Дьахтар тоҕо кыайан оҕоломмотуй?
"Бастакы төрүөт: араас инфекцияттан маатка турбата бүөлэнэр. Иккиһинэн, эндометриозтан сылтаан, маатка былчыҥар киста тахсар, ыйданар кэмҥэ өһөх өҥнөөх эргэ хаан кэлэр, иһиҥ түгэҕэ ыалдьар. Эндометриоз кистата фолликулярнай аппарааты сүһүрдэр, овуляция, анатомия кэһиллэр, спайка мэһэйдээн, яйцеклетка турбаҕа кыайан тахсыбат. Маннык ыарыы ыйдааҕыҥ тохтуор диэри кыайан эмтэммэт.
Ону таһынан, половой инфекцияттан, варикоцеле ыарыыттан сылтаан, эр дьон сперматын састааба, хаачыстыбата, хамсыыр кыаҕа мөлтөөтө. Араас инфекцияттан простатит үөскүүр, аныгы эр дьон хамсанара аҕыйаан, офиска олорор үлэттэн истэринэн уойан, тестостероннара түһэр.
Эр дьон уойара оҕо үөскэтэр кыахтарын мөлтөтөр, онон успуордунан дьарыктаныахха, ыйааһыны түһэриэххэ наада. Эмп иһэ-иһэ былчыҥнарын үүннэрэр качоктары эппэппин. Лэһэйбит иһэ суох, куруук хамсана сылдьар киһи спермограммата үчүгэй буолар.
Үсүһүнэн, гормуон үлэтэ кэһиллэр, яичник эрдэ кэхтэр, эбэтэр поликистоз мэһэйдиир, ортотунан аһары уойбут дьахтар хат буолара эмиэ уустугурар", - диэн кэпсиир Национальнай мэдиссиинэ киинин оҕото суох дьахтар төрүүрүгэр көмөлөһөр аныгы репродуктивнай технология салаатын сэбиэдиссэйэ Айталина Семенова.
Биирдэ эмтээн кэбиспэккин
"Хламидия, микоплазма о.д.а. бактерия өр кэмҥэ бэйэтин биллэрбэккэ сылдьан, дьахтар ийэ буолар дьолун кэбирэтэр. Мэдиссиинэ төһө даҕаны сайдыбытын иһин, итинник инфекцияны биирдэ эмтээн, дьахтар төрүүр-ууһуур уорганыттан таһааран кэбиспэккин, вирус курдук кэлин дьарҕаҕа кубулуйар.
Дьахтар уонна эр киһи сыһыаннаһыыларыгар бэриллэр инфекция маатка турбатыгар киирэн олохсуйар, ону бүөлүүр. Антибиотигынан эмтииллэр даҕаны, ол дьайыыта кыра. Иммунитет үчүгэйдик үлэлиир кэмигэр сүппүт курдук буолар эрээри, туругуҥ мөлтөөтөҕүнэ, герпес курдук көбөн тахсар.
Былыр өбүгэлэрбит кырыллыбытынан кыыһы 17-18 сааһыгар кэргэн биэрэн, элбэх оҕону төрөтөллөрө. Сорох ислам итэҕэллээх омуктар итини билигин даҕаны тутуһаллар, кыыс сааһырыан, араас ыарыыга ылларыан иннинэ ыал буолан, хас даҕаны оҕолонон, удьуору салгыыр.
Половой инфекция содула
Кэргэнниилэр доруобуйаларын чинчийэн көрдөххө, сороҕор оҕо үөскүүрүгэр мэһэй булбаппыт эрээри, хас эмит сыллар тухары кыайан оҕоломмоттор.
Перинатальнай кииҥҥэ уйулҕа үлэһитэ баар, кини кыайан оҕоломмот дьону кытта эмиэ үлэлиир. Сыл ахсын репродуктивнай технологияҕа наадыйар дьахтар ахсаана кыралаан эбиллэн иһэр.
Биһиэхэ үксүн яичниктан мааткаҕа киирэр турба бүөлэнэн кыайан хат буолбат дьахталлар кэлэллэр. Ол төрүөтэ дьахтар уонна эр киһи чугас сыһыаннаһыыларыгар бэриллэр инфекцияттан сүһүрүү. Эдэр сылдьан кыһын чараастык таҥнан тымныйыы буолбатах.
Төрүүр-ууһуур уорган микроорганизмнартан сүһүрэр. Дьахтар турбата бүөлэниэр диэри элбэх киһини кытта сылдьыспыт диэн буруйдуур сатаммат. Бастакы көрсүбүт киһитэ половой инфекцияны сыһыарыан эмиэ сөп.
Эрдэ эр дьону кытта сылдьыспыт, киһилэрин санаатахтарын аайы уларыппыт, оҕо түһэттэрбит кыргыттар төрүүр-ууһуур уорганнара сүһүрэн, кыайан оҕоломмоттор", - диэн быһаарар Айталина Афанасьевна.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0