Күөх быйаҥ күрэҕэр 30 824 киһи, 11 452 тыраахтар, 9 143 звено, ол иһигэр 2 275 толору мэхэньисээссийэлээх, 4 970 ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх, 197 көлө, 1 701 илии звенолара оттуу сылдьаллар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһа 15 319, Ньурба улууһа 10 774, Нам улууһа 10 699, Уус Алдан улууһа 10 210, Амма улууһа 10 099, Сунтаар улууһа 9 658 туоннаны оттооннор, инники күөҥҥэ иһэллэр.
Ыраах учаастактарынан оттооһуну тэрийии үлэтэ салҕанар. Билиҥҥитэ 13 улуустан 219 мобильнай биригээдэни тэрийэргэ сайаапка киирбит. Кинилэр холбоон 28 994 туоннаны оттуохтаахтар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0