Саха Сирин олохтоохторо кэлиҥҥи сылларга омук сирдэригэр да, дойдуга уустук балаһыанньанан сибээстээн, чугастыы бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр сынньанары ордороллор. Биллэн турар, ырааппакка, чугас сиргэ талаһаллар. Онон Хаҥалас, Горнай, Нам, илин эҥээр улуустар суоллаах-иистээх буолан, саха дьоно үгүстэрэ бу хайысханан бара сатыыр буоллулар. Туризм Саха Сиригэр сайдан иhэрэ бэлиэтэнэр. Ыраах омук дойдуларыттан ыалдьыттар ахсааннара эмиэ кыралаан улаатар.
Инникитин өссө элбиирин туһугар, өрөспүүбүлүкэҕэ киһини тардар бырайыактары таһынан, үчүгэй суол-иис уонна табыгастаах инфраструктура бааллара ирдэнэр. Саха Сиригэр туризм суолталаах сирдэринэн Өлүөнэ очуостара, Булуус, Күрүлүүр, Киhилээх хайа, Харама хайата, Сиинэ хайалара, тукулааннар уо.д.а буолаллар. Бу маннык сирдэргэ дьон күүс, сэниэ эбинэн, ыраастанан, алгыс этэн бириэмэлэрин туhалаахтык атаарар, сынньанар. Дойдубут хатыламмат, кэрэ кѳстγγлээх сирдэрин туhунан кылгастык кэпсиир буоллахха маннык.
Булуус
Өлүөнэ өрүс уҥа кытылыгар, Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгин территориятыгар баар «Булуус» туристическай комплекс - дьон сөбүлээн сылдьар сирэ. Кээмэйин улахана киhини сөхтөрөр, сорох сиргэ муус халыҥа 3 миэтэрэҕэ тиийэр. Булуус уратыта - анныттан кэлэр ыраас уу буолар. Хайа анныттан түһэр уу таастар үрдүлэринэн мууска киирэр. Олохтоохтор этэллэринэн, уу элбээтэҕинэ сүүрүгэ түргэтиир, тыаһа өссө улаатар. Уу кыhыннары-сайыннары сүүрүгүрдэн биир кэлим сиргэ тарыҥ мууhу үөскэппит.
Булуус уута – айылҕа бэлэҕэ. Дьүүктэ уута бэстээх сиринэн, водоноснай террасаттан устан, ыраастанан кэлэр. Бу уу доруобуйаҕа туhалааҕа дакаастанан, үөрэтиллэн турар. Тустаах үлэhиттэр сир анныттан кэлэр уу ырааhын, араас минералларынан баайын бэлиэтииллэр. Амтанынан да, дьэҥкиринэн да кыhыҥҥы муус уутугар майгынныыр. Онон турист куйааска куттаммакка утаҕын төhө баҕарар ханнарар.
Булуус – Саха Сирин киин өртүнээҕи айылҕатын биир уратыта, дьикти кѳстүүлээх ирбэт тоҥ. Сайыҥҥы куйаас күн, сир–дойду күөҕүнэн чэлгийэн турар кэмигэр, бу сир хас биир киhи кутун–сүрүн уоскутар, хараҕын абылыыр, интэриэhиргэтэр.
Киһилээх хайа
Киhилээх хайа – айылҕа уустаан–ураннаан, чочуйан оҥорбут сэдэх кѳстүүтэ. Дьааҥы улууhугар баар. Манна туристар аан дойду бары муннуктарыттан кэлэн сынньанан бараллар. Олохтоохтор эмиэ сөбүлээн сылдьаллар. Киhилээх хайатын үрдүгэ 1070 миэтэрэ, уhуна 25 км, очуостар орто үрдүктэрэ 25-30 миэтэрэ.
Хайа боруодатын алдьаныыта араас быhыылаах очуостары үөскэппит. Очуостар тымныы уонна тыал дьайыытыттан араас көрүҥнэммиттэрэ киhиэхэ, кыылга майгынныыллар. Бу кѳстүү киhи илиитинэн оҥорбутун курдук. Бастаан Байанай таас кэлэр. Бу таас булчуттар таастара. Онтон Таптал тааhа - уоллаах кыыс тураллара көстөр. Сахалыы таӊастаахтар, уол тобуктаан турар. Үрдүктэрэ 16 миэтэрэ. Таптал очуоhа сылаас буолар, мантан дьахтар оҕо кутун көрдөhүөн сөп. Саамай үрдүккэ Олоӊхо тааhа кэлэр. Саха киhитэ тобугун тутан олоҥхолуу олорор. Үс кут таастар ийэ, салгын, буор куту кɵрдɵрɵллɵр.
Киhилээххэ сылдьыбыт киhи арчы, эниэргийэ ылар. Күүстээх эниэргийэлээх буоллаххына, үлэҥ-хамнаhыҥ табыллар, кыайыы-хотуу киhини арыаллыыр. Сорох дьон эмтэнэн ыарыылара ааhан хаалар. Ону таhынан киhи бэйэтэ эмиэ уларыйар: холкутуйар, уоскуйар, олоҕу кѳрүүтэ тупсар. Хайа анныттан сүүрүгүрдэр уу киhи доруобуйатыгар туhалааҕа, эмтиир дьайыылааҕа биллэр. Киhилээх хайатын сүдү очуостарын киhи көрөн сөҕөр–махтайар. Бу Ытык Сир күүстээх энэргиэтикэлээҕинэн биллэр. Манна туристар сахалыы сиэри-туому тутуhан арчыланаллар, кэрэ айылҕаттан күүс-уох ылаллар.
Өлүөнэ туруук хайалара
Өлүөнэ ѳрүс уҥа хочотун эниэтигэр аатырбыт Өлүөнэ туруук хайалара дьэндэйэн тураллар. Өлүөнэ тайылҕаннаах туруук хайалара кытылы кыйа 4 көс устата хас да үрэҕи туораан, Лэбидьэ хайаларыгар тиийэ тайыыллар. Бу улуу хайалар үрдүктэрэ 200–300 миэтирэҕэ тиийэр. Манна Буотама хайалара, дьикти кэрэ Сиинэ кыртастара эмиэ киирэллэр. Өрүс кытылыгар турар таас хайаларга былыргы дьон уруhуйдарын кѳрүөххэ сѳп.
540 мөлүйүөн сыллар анараа өттүлэригэр Алдантан Анаабырга диэри дьалкыйа сыппыт муора түгэҕиттэн, былыргы үйэтинээҕи улуу байҕал харамайдарын уҥуоҕун иҥэриммит таастар өрө сүгүллэн тахсан өрүһү кыйа кэккэлээбиттэр. Ол таастары ардах-хаар, тыал быһыта сынньан туруук гына чочуйбут. Ити кэннэ, манна үөскээбит тыынар-тыыннаах саҥа көрүҥнэрэ сир иэнин тилийэ тарҕаммыттар. Ол туруук таастар сир ийэҕэ тыынар-тыыннаах үөскээһинин ырылыччы көрдөрөр буоланнар, бу ытык сири ЮНЕСКО ахсыс киритиэрийинэн, ол эбэтэр, сир үөскээһинин уонна сиргэ олох сайдыытын чинчийэр билимҥэ суолтатын өрө тутан, Аан дойду харыстанар, сүдү баайынан билиммитэ.
Өлүөнэ туруук хайаларыгар сүгүрүйэ туристар 1966 с. ыла тиһигин быспакка кэлэллэр, 1850 с. ыла манна дойду учуонайдара чинчийэр үлэни ыыталлар. 1995 с. Өлүөнэ туруук хайалара Аан дойду уһулуччулаах геологическай пааматынньыктарын испииһэгэр киирбитэ.
1994 сыллаахха Өлүөнэ турууктарыгар айылҕа паарката тэриллибитэ. Билигин манна үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Бу паарка сиригэр-уотугар Дириҥ Үрэхтээҕи былыргы дьон олохсуйбутун кэрэһэлиир археология пааматынньыга киирэр. Ону сэргэ, манна муус үйэ саҕана олоро сылдьыбыт бизоннар Хотугу Америкаттан көһөрүллэн кэлэн мэччийэллэр, ахсааннара сүүскэ тиийэ. Улуу Өлүөнэ эбэни, кини кыталыктаах кырдалларын, кэрэ туруук хайаларын хас биирдии киhи долгуйа, киэн тутта, астына кѳрѳр, сүгүрүйэр. Улуу Өлүөнэ модун үөһүн ийэ киин дойду оҥостон, саха барахсан былыргы дьыллар мындааларыттан күн бүгүҥҥэ диэри туруук хайалары кытта тэҥҥэ олох охсууларын уйан кэллэҕэ.
Үбүлээһин
Соторутааҕыта Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгэр буолбут Ил Түмэн Урбааҥҥа, туризмҥа уонна инфраструктура сайдыытыгар сис кэмитиэтин уонна СӨ Урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытын министиэристибэтин мунньахтарыгар миниистир Тимур Ханды туризм сайдыытыгар туһаайыллыбыт национальнай бырайыак Саха Сиригэр олоххо киириитин ырыппыта.
– Федеральнай бүддьүөттэн 2023-2024 сылларга 269,3 мөлүйүөн солкуобай киирбититтэн, 246 мөлүйүөн солкуобайы национальнай бырайыактарга, 23,3 мөлүйүөнү аггротуризмы сайыннарыыга тыырбыппыт, – диэн бэлиэтээбитэ.
Ол эбэтэр, урбаан миниистирэ билиһиннэрбит чахчыларыгар сигэнэн, “национальнай бырайыакка” диэн үбүлээһин ханна, туохха көрүллүбүтүн сыыппара чахчытынан ырыттахха маннык: 246 мөлүйүөн солкуобайтан 67, 1 мөл. солк. – 2023 сылга инфраструктураны сайыннарыыга 57 урбаан көҕүлээһинэ үбүлэммит. 148, 9 мөл.солк. 2023-2024 сылларга хапытаалынайа суох түргэнник оҥоһуллар модульнай дьиэни тутууга көрүллүбүт. Бу үбүнэн 19 урбаан тэрилтэтэ туһанан, дьону түһэрэр тутуулар быйылгы сыл ахсынньытыгар олоххо киириэхтэрэ. Уоннааҕы 30 мөл. солк. 2024 сылга инфраструктураны сайыннарыыга көрүллүбүт. Холобурга, Артур Рудас салайааччылаах “Общепит Медиа” ХЭУо ”Севернай форум” тэрилтэтэ 8 модульнай турист олорор глэмпинг паарканы оҥорон, 1 банкыат саалатын, баанньык тутан, сылга 4500 туриһы аҕалар былааннаах эбит. “Аарыма Турс” ХЭУо салайааччыта Владимир Сыромятников LENA PILLARS турбаазаҕа 10 иккилии миэстэлээх толору хааччыллылаах глэмпиннэри тутан, сылга 4380 туриһы сынньатар былааннаах.
Сахабыт Сирин баайа – айылҕата. Ханнык да бэйэлээх кэрэ, итии дойду халлаанын анныгар Саха Сирин айылҕатын курдук кэрэ, тыытыллыбатах айылҕа, сγрэҕи–быары сылаанньытар ыраас салгын суох. Биһиги айылҕабыт улуу хайалара, киэҥ алаастара, халыҥ сис тыалара, күн уотугар дьиримнии оонньуур күөллэрэ, үрэхтэрэ, өрүстэрэ ханна да хатыламмат.
Биhиги, Саха Сирин олохтоохторо, сүдү баайбытын - кэрэ бэйэлээх айылҕабытын көр-күлүү, сынньалаҥ сирэ эрэ курдук саныырбыт, ыhа–тоҕо, баҕарбыппытын алдьата сылдьарбыт хомолтолоох. Айылҕабытын харыстыахтаахпыт, араҥаччылыахтаахпыт, сүдү күүhүгэр сүгүрүйүөхтээхпит. Оччоҕо эрэ киһи аймах айылҕаны кытта дьүөрэлээхтик олорон, саҥалыы сайдар уонна олоҕу салгыыр кыахтаах.
Хаартыскалар
куйаар ситимиттэн
- 1
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0