Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

                                   

         “Туспа киһи үөрүүтүнэн үөрэр,

Биһиги ураты дьоллоохпут...” (М.В.Гурьев)

    Төрөөбүт дойду туһугар ис санаатын күүһүнэн, бар дьон, кэнэҕэс ыччат инникитин туһугар турууласпыт, олорон ааспыт үтүө дьон, дойду, сир аатын үйэтитиллэрин кэрэһэлиир “Суоттум кэрэхсэнэр дьоно”    үтүөкэн кинигэни суруйбут СӨ протфетхүөрэхтээһинин туйгуна, РСФСР профтехүөрэхтээһинин бэтэрээнэ, Суотту нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Серафим Данилович Федоров 75 сааһын томточчу туолла. Ааспыт үйэттэн ааттанан кэлбит үтүөкэннээх устуоруйабытын туоһулуур архыып матырыйаалларынан, хаартысканан чөкөтөн, сүҥкэн суолталаах кинигэ ону тэҥэ күн сирин көрдө.

                                   

         “Туспа киһи үөрүүтүнэн үөрэр,

Биһиги ураты дьоллоохпут...” (М.В.Гурьев)

    Төрөөбүт дойду туһугар ис санаатын күүһүнэн, бар дьон, кэнэҕэс ыччат инникитин туһугар турууласпыт, олорон ааспыт үтүө дьон, дойду, сир аатын үйэтитиллэрин кэрэһэлиир “Суоттум кэрэхсэнэр дьоно”    үтүөкэн кинигэни суруйбут СӨ протфетхүөрэхтээһинин туйгуна, РСФСР профтехүөрэхтээһинин бэтэрээнэ, Суотту нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Серафим Данилович Федоров 75 сааһын томточчу туолла. Ааспыт үйэттэн ааттанан кэлбит үтүөкэннээх устуоруйабытын туоһулуур архыып матырыйаалларынан, хаартысканан чөкөтөн, сүҥкэн суолталаах кинигэ ону тэҥэ күн сирин көрдө.

        Суугунуур солко оттоох Суоттубут “Мичээр” сынньалаҥ киинин сырдык саалатыгар, урукку кэм комсомолецтара, өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык партия, коммунизм салалтатынан үлэлээбит бастыҥ тыа дьоно, суоппардар, доярдар, совхоз, колхоз биригэдьиир дьоно бу саҥа кинигэни уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.  Дьоһун ааптар кини кимий? Улуус -улуус аайы, нэһилиэктэргэ да урукку сэбиэскэй кэми сэһэргиир аҕам саастаах дьон баар буолаллара. Ол оннук дьонтон биирдэстэрэ Серафим Данилович буолар. Кини Суотту нэһилиэгин төрүт уонна бочуоттаах олохтооҕо. 1949 сыл ыам ыйын 27-гэр  күн сирин көрбүт. 1956 сыл Кыһыл Кырдал 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. Ити кэмнэргэ сэбиэскэй кэм үөрэнээччитин сиэринэн пионер, хомсомуол үрдүк аатын чиэстээхтик ааттаппыта. Успуорт көрүҥэр чэпчэки атлетикаҕа оскуола сүүмэрдэммит хамаандатын тутаах чилиэнэ эбит. Олоҕун бастакы ситиһиитинэн буолар, 1963 с. Түптүр Хара монологун оройуон бэстибээлигэр ситиһиилээхтик ааҕан дипломант үрдүк аатын ылыыта. Оскуоланы Бороҕон нэһилиэгин Тумул оскуолатыгар бүтэрэн, оччотооҕуга баар “Оскуола. Производство. Үрдүк үөрэх ” диэн ыҥырыыны ылынан, “Лена” сопхуос оробуочайынан, от үлэтигэр, тутуу биригээдэтигэр үлэлээбит. Ити курдук үлэҕэ өрүү инники сылдьар уолу хомсомуол нэһилиэктээҕи тэрилтэтин сэкиритээринэн талаллар. 1970 сыл Дьокуускайдааҕы I №-дээх педучилищеҕа физкультурнай салааҕа  үөрэнэ киирэр. Үс сыл устата үөрэнэн диплом ылан Өймөкөөн оройуонун Төрүт оскуолатын физругунан ананар. Манна оҕону эт-хаан өттүнэн эрчийэн сайыннарар хайысхалаах  айымньылаах үлэтин сыаналаан, РОНО уонна нэһилиэк салалтата элбэхтик бэлиэтээн биһирээн турар. 1975 сыл алаһа дьиэтин тэринэн Өймөкөөн кыыһын Альбина Петровна Слепцовалыын ыал буолбут. Ол кэнниттэн үс сыл буолан баран, уоллаах кыыс оҕолоох эдэр ыал Суоттуга Серафим Данилович төрүт буор сиригэр көһөн кэлэллэр. Дойдутугар кэлэн,  оччотооҕуга 19№-дээх СПТУ-га физругунан, производственнай үөрэхтээһин маастарынан,  завхоһунан, дириэктэри хаһаайыстыбаннай үлэҕэ солбуйааччынан  2004 с. диэри таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

    Киһи дьылҕата ырылыччы суруллан, кинигэҕэ киирэн, дьон-сэргэ ааспыт кэмнэрин, оҕо ыччат, эмэн кэмнэрин санатар.   Ахтылҕаннаах ааспыт кэмнэр суолталара, ис дьиҥнэрэ хас эмэ сыллары уҥуордаан, ыраатыахтааҕар, хайдах эрэ, дьэ дьэҥкэрэн көстөр курдуктар. Ол да иһин буолуо, оччотооҕу сыллары ааптар ахтан-санаан, бу бэҕэһээ эрэ буолбуттуу ураннаан суруйбут саҥа кинигэтин, мустубут дьон-сэргэ дуоһуйа тутан-хабан, астына көрдүлэр, аахтылар. Ааптар Серафим Данилович төһө да номнуо 75 сааһын томточчу туоллар, оччотооҕу  устуоруйа кэмин дьылҕатын кэрэһэлиир сүҥкэн үлэни оҥордо. Баараҕай санаатын  кинигэҕэ түмэн, чахчы бу сылларга, дьылларга олорон ааспыт сүдү дьоммут ааттарын үйэлээх кинигэҕэр киллэрдэ. Ону кытта,  Суотту кэпсэнэр үһүйээннэрин тиспитэ үтүөкэннээх дьыала. Ылбычча киһи санаммат, ол ааспыт үйэлэр сылларын кэнчээри ыччакка туоһулаан, төрөөбүт дойду устуоруйатын чиҥэтэн билиилэригэр бу кинигэ сирдьит буолара саарбахтаммат.

          Аныгы үйэ хаамыытынан даҕаны, аныгы сиэринэн да үгүс кинигэ суруллар. Ол эрээри бүгүҥҥү олохпут ааспыт дьаныардаах, үлэнэн дьоллонор олохторун анаабыт дьон күөгэйэр эдэр-эмэн саастарын ким кэлэн санатыа этэй... Дойду, төрөөбүт түөлбэ устуоруйатын ырыҥалаан, ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр сэһэнньит, кэпсээнньит дьоҕурдаах киһи эрэ тиэрдиэн сөп. Серафим Данилович Федоровы бииргэ үлэлээбит доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, доҕотторо-атастара кэлэн олус иһирэхтик эҕэрдэлээтилэр. “Забота-Арчы” хаһыат суруналыыһа Лира Яковлева: “..Кинигэ диэн үйэлээх өйдөбүнньүк, биһиги олорон ааспыт олохпутун, тус бэйэбитин да аны сүүс сылынан ким билиэй, өскөтүн кинигэҕэ кэрэтик кэрэһэлээн хаалларбатахпытына. Кинигэ суруйуута шахтер үлэтин курдук уустук үлэ. Бу  “Суоттум кэрэхсэнэр дьоно” кинигэ уникальнай диэн бэлиэтээтим. Киһи уруккуну тоҕо ааҕарый? Урукку ааспыттан тирэнээри, дойдутугар тапталын үйэтитээри... ”, - диэн с6пк6 б. Ааптарга үтүөкэн эҕэрдэ этии. Аймаҕа эдьиийэ М.Д.Федорова: “Бу Серафиммыт суруйбут кинигэтиттэн олус үөрдүм уонна сөхтүм. Былыргы Хамыстаах, сопхуос үлэһит дьонун үйэтиппиккэр, тус бэйэм оччотооҕу оҕо сааһым саҕана баар билэр дьонум туһунан суруллубута олус бэрт.. Биһиги билигин аҕам саастаах дьон саныырбыт-ахтарбыт ааспыт оччотооҕу кэммит буоллаҕа. Онон, ааптарга уонна бар дьоммор алгыс курдук олоххут устун айаннааҥ диибин, киһи тыла кырдьыбат. Маннык үтүөкэн суруйуулар кэнэҕэһин өссө элбии, үлэһит дьоммутун ааттата турдуннар”, - диэн ыалдьыттар иэйэн-куойан туран эппит тыллара киһини олус долгутар. Кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар бары эҕэрдэ сылаас тылларын этэннэр, кинигэни биһирээбиттэрэ тута сирэйдэригэр көстөр.

   Ааспыт оҕо саас үрүмэччи сылларыттан тэбинэн, умнуллубат эдэр саас күннэрин көччүтэ оонньуур санаалартан, үлэһит буола үүммүт үтүө сыллартан, таптал кутаатын билбит итии сүрэхтэн бу маннык дириҥ ис хоһоонноох кинигэ сурулуннаҕа. Ханна эрэ ыраах алааска үлэлээн ааспыт “Хамыстаах” колхуос сэрии кэминээҕи олоҕун, ыарахан күннэригэр хайдах дьаһанан күчүмэҕэйдэри туораабыттарын туһунан суруйуута үгүс дьоҥҥо элбэҕи санаттаҕа. Аҥардас бу историческай хабааннаах кинигэҕэ ааптар 70-тан тахса хаартыскалары киллэрэн, бэчээккэ бэлэмнээн компьютерга киллэрбит кыыһа Анна Серафимовна Гоголева үлэлэһэн, Суотту бары олохтоохторугар чахчы үөрүүлээх, долгутуулаах дьоро күн буолан ааста.

     Серафим Данилович Федоров олус умсугуйар, эккирэтэ сылдьан көрөр, кэтиир онтон дуоһуйар дьарыга сүүрүк аттар буолаллар. Ол иһин бу кинигэтигэр  сүрүн темата сүүрүк сылгылары умсугутуулаахтык суруйбута буолар. Ааптар бу кинигэтигэр “Суоттум былыргы сүүрүк аттара” диэн биир балаһа анаан киллэрбитэ үгүс эр дьон, ат сүүрдээччилэр санааларын тардара саарбаҕа суох. Ол курдук Суоттуга Наскыыр Элэмэһэ, Огдообо курдук ааттана сылдьыбыт сүүрүк ааттар тустарынан суруйуулара ааҕааччы болҕомтотун ылыаҕа диэн сэрэйиллэр. Дьэ, ол иһин ааптар дьоро түгэнин уола Прокопий Федоров Саха Сирин эстрадатын биир чаҕылхай сулуһа, аҕата суруйбут “Сүүрүк сылгылар” диэн хоһоонугар бэртээхэй ырыа айбытын ыллаан дьиэрэттэ. Эттэххэ дөбөҥ, 75 саас - Мындыр саас. Серафим Данилович Суотту нэһилиэгин биир тарбахха баттанар сэһэнньитэ, мындыр сүбэһитэ, Суотту нэһилиэгин олохтоох норуот тыйаатырын чулуу артыыһа, тойуксута, олоҥхоһута киһи.

     Күндү убаастанар киһибитигэр Серафим Данилович Федоровка, кэргэнигэр Альбина Петровнаҕа, оҕолоругар, сиэннэригэр баараҕай эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Серафим Даниловичка эйиэхэ тус олоххор дьолу, чэгиэн туругу баҕарабыт. Маннык үтүөкэн дьоннордоох буоламмыт, Суоттубут историята хаҥыы, чиҥэтиллэ, үөрэтиллэ турарыгар тус бэйэҥ сүдү кылааккын улаханнык сыаналыыбыт! Суруллубут суоруллубат, норуот туһугар баар буолан ааспыт чахчылары бу кинигэн үйэттэн үйэҕэ кэрэһэлии, кэпсии туруохтун!   

   Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, СӨ Суруйаачыларын сойууһун чилиэнэ, суруналыыс.

  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением