Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Инбэлиит оҕолоох ыаллар Сбербаан чэпчэтиилээх бырагырааматыгар киирсэн, ипотеканан саҥа тутулла турар дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһыахтарын сөп.

Инбэлиит оҕолоох ыаллар Сбербаан чэпчэтиилээх бырагырааматыгар киирсэн, ипотеканан саҥа тутулла турар дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһыахтарын сөп.

Бу чэпчэтии “Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыбаттан өйөбүллээх ипотека” бырагырааманан оҥоһуллар. Ол курдук, намтатыллыбыт ставка:

— 0,1% кредит бастакы сылыгар (атыныгар — 4,7%);

— 1% бастакы икки сылга (атыныгар — 4,7% годовых);

— 2,5% кредит устатын тухары.

Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ кирэдьиит ставката 5% буолар, сделканы электроннай ньыманан оҥордоххо — 4,7%.

Кирэдьиит суумата: 12 мөл солк диэри — Москваҕа уонна Москва уобалаһыгар, Санкт-Петербурга уонна Ленинградскай уобаласка; 6 мөл солк диэри — атын регионнарга атыылаһар буоллахха. Бастакы усунуос — 15% атыылаһар дьиэҥ сууматыттан.

Бырагыраама 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Оттон инбэлиит оҕолоохторго 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением