэлиир кэммэр миэхэ биир да баан кирэдьиит, ипотека биэрбэтэҕэ, элбэх оҕолоох, бүддьүөт үлэһиттэрин курдук бастайааннай дохуота суох буолан, ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт этим. «Алмазкредитсервис» эрэ бырайыакпар итэҕэйэн балачча үрдүк бырыһыаҥҥа сойуом биэрбитэ.
Дьиэ кэргэнинэн үлэлиир киһи кыаҕырар
Биһиги дьиэ кэргэнинэн биир сыаллаах-соруктаах үлэлээн, Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр саха чэйин туоннанан атыылыыбыт, былырыын Владивосток куоракка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа «Сыл экспортера» бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэни ыллыбыт. Холбоһуктаах Араб Эмираттарыгар Дубай куоракка бородууксуйабытын тас дойдуларга таһаарарга хантыраак түһэристибит.
Дьиэбитигэр эр киһи-дьахтар үлэтэ диэн араарбаппыт, мин, холобур, таһаҕас тиэйэр улахан массыынаны ыытыахпын сөп. Дьиэ кэргэнинэн бары тутуспутунан үлэлии сылдьар дьон быдан кыаҕыраллар, түмсүүлээх буолаллар. Кэргэним юрист идэлээх, куруук сүбэ-ама буолар, дьокутаат буоларбын бастакынан кини өйөөбүтэ. Атыттар курдук: «Оҕолоргун көр, аһылыккын астаа», — диэбэт.
Ил Түмэҥҥэ дьокутаатынан талыллыахпыттан эппиэтинэһим өссө үрдээтэ, сессия иннинэ докумуону көтөҕүнэн биэрэллэр, ону сарсыарда 4 ч. диэри олорон үөрэтэбин. Куоластааһын кэмигэр көннөрү кнопканы баттыы олорбокко, хас биирдии боппуруос ымпыгын-чымпыгын билиэхпин наада. Дьокутаат үлэтигэр кэлтэгэй кэппиэйкэ, хамнас ылбат эрээрибин, түүннэри үлэлиибин, ол быыһыгар урбааным эмиэ бириэмэ ирдиир.
Госдумаҕа баран кэллим
Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтигэр чилиэн быһыытынан, сокуон барылыгар көннөрүүнү киллэттэрдим, Госдумаҕа баран кэллим. Саха Сирин отторун туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын кытта бырагыраама бэлэмниэхтээхпит. Биһиги үүнээйибит, кучу чэйбит оннооҕор ОКВЭД-а суох. Нолуогу төлүү олоробут эрээри, бу эмтээх от буолбатах, экэниэмикэ өттүнэн ханнык салааҕа киирэрэ быһаарылла илик. Официальнайдык чэй диэн билинэ иликтэр. Дьоппуоннар: «Чэйгитин билинэн баран тас дойдуга тахсыҥ!”, — диэбиттэрэ.
Саха Сиригэр чэйи, атын да бородууксуйаны оҥорон таһаарыы ороскуота атын эрэгийиэннэри кытта тэҥнээн көрдөххө, таһыччы үрдүк. Миигин Екатеринбурга, Санкт-Петербурга ыҥыраллар, онно логистика сайдан турар сиригэр кучу чэйи хомуйан, атыыга таһаарар быдан чэпчэки. Мин төрөөбүт дойдубуттан барар, атын сиргэ көһөр санаам суох, олохтоох дьон интэриэһин туруулаһаары дьокутаат буолбутум.
Күн бүгүн УСН нолуок ыстаапката 4,7% диэри үрдүөхтээҕин 1-2% хаалларары туруорсабыт. Чечняҕа, Удмуртияҕа УСН 1%, ол иһин урбаанньыттар онно баран регистрацияланаллар. Олохтоох хааһынаҕа урбаантан нолуок киирэр, оттон ыстаапканы үрдэтэн кэбистэхтэринэ, дьон барыһын көрдөрбөккө эрэ күлүк үлэҕэ барыан сөп.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0