Короннай сыбаайба
СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн гражданскай турук аактатын толорор управление Томпотооҕу салаата иһитиннэрэринэн, Иннокентий Саввич уонна Вера Константиновна Свинобоевтар от ыйын 9 күнүгэр ыал буолан олорбуттара лоп курдук 75 сылын, Короннай сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр.
90-ус хаардарын ааспыт ытык кырдьаҕастар Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгэр олороллор. Кинилэр 15 оҕону, 9 уолу, 6 кыыһы төрөтөн, барыларын атахтарыгар туруоран, үөрэхтээх дьон буолалларын туһугар тыа сирин ыарахан үлэтигэр бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ.
Хотоҥҥо ыанньыксыттыыр дьоруой ийэ билиҥҥи дьахталлар курдук 1,5-3 сыл олорбокко, оҕолоноот даҕаны аҕыйах хонугунан үлэтигэр тахсан иһэрин оҕолоро өйдүүллэр, кини "Ийэ килбиэнэ" уордьан бары үс истиэпэнинэн наҕараадаламмыта, тыыл бэтэрээнэ, РФ таһымнаах үлэ бэтэрээнэ. Иннокентий Саввич уонна Вера Константиновна оҕо саастарыттан ыарахан үлэҕэ миккиллэн, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕана аччык, аас-туор олоҕу эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ.
Улахан дьоһун ыал ийэтэ 1931 с. тохсунньу 22 күнүгэр Амма эбэ кытылыгар хатыҥнардаах чараҥ быыһыгар турар Чурапчы улууһун Мырыла нэһилиэгэр, аатырбыт Тэйэр хайа тэллэҕэр күн сирин көрбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалан, аймахтарыгар иитиллибитэ. 15 сааһыттан ынах-сүөһү көрүүтүн үлэтигэр сыстан, 1973 с. диэри сопхуоска ыанньыксыттаабыта, онтон Кириэс Халдьаайыга түүлээҕи тутар ыскылаакка үлэлээн, уопсайа 48 сыл үлэ ыстаастаах.
Иннокентий Саввич, норуот таптыыр аата Тыыннаахап 1927 с. олунньу 20 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Тулаайах хаалбыт оҕо холкуоска эрдэ үлэлии киирэн, өр кэмҥэ сылгыһытынан, үөрү көрөөччүнэн, сүүрүк аттары бэлэмниир тириэньэринэн үлэлээбитэ. Кини СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ. Улахан сылгылары айааһыырга сатабыллаах туттунуулаах Лэгэнтэйи ыҥыттараллара.
Улахан уоллара Иннокентий Иннокентьевич кэпсииринэн, сут дьыл Лэгэнтэйи Чурапчы улууһугар ыыппыттара, сылгыларын Амма кытылыгар Мырылаҕа күөх оту сиэтэ киллэрбитэ. Онно кини хотоҥҥо үлэлии сылдьар эдэркээн Вераны тута сөбүлүү көрөн, кыыһы кытта кэпсэтэн, дойдутугар илдьэ барбыта. Кинилэр Маттаҕа ыалга дьукаах быһыытынан олорбуттара, онтон 1949 с. от ыйын 9 күнүгэр кыыс сокуоннай сааһын туолбутугар Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыа сирин сэбиэтигэр саахсаламмыттара. Уонча сылынан алта оҕолорун сиэппитинэн Чурапчы улууһугар көһөн кэлбиттэрэ, ыал аҕата манна сүүрүк аттары эрчийэр тириэньэринэн үлэлээбитэ.
Сүүрүк аттары эрчийэр тириэньэр
Свинобоевтар Томпо улууһугар олохсуйбут кэмнэригэр манна оҕолоро, сиэннэрэ күн сирин көрбүттэрэ. Ыал аҕата нэһилиэктэртэн бастыҥ сүүрүк аттары мунньубута, Дьокуускайтан, Уус Маайаттан улахан үөр аатырбыт атыырдарын аҕалтаабыта. Оннооҕор Кавказка тиийэ сылдьан Пятигорскай куораттан боруода сылгыны уонна икки биэни аҕалан олохсуппута. Кини сыралаах үлэтин түмүгэр Томпо улууһа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ рекорд олохтоон, өрүү бириистээх миэстэҕэ тиксэн, албан аата ньиргийэ сылдьыбыта.
Ол эрэн экэниэмикэ өттүнэн боруода сылгылары иитэр ночооттоох буолан тахсан, бэйэтин оҕолорун курдук ииппит, күүһүн-уоҕун, болҕомтотун, истиҥ сыһыанын биэрбит үөрүн сүрэҕиттэн арааран, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар атыылаабыта. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата биир күн үлэтэ суох хаалбыта. Биир дойдулаахтара сүүрүк аттары сиэтэн илдьэ бараары туран, Иннокентий Саввич кэргэнин, кырбас курдук элбэх оҕолорун туппутунан көһөн барсарыгар ыҥырбыттара. Аҕалара тугу этэрин уу чуумпуга кэтэһэн турбуттара даҕаны: «Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэллэр, анараа баран эмиэ саҥаттан дьиэ туттуохха наада, онон биһиги хаалабыт», — диэн быһаарбыта.
Элбэх оҕолоох ыал аҕата өр үлэтэ суох олорботоҕо, хара тыаны кэрийэ сылдьан, бултаан, күндү түүлээх кииһи, кырынааһы туттарара. Үс улахан уолаттар аҕаларын туйаҕын хатаран, каадырабай байанайдаах булчут буолбуттара.
Вера Константиновна уонна Иннокентий Саввич сэрии кэннинээҕи ас-таҥас кырыымчык кэмигэр бэйэлэрин үтүө холобурдарынан үлэҕэ кыайыгас, сүрэхтээх, туохтан да толлон турбат, дьоҥҥо эйэҕэс-сайаҕас сыһыаннаах оҕолору улаатыннаран таһаарбыттара. Бу улахан уонна иллээх дьиэ кэргэн алаһа дьиэ туттан, туспа буруо таһааран, ыал буолан, олохторун усталаах-туоратын тухары бэйэ-бэйэни саҥата суох харахтарынан көрөн, сүрэхтэринэн сэрэйэн, өйдөһөн-өйөһөн олоруу, эдэр саас ыраас тапталын истиҥ сыһыаныгар бэриниилээх буолуу үтүө холобура буолар. Ыал буолар киһи элбэх эрээри, 75 сыл тухары тоҥолохторуттан тутуһа сылдьар иллээх дьиэ кэргэн бэрт сэдэхтик көстөр.
Биир оҕону ииттэххэ, кини дьонуттан болҕомто эрэйэр, куруук соҕотоҕун оонньууруттан тэһийбэт, доҕорго наадыйар, оттон элбэх оҕо бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, хардарыта көмөлөсүһэн улааталлар, дьиэ үлэтин үллэстэн, бүтэрэн-оһорон иһэллэр, тугу эрэ кыайбатахтарына бары саба түһэн, уопсай сүбэнэн быһаараллар. Биллэн турар, 15 оҕону аһатар-таҥыннарар, киһи-хара оҥорор улахан үлэни, эппиэтинэстээх буолууну, тулууру-дьулууру эрэйэр. Вера Константиновна элбэх оҕону төрөппүтүттэн, ийэ аналын чиэстээхтик, дьоруойдуу толорбутуттан биирдэ даҕаны кэмсиммэтэҕэ.
Иннэлээх сап курдук
Оҕолор бары үөрэхтэнэн, араас идэни баһылаабыттара, ким баспытаатал, зоотиэхиньик, бэтэринээр, суоппар, суолу оҥорооччу, сыбаарсык, юрист, учуутал, буҕаалтыр уо.д.а. бары идэҕэ барытыгар сатабыллаахтар. Кинилэр билигин ытык кырдьаҕас төрөппүттэрин солбуйса сылдьан көрөллөр, Свинобоевтар бэйэ-бэйэлэригэр өрүү көмөлөсүһэр, бары саба түһэн, дьиэ-уот тутан биэрэр үтүө үгэстээхтэр, ону сиэннэр, хос-хос сиэннэр салгыыллар.
Кыргыттара эмээхсиннээх-оҕонньору тус-туспа ылан көрөөрү гыннахтарына буолумматтар, иннэлээх сап курдук бэйэ-бэйэлэрин батыһа сылдьаллар, биирэ таһырдьа таҕыстаҕына ахтыһаллар. 2019 с. от ыйын 9 күнүгэр Томпо улууһун ЗАГС салаата Иннокентий Саввич уонна Вера Константиновна ыал буолан олорбуттара 70 сылыгар «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни туттарбыта.
Быйыл Үрдүкү Айыылар алгыстарынан ыал буолан олорбуттара 75 сылын көрсүөхтэрэ. Эдэр саастарын күөгэйэр кэмигэр икки тулаайах дьон көрсөн, Свинобоевтар салааларыттан 44 сиэн, 70 хос сиэн уонна 7 хос-хос сиэн ийэ-аҕа ууһун салгыы тэнитиэхтэрэ.
«Икки үөрэҕэ суох тулаайах дьон көрсөн, оҕолорун туһугар кыыһырсыбакка иллээхтик-эйэлээхтик олорон кэллилэр, кинилэр ханна баҕарар иккиэн бииргэ сылдьар үгэстээхтэр. Аҕабыт 75 сааһыгар Мэҥэ Алдаҥҥа улахан ат сүүрүүтүн тэрийэн ыыппыппыт. 80 сааһыгар кэргэнин дойдутун дьоно, чурапчылар ыҥыран ылан чиэстээбиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ат сүүрдүүтүн тэрийбиттэрэ. 95 сааһыгар дойдутугар, Маттаҕа, кини аатын чиэстээн, аттаах киһи пааматынньыгын туруорбуттара, ытык кырдьаҕаспытын бөртөлүөтүнэн аҕалан, ыһыах ыһан, түһүлгэҕэ махтал тылын эппиттэрэ, ат сүүрдүүтүн көрдөрбүппүт. Ол иннинэ үбүлүөйдэрин бэлиэтээччилэрэ суох.
Дьокуускайга Үс Хатыҥҥа тутуллубут өрөспүүбүлүкэтээҕи ипподромҥа аҕабыт, ат сүүрдүүтүн талааннаах тириэньэрэ Свинобоев Иннокентий Саввич аатын иҥэрбиттэрэ үрдүк ытыктабыл бэлиэтинэн уонна кини ат успуордун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын сыаналааһын, билинии буолар. Быйыл аҕабыт сиэнэ Свинобоев Александр Иннокентьевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ат успуордун федерациятын бэрэсидьиэнинэн талыллан, удьуорбут утума салҕанар диэн эрэл санаабыт күүһүрдэ.
Итинник тулаайах дьонтон элбэх киһи үөскээн, онон үйэлэрэ уһаата дии саныыбын», — диэн кэпсээнин түмүктүүр Иннокентий Иннокентьевич.
Хаартыска: Свинобоевтар дьиэтээҕи архыыптарыттан.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0