Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо хомуур биллэриллиэҕиттэн волонтер хамсааһыныгар көхтөөхтүк кытталлар, гуманитарнай уонна тиэхиньиичэскэй көмөнү тиһигин быспакка оҥороллор. Көмөнү хомуйар кииннэр, анал таҥас кэмпилиэгин тигэр сыахтар, хахха буолар сиэккэни өрөр түмсүүлэр хас куорат уонна улуус ахсын тиргиччи үлэлииллэр-хамсыыллар.
Алаас сыта
Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтэ маннык көмөнү тэрийиигэ улахан тирэх буолар. АБДь-га сылдьар, хомуурга түбэһэн, хантараах түһэрсэн барбыт, бааһыран госпиталга сытар байыастартан, аармыйаҕа сулууспалыыр салааттартан уонна кинилэр төрөппүттэриттэн, кэргэттэриттэн быйыл 2 600 сурук киирбит. Дьэ ол суруктарга этиллэр боппуруостары, туруорсуулары быһаарсарга кэмитиэт Оборуона министиэристибэтин, байыаннай чаастары, байаҥкамааттары, тустаах биэдэмистибэлэри, дьаһалталары итиэннэ «Саха Сирэ эйигин кытары» ыстаабы уонна волонтердар кииннэрин кытары бииргэ үлэлэһэр.
Саллааттар уонна мотуруостар төрөппүттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэттэрин салайааччы, Уопсастыбаннай балаата чилиэнэ Мария Емельянова бу кэм устатыгар 14 улууска байыастар төрөппүттэрин, кэргэттэрин кытары көрүстэ, 40-ча байыаннай чааска, 30-ча госпитальга бара сырытта. Госпиталларга сылдьан, онно эмтэнэр байыастары көрсөн, кинилэр туохха наадыйалларын билсэн, ону тустаахтарга тиэрдэн, көмө тэрийтэрэр. Итиэннэ биллэн турар, ахтылҕаннаах дойду кэһиитин илдьэн туттарар. Ону тэрийэргэ үтүө санаалаах дьоннор баҕа өттүлэринэн көмөлөһөллөрүн туһунан маннык этэр:
-- Ханна тиийбит сирбэр алаадьы астаан тиийэбин, ону таһынан мантан илдьибит кэһиибин тиэрдэбин. Ол курдук, Хатас орто оскуолатын оҕолоро итиэннэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун ийэлэрэ, эбээлэрэ оҥорбут бакыаттаах соболорун миинин хас да төгүл хастыы да дьааһыгынан илдьэн түҥэппитим. Куруускаҕа итии ууну кутан баран, ол бакыаты уктахха, собо миинэ буолар. «Саха Сирэ эйигин кытары» ыстаап уонна улуустардааҕы түмсүүлэр харысхал оҥороллорун сырыы ахсын тиэрдэбин, уран тарбахтаах уустар Лука Митрофанович, Анатолий Лукич үрүҥ көмүс, алгыстаах харысхалларын тиксэрбитим, өссө алгыс сиэрин толорорго, буруолатар мөһөөччүктээх харысхаллары хаста да тиэрдибитим. Уолаттар барахсаттар онно олус үөрэллэр, махтаналлар: «Дойдубут, алааспыт сыта кэлэр, Айыыларбыт араҥаччылыыллар», – дэһэллэр. Биир сүрүн көмөлөһөөччүм Лөкөй От Туол Уй буолар, араас маастары оҥорон биэрбитин, госпиталларга эмтэнэр уонна инники кирбиигэ сылдьар уолаттарга тиксэрбитим. Ону бэркэ биһирээтилэр, бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, эбии сакаастыыллар. Дойдуларыттан ыраах, ууну-уоту ортотунан сылдьар оҕолорбутугар күүс-көмө буолар Айыы санаалаах көмөлөһөөччүлэрбитигэр улахан махталбын тиэрдэбин.
Алгыстаах маастар
Лөкөй От Туол Уй өбүгэлэриттэн түүлүн этиитинэн бэриллибит дьикти ааттаах отоһут, үрдүк үөрэхтээх, урут эмтиэкэ арыйан үлэлээбит кэмнэрдээх буолан, эмп-томп оҥоһуутун, уопсайынан мэдиссиинэни үчүгэйдик билэр. Саха Сиригэр үүнэр эмтээх отторунан үлэлиир. Онуоха бастаан ыарыһахтан (мааһы сакаастыыр киһиттэн) быраас туруорбут диагноһын көрдүүр, итиэннэ онно олоҕуран, чопчу ханнык от биитэр оттор холбоһуктара туһалаах буолуохтарын ырытан, мааһын састаабын оҥорор эбит.
– Сахам Сирин эмтээх отторуттан, илиим сылааһынан илбийэн, отоһут өбүгэлэрбин удьуордаан, маас оҥорор идэлэммитим аҕыс сыл буолла. Уҥуох, сүһүөх ыарыыларын, тымныйыыны, тымныйыыттан төрүөттэммит ыарыылары, ойоҕостотууну, сэбирдэхтэтиини, хондуруоһу, тымыр, сүрэх, ууһуур уорганнар ыарыыларын эмтииргэ, стресстэн тахсарга, аһаҕас баас оһоругар, мэдиссиинэ кыайан эмтээбэт зоб ыарыытын, бүөр кистатын уонна арыгыны быраҕарга көмөлөһөр маас 60-ча көрүҥүн оҥоробун, – диир кини.
Анал байыаннай дьайыы байыастарыгар анаан уҥуох, сүһүөх ыарыыларын, тымныйыыны, тымныйыыттан төрүөттэммит ыарыылары, сөтөлү, күөмэй ыарыытын, герпеһи, кутургуйаны эмтиир, стресстэн тахсарга, аһаҕас баас оһоругар көмөлөһөр маастары оҥорон, 2022 сыл сэтинньититтэн саҕалаан ыыппыт. Маастары туттан көрөн баран, чахчы туһалыылларын билэннэр, эбии сакаастыыр буолбуттар. Уоппускаларыгар кэлбит байыастар төннөллөрүгэр кэпсэтэн-ипсэтэн, сүбэлэтэн-амалатан, бэйэлэригэр да, доҕотторугар да анаан, маас ылан барар идэлэммиттэр. Холобур, Бахмукка сылдьар байыастар, танкистар уонна пехотинецтар уоппускаҕа кэлбит уолунан көрдөтөннөр, балачча элбэх мааһы ылбыттар. Анал байыаннай дьайыы байыастарыгар төһө мааһы биэрэн ыыппытын бэлиэтэммитин көрдөххө, барыта биир тыһыынча кэриҥэ буолбут, үксүн Мария Емельянованан ыыталаабыт.
Сиэрин ситэрэн, Лөкөй От Туол Уй ити маастарын кытары харысхаллаах алгыстары, көмүскэллээх хоһооннору суруйан, илин сиэпкэ укта сылдьар кып-кыракый кинигэ оҥорон, «Айар» кинигэ кыһатыгар таһаартаран ыыталаабыт. Алгыстаах мааһы да туһаммыт, көмүскэллээх хоһооннору да аахпыт уолаттар да, кинилэр кэргэттэрэ, төрөппүттэрэ даҕаны махталларын суруйан, бассаабынан ыыта олорор эбиттэр. «Лөкөй От, дьэ бэлэх ууммут харысхал кинигэҕин, маатаргын туттум, түөспэр сүрэҕим туһунан уктан кээстим, мэктиэтигэр түөһүм иһэ сылыйан, сырдаан хаалла. Алгыһыҥ кинигэтин эниэргийэтэ сылааһынан илгийэрэ биллэр, улаханнык махтанабын! Баҕарар үтүө баҕаҥ барыта бу курдук туолан истин!» – диэн суруйбут инники кирбиигэ сылдьар байыас.
Арчылыыр кинигэлэр
Улуустар волонтердара биир дойдулаахтарыгар ыытар баһыылкаларыгар таҥаһы-сабы уонна туттар тэрили таһынан, сахалыы алгыс тыллаах дьоҕус кинигэлэри, харысхаллары эмиэ ыыталлара үтүө үгэскэ кубулуйда. Онуоха суруйааччылар, олохтоох ааптардар көхтөөх кыттыыны ылаллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Раиса Тимофеева-Михайлова 2018 сыллаахтан «Уран тыл оһуора» диэн литературнай түмсүүнү тэрийэн, араас улуустарга олорор, уус-уран тылга сүгүрүйэр, хоһооҥҥо холонор дьону кытары үлэлиир. Кинилэр айымньыларын түмэн, кинигэ таһаартарар үтүө дьыаланан дьарыктанар.
Раиса Николаевна сүрүннээһининэн, араас улуустарга олорор хомоҕой тыллаах хоһоонньуттар Анал байыаннай дьайыы байыастарыгар анаан, алгыс тыллары суруйаннар, бэйэлэрин үптэринэн кыттыһан, «Айыыларым арчылааҥ» диэн сиэпкэ укта сылдьар кыра кинигэни 300 ахсаанынан таһааттардылар. Кинигэ сирэйигэр биэс харахтаах харысхал ойуулаах уонна уурунуу бичигинэн «Айыыларым арчылааҥ» диэн суруктаах. Кинигэ кэннигэр ох саа харысхал бэлиэлээх, бу бэлиэ Эр хоһуун харысхала буолар эбит.
– Кинигэбитин Дьокуускай куоракка баар, байыастарга анал таҥас-сап кэмпилиэгин тигэр «Илии сылааһа» иистэнэр сыахха илдьэн туттардыбыт. Сыах иистэнньэҥнэрэ ону харысхал бэлиэлээх үрүсээктэргэ угуталаан, анал байыаннай дьайыыга барар уолаттарга туттаран ыыта олороллор. Алгыс тылын-өһүн сөбүлээннэр, өссө да сакаастаатылар. Ол иһин, 200 кинигэни эбии таһаартараары «Уран тыл оһуора» литературнай түмсүү чилиэннэрэ харчы хомуйан саҕалаатыбыт, – диэн кэпсиир Раиса Николаевна.
Бу курдук, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, ким туох кыахтааҕынан, Кыайыы туһугар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрэллэр.
Хаартыскалары тустаахтар хааччыйдылар.
- 23
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0