Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Элбэх састааптаах руданы, итиэннэ атыыга тахсар хара металл рудатын хостуурга нолуок кээмэйин аан дойдуга табаар төһө сыаналааҕыттан көрөн быһарга этии киирбит. Бырабыыталыстыба маннык сокуон бырайыагын Судаарыстыбаннай Дуума пленарнай мунньахтарыттан биирдэстэригэр көрөргө былаанныыр.  

Бу бачыым РФ Нолуогун кодексатын 2 чааһыгар кэккэ уларыйыылары киллэриэ. Чопчулуур буоллахха, сир баайын хостуурга нолуогу ааҕыы саҥа сыһыаныгар атыыга тахсар хара металл рудалара киирсэллэр: Красноярскай кыраайга хостонор тимир рудата, элбэх састааптаах руда, ол эбэтэр, алтан, никель, ону тэҥэ платина бөлөҕүн рудата.

Ол курдук, хара металл рудатын хостууртан хайаан даҕаны төлөнүөхтээх усунуоһун быһыы аан дойду ырыыныгар уонна хостонор сиргэ тимир төһө элбэҕэр олоҕуран оҥоһуллуохтаах.  

Оттон элбэх састааптаах руданы хостуур нолуога эмиэ никель, алтан, платина төһө элбэх баарыттан уонна аан дойду ырыынагар төһө сыаналыылларыгар олоҕуран ааҕыллыахтаах.

Саҥаны киллэрии коксалаах таас чоҕу, калийдаах тууһу, апатит-нефелиновай, апатит-штаффелитовай, апатитовай уонна фосфордаах руданы эмиэ таарыйыа. Маны тэҥэ сокуон бырайыага акциһы убаҕас ыстаалга киллэриэн сөп.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением