Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

Сүүрбэччэ сыл тухары саҥардыллыбакка турбут Роман Дмитриев аатынан набережнайбыт барыта оҥхой буолбут эргэ аспаалын былырыын күһүн көтүрэн кэбиһэн соһуттулар. Хам ылан турбут сыарҕа сыҥааҕа дьэ, хоҥнон: “Өрөмүөн үлэтэ саҕаланан эрэр үһү”, —  диэн сурах тилийэ көппүтэ эрээри, суолбут кыһыннары быылынан бурҕайа сытар.

Олохтоохтор набережнай өрөмүөнэ хаһан оҥоһулларын сыл аайы ээр-сэмээр күүтэллэрэ. Набережнайы тупсаран оҥорууга Ил Түмэн VI ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата Мария Христофорова үс сыл тухары бырайыактыыр-сметалыыр докумуонун оҥорууну туруорсубута, тутууну ыытарга үбү-харчыны буларга дьоһун кылаатын киллэрбитэ.  

Сүүрбэччэ сыл тухары саҥардыллыбакка турбут Роман Дмитриев аатынан набережнайбыт барыта оҥхой буолбут эргэ аспаалын былырыын күһүн көтүрэн кэбиһэн соһуттулар. Хам ылан турбут сыарҕа сыҥааҕа дьэ, хоҥнон: “Өрөмүөн үлэтэ саҕаланан эрэр үһү”, —  диэн сурах тилийэ көппүтэ эрээри, суолбут кыһыннары быылынан бурҕайа сытар.

Олохтоохтор набережнай өрөмүөнэ хаһан оҥоһулларын сыл аайы ээр-сэмээр күүтэллэрэ. Набережнайы тупсаран оҥорууга Ил Түмэн VI ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата Мария Христофорова үс сыл тухары бырайыактыыр-сметалыыр докумуонун оҥорууну туруорсубута, тутууну ыытарга үбү-харчыны буларга дьоһун кылаатын киллэрбитэ.  

Дьокуускай куорат Набережнай уокуругуттан Ил Түмэн дьокутаата Николай Бугаев 202-203 түөлбэни тупсарыыга, суолу оҥорууга туох-ханнык үлэ ыытылларын туһунан кэпсээтэ. Ону таһынан Күөх хонууну кыйа салгыы 204-205 түөлбэ тутуллуохтааҕын туһунан билиһиннэрдэ. 

Куорат сайдыыта

-Николай Дмитриевич, олохтоохтор өр-өтөр кэтэһэн, Роман Дмитриев аатынан набережнайбыт оҥоһуллан эрэриттэн бары үөрэбит. Ол туһунан кэпсиэххит дуо?

-Былырыын Дьокуускайга икки улахан докумуон бигэргэннэ. Куорат сайдыытын маастар-былаанын дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөтө, ону таһынан, 2032 сылга диэри киин куорат социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятын саҥа эрэдээксийэтэ киирдэ. Бу икки докумуон куораппыт сайдыытын түстүүр, онно сурулларынан, 90 тахса эбийиэк тутуллан олоххо киириэхтээх, Өлүөнэ эбэни туоруур күргэ, устудьуоннар үөрэнэр, олорор кампустара тутуллуохтаах.

Оскуолалар, гостиницалар дьэндэйэн тахсыахтара, Дьокуускай аэропуордугар саҥа терминал киириэхтээх, 100 тахса эргэрбит мас дьиэлэр көтүрүллэн, саҥа дьиэлэр тутуллуохтара. 17 кыбаартал көтүрүллэн, куоракка биир даҕаны самнархай хаарбах дьиэ хаалыа суохтаах. Саҥа тутууну ыытарга өрөспүүбүлүкэ, федеральнай бүддьүөт, итиэннэ чааһынай үбүлээччилэр харчыны угуохтаахтар.  

Биһиги Губинскай уокурукпут эмиэ тэҥҥэ сайдан иһиэҕэ, билиҥҥи туругунан, саамай сайдыылаах түөлбэлэргэ киллэриэххэ сөп. Роман Дмитриев аатынан набережнайы саҥардыы үлэтэ аны сайын VIII «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу иннигэр бүтүөхтээх.

Бэдэрээтчит үлэни ыйыллыбыт болдьоххо бүтэрэрин уопсастыбаннас, чугастааҕы түөлбэ старосталара бары хонтуруоллууллар.  

Бу уопсастыбаннай эйгэҕэ набережнай эрэ киирбэт, Кыайыы болуоссата, сатыы дьон сылдьар тротуара эмиэ оҥоһуллуоҕа. Саҥа тротуар, бэлэсипиэттээх дьон сылдьар суола, ыскамыайкалар, спортивнай тэриллэр, хачыаллар, банаардар баар буолуохтара. Оптуобус тохтобула иһирдьэ мотуордаах тыылар тохтобулларыгар тиийиэхтээх. 

202-ис түөлбэҕэ, сөтүөлүүр сиргэ таҥас уларыттар хостор тутуллуохтара, ону таһынан, боротуоканы кыйа сатыы дьон хаамар сирэ оҥоһуллуохтаах. Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттар манна кэлэн сынньанан, хаартыскаҕа түһэн барар сирдэрэ буолуоҕа.

Уопсастыбаннай балаатаны кытта норуот дьокутааттара набережнайы тупсарыы үлэтэ кэмигэр уонна хаачыстыбалаахтык оҥоһулларын кэтээн көрүөхпүт. Набережнайы саҥардарга уопсайа 650 мөл. солк. тахса үп көрүллүбүтэ.

-202 түөлбэҕэ Семен Борисов пааматынньыгын иллэрээ сыллааҕыта сир тоҥмутун, хаар түспүтүн кэннэ туруорбуттара. Онно сибэкки олордубатылар, ыскамыайка да суох. Дьиҥэр, бэрт кыраһыабай көстүүлээх искибиэри тоҕо ситэри оҥорбокко хаалларан кэбистилэр?

-Ити 16 корпус сирэ, олохтоохтор дьон мустан табахтыа, итирдэр утаҕы иһиэ, түүн утутуо суоҕа диэн утарсыбыттара. Дьиҥэр, күн аайы хомуйа сырыттахха уонна видеокамера туруордахха, дьон бэйэ бодотун тардына сылдьыа этэ.

Мэҥэ Хаҥалас землячествота Семен Захарович искибиэрин тупсаран оҥорорго, мас олордорго этии киллэрбитэ. Онон бары өттүттэн биир тылы булуохпут диэн эрэнэбин.

c6365ded c30a 4ddf a4fa d21968816f3c

Суолу оҥоруу

-203 түөлбэҕэ Ефимов аатынан уулуссаны оҥорон эрэллэр, онно хивустар тохтуур ыстаансыйалара уонна автовокзал баар буолуохтаах дииллэр. Оччотугар дьон мустар, бөх-сах хаалларар сиригэр кубулуйуо диэн олохтоохтор сэрэхэдийэллэр.

-Ярославскай уулуссата Хабаровы уҥуордаан салгыы Ефимов уулуссатыгар тахсыахтаах. Ону көбүс-көнө суолу оҥорорго «Якутскэнерго» ититэр пууна мэһэйдээн турар, бу боппуруоһу быһаарарга Дьокуускай куорат уонна «Якутскэнерго» салалтата мунньах ыыппыта. Энергетиктэр бэйэлэрин үптэригэр ититэр пууннарын көһөрүөхтээхтэр, ол эрээри, докумуонун оҥорорго, бүддьүөккэ киллэрэргэ балай эмэ бириэмэ барыаҕа. Оччотугар 2025 с. биирдэ көһөрүөхтэрин сөп. Оттон куорат уһата-кэҥэтэ сылдьыбакка суолу тутарга тиэтэйэр. Түөрт балаһалаах суол оҥоһуллуохтаах, ититэр пууну эргийэн аспааллыахха сөп. Ону Дьокуускай куорат салалтата быһаарыахтаах.

Ефимов уулуссатыгар бэлэсипиэттээх дьон айанныыр ыллыга эмиэ оҥоһуллуохтаах, билиҥҥитэ үлтүркэй тааһы кутан, суолу оҥоруу үлэтэ саҕаланна.

203 түөлбэҕэ элбэх киһи олорор буолан, сарсыарда 9ч. уонна киэһэ 18ч. кэнниттэн массыына харыыта тахсар, ол иһин ону аҕыйатарга эргиирэ суох көбүс-көнө суол киирэрэ ордук этэ.

Хивустар тохтуур ыстаансыйаларын 203 түөлбэттэн Күөх хонуу диэки электростанция аттыгар көһөрөргө мөлүйүөнүнэн үп көрүллүбүтэ. Онно оптуобустар киирэн эргийэр сирдэрэ оҥоһуллуохтаах, автовокзал буолбатах.

cbf503b4 8e15 4b6f bce1 bb75b729cb59

Саас-күһүн мотуордаах сыттыгынан барар тыылар сарсыарда 6ч. дырылаан, чугастааҕы дьиэлэр олохтоохторугар мэһэйдииллэр. Онон 203 түөлбэттэн көһөрөргө туруорсубуттара.

Өрүс пуорда биир-икки сылынан сабыллыахтаах, ол иһин онно бараллара табыгаһа суох. Ити түөлбэҕэ дьон олорор дьиэтэ, саҥа түөлбэ тутуллуохтаах. Өрүс пуорда Даркылаах диэки көһөн биэриэхтээх.

566ee536 f875 4649 8ff0 cc0f264e4111

Өлүөнэ эбэнэн кыһыҥҥы суол сабылыннаҕына,  үс тэрилтэ : ЛОРП, “Саха Сиринээҕи тимир суоллара” АУо уонна чааһынайдар дьону туораталлар. Ону бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэстэһээччилэр биир сиргэ тохтобул оҥостоллоро биллибэт.

Элбэх киһи мустар сиригэр бэрээдэги көрөргө полиция учаастактааҕы пууна салгыы үлэлиэҕэ.

202 түөлбэҕэ баар мотуордаах тыылар ыстаансыйалара сотору кэминэн эмиэ көһөрө буолуо.

204-205 түөлбэ

-Салгыы 204-205 түөлбэ тутуллуохтаах дииллэр, ол хаһан олоххо киириэн сөбүй?

-Итиннэ салгыы тутуу барыахтаах, паарка, дьон олорор дьиэтэ тутуллуохтаах, бу эҥээр поликлиника, оскуола тиийбэт. 203 түөлбэҕэ Глобальнай үөрэхтээһин киинигэр эбии тутуу киириэхтээх эрээри, ол даҕаны боппуруоһу быһаарбат. «Айыы кыһатыгар» эмиэ оҕолор туолан олороллор, миэстэ тиийбэт. Эбии оскуола тутуутун биһиги куорат дьокутааттарын кытта туруорсабыт. 2032 сылга диэри 204-205 түөлбэ тутуллуохтаах.

d09a3033 12eb 4642 8931 eac8ba274708

-«Парустар» кэннилэригэр 203 түөлбэҕэ куорат сөтүөлүүр сиригэр диэри набережнай сайын кураанах буорунан бурҕайа сытар, ону хаһан аспааллаан, тупсаран оҥоруохтарай?

 -Ити учаастак Роман Дмитриев аатынан набережнайы саҥардыы үлэтигэр киирэ сылдьар, онон бу сайын оҥоруохтаахтар. Ыскамыайкалар, банаардар баар буолуохтара, сибэкки олордуохтара.

-Былырыын Ил Түмэҥҥэ хас биирдии тэрилтэ чугастааҕы тиэргэнин тупсарыахтаах диэн сокуон ылыныллыбыта. Оччотугар оҕо уһуйааннара, чааһынай стоматология, маҕаһыыннар о.д.а. газон, от-мас, сибэкки олордон, куораппыт тас көрүҥүн тупсаралларын ситиһиэххэ сөп дуо?

-Чугастааҕы тиэргэни тупсарарга бары бииргэ үлэлиэхпитин наада. Аҥаардастыы старосталарга, көхтөөх дьоҥҥо сэлээннээн кэбиспэккэ, дьон олорор-үлэлиир дьиэтин тулатын тупсарарга кыһалыннаҕына ити кыаллар боппуруос. 202-203 түөлбэҕэ оннук үтүө холобур баар, оттон Управа өттүттэн уу кутарга көмө оҥоһуллуон сөп. Күһүн-саас мас олордорго төһө кыалларынан көмөлөһүөхпүт.

0b04a912 1fc3 401b 8553 17dba5e8c32a

Аныгы технологиянан

-Ити набережнайбытыгар ыттаах дьон түөрт атахтаах доҕотторо түбэһиэх сиргэ көҕүрэттэллэр, ол иһин дьиэ муннуга, хаар барыта саһара сытарын көрүөххэ бөрүкүтэ суох. Бу кыһалҕаны хайдах быһаарыахха сөбүй?

-Маннык кыһалҕа куорат үрдүнэн баар. Саас хаар уулуннаҕына субуотунньукка ыҥырдахха, хомойуох иһин, 202-203 түөлбэ олохтоохторо көхтөөхтүк кытталлар диэн киһи кыайан эппэт. Бэрт аҕыйах киһи тахсар, онно хомуйа сылдьан көрдөххө, ыт хойуута эмиэ элбэх. Итиннэ оҕолор тахсан оонньууллар, саас сыыртан сырылыыллар, сайын сөтүөлүүллэр.

Мин санаабар, ыттаах киһи куорат хааһынатыгар нолуок төлүөхтээх, атын дойдулар итинник ньымаҕа көспүттэрэ ыраатта, ону таһынан, ыстараап киллэриэххэ наада. Куйаар ситимигэр ыт хойуутун хомуйар тэрил атыыланар, дьон эппиэтинэстээх буолуохтаах. Ону хонтуруоллуур кыах баар,  202-203 түөлбэни видеокамера кэтии турар, онно үһү-түөрдү эбэн биэрдэхпитинэ барытын ытыска уурбут курдук көрүөхпүт.

Искусственнай интеллект бэрээдэги кэһии таҕыста даҕаны тута биллэриэн сөп. Ону киллэриэхпитин наада.

18f92790 a810 40e7 821a ba2c9e97da74

-Набережнай уокуругу тупсарарга кэлэр сылларга өссө ханнык үлэ ыытыллыай?

-2032 сылга диэри куораппыт сайдыытыгар триллион аҥаарыттан элбэх үп көрүллүөхтээх. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин маастар-былаан туолуутун тус бэйэтэ хонтуруоллуур. Кэлиҥҥи өттүгэр хаачыстыбата суох тутуу элбээтэ, Прокуратура үбү-харчыны бэрэбиэркэлиир. Оттон уопсастыбаннас, норуот дьокутааттара уонна Уопсастыбаннай балаата тутуу хаачыстыбатын, хаамыытын көрө-истэ сырыттахтарына куораппыт өссө тупсан, киэркэйэн иһиэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Экономика

К повышению готовы?

Предстоящее повышение налогов напрямую затрагивает малый бизнес. Платить их обязаны все,…
05.10.24 11:45
Уопсастыба

Махтанабыт, сүгүрүйэбит

«Ыччаты иитэр уонна үөрэтэр үлэҕэ тутаах күүһүнэн учуутал буолар. Кини бэлэмиттэн,…
05.10.24 11:33