Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Айылҕа араастаан кубулҕаттанан, ханна халаанынан, ханна кураанынан тургутан, хаһаайыстыбалар бэрт уустук быһыыга-майгыга оттуу сылдьаллар.

Айылҕа араастаан кубулҕаттанан, ханна халаанынан, ханна кураанынан тургутан, хаһаайыстыбалар бэрт уустук быһыыга-майгыга оттуу сылдьаллар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, кыстыгы көрсө 443 881 туонна оту бэлэмнииргэ былаан түһэриллибитэ. Ол эрээри кэккэ улуустарга халаан буолан уонна кураан туран үгүс мэһэйдэри үөскэппитэ, эбиитин маассабай оттооһун үгэннээн турар кэмигэр Эбэлэргэ уу кэлэн, өрүстэр сүнньүлэригэр уонна арыыларга оттоммут оту былдьаабыта. Инньэ гынан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин барыллааһынан, 409 245 туонна от оттонор кыахтаах эбит.

Балаҕан ыйын 6 күнүнээҕи туругунан, 305 200 гектар иэннээх ходуһа сирэ охсуллан, 334 тыһыынча 172 туонна от оттоммут, ити былаан 75 %-а. Ол иһигэр Хаҥалас улууһа 28 081 туоннаны оттоон, сорудаҕын 91 % толорбут. Бу курдук кыстыыр отторун 88 %-ын Амма улууһа (26 811), 87 %-ын Нам (23 858), 84 %-ын Мэҥэ Хаҥалас (33 732), 83 %-ын Таатта (29 534), 79 %-ын Ньурба (26 531), 78 %-ын Уус Алдан (23 405), 77 %-ын Сунтаар (26 332), 73 %-ын Дьокуускай куорат (8 002), 72 %-ын Үөһээ Бүлүү (18 683) хааччыммыттар. Сирин-уотун хайа тыырбыт аҥаара курааннаабыт Чурапчы улууһун хоннохтоох отчуттара 24 467 туоннаны чөкөтөн, сорудахтарын 72 %-ын толорбуттар. Урукку өҥ дьылларга тэҥнээтэххэ, төһө да бытаарыы баарын иһин, бу улуустар былааннарын толоруохтара диэн эрэниэххэ сөп. Арай, бырамыысаланнай улуустар кэдэйэн биэрбиттэр: кыстыыр отторун Мииринэй 33 %, Ленскэй 56 %, Алдан 58 % булуммуттар.

Хата, хотугу улуустар көрдөрүүлэрэ куһаҕана суох: Булуҥ уонна Үөһээ Халыма улуустара былааннарын 102 %, Абый 101 %, Эдьигээн 96 %, Уус Маайа 95 %, Орто Халыма 88 %, Томпо 77 %, Өймөкөөн 73 % толорбуттар. Эбээн Бытантай кыраапыктан хаалан, кыстыыр отун 50 %-ын хааччыммыт.

От ыйын саҕаланыаҕыттан быыстала суох түспүт ардахтарга ходуһаларын былдьаппыт Горнай улууһа 7 982 туонна (66 %), Өлүөхүмэ улууһа 10 036 туонна (60 %), Бүлүү улууһа 15 105 туонна (55 %), ааспыт сылларга элбэх улууһу отунан салҕаабыт Кэбээйи улууһа тыһыынчанан гектардаах Турбаахы диэн хочото ууга баран, 4 620 туонна (33 %), халаан уутугар ходуһатын барытын былдьаппыт Дьааҥы улууһа 3 222 туонна (39 %) оттоохтор.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением