Инньэ гынан, бэйэ сирин-уотун сирийэн оттоон, кыстыыр оту хааччынар, хардарыта мэнэйдэһэр сорук турар. Онон былааннарын толорор кыахтаах улуустар хаһаайыстыбалара төһө кыалларынан саппааска, ол эбэтэр атыылыырга анаан оттуохтаахтар.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биир туонна үрдүк суортаах от сыанатын 7 000 солкуобайынан быста, онтон бастакы уонна иккис суортаах от сыаната итинтэн түһэриллэр. Санатан эттэххэ, былырыын биир туонна үрдүк суортаах от сыаната 6 000 солкуобай этэ, онон сыана улаханнык үрдэтиллибэтэх.
Биллэн турар, от атыылаһыллар сыаната федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэрэн сүрүннэнэр итиэннэ от хаачыстыбатыттан тутулуктанар. Табаары оҥорооччулар бэйэлэрин икки ардыгар оту атыылыыр уонна атыылаһар туһунан дуогабары түһэрсэллэригэр, министиэристибэ бу сыананы тутуһарга сүбэлиир. «Алдьархайтан ас таһаарбыт» диэбиккэ дылы, кыһалҕанан туһанан сыананы сиэри таһынан үрдэтэр табыллыбат.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0