Бу мунньахха кини Уһук Илиҥҥэ массыына суолларын тутуу билигин көдьүүстээх логистиканы уонна эрэгийиэн экэниэмикэтин сайыннарыыга ураты быһаарар суолталаммытын, соторутааҕыта Амурскай уобаласка Зея өрүһү туоруур муостаны тутуу түмүктэммитинэн, салгыы болҕомтону Өлүөнэ муостатыгар уурарга эппитэ эрэлбитин бөҕөргөтөр.
Ил Дархан Айсен Николаев, дойду бэрэсидьиэнин этиитин кэмэнтээрийдииригэр: "Муостаны тутууга үлэ саҕаламмыта, быйыл күһүн-кыһын биһиги өрүс боротуохаларыгар кылгас болдьохтоох муосталары бэлэмниэхтээхпит, бетону оҥорор собуоттар үлэлэрэ тэтимирэн, уустук инженернэй конструкциялары тутарга бэлэмниэхтээхпит. 2025 сыл тохсунньутуттан, өрүс сүрүн сүнньүгэр үлэни толорууну саҕалыахтаахпыт. Онон муостаны тутууга бэлэмнэнии үлэ былааннаммыт кыраапык быһыытынан бара турар.
Үбүлээһин боппуруоһунан, билигин федеральнай киинтэн 48 млрд. солк. диэн турар. Атын сууматын бэйэбит уонна үптээх партнердар суоттарыгар диэн быһаарылынна. Билигин биһиги сүрүн үптээх партнербут - Сбер. Онон бу хайысханан хамсааһын саҕаланна. Дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕа бэрилиннэ - ол толоруллуохтаах", -диэн бэлиэтээтэ.
Хаартыска куйаар ситимиттэн ылылынна
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0