Хаан баттааһына туохтан үрдүүрүй?
Дабылыанньа итииттэн эрэ буолбакка сүнньүнэн истириэстэн, кыайан быһаарыллыбатах кыһалҕаттан, ону эргитэ санаан долгуйууттан, көхсүҥ, моонньуҥ былчыҥнара күүрүүлэриттэн, хондуруостан тахсар. Ону таһынан, өр сыллар тухары хамсаммакка көмпүүтэр иннигэр бүк түһэн олорууттан хааныҥ эргиирэ бытааран, сүрэҕиҥ ону күүскэ хачайдаан, мэйиигэр кислороду тиэрдэ сатаан, хааныҥ баттааһынын таһаарар.
СӨ уопсастыбаннай доруобуйатын уонна мэдиссиинискэй профилактикатын киинин кардиолог бырааһа Гелена Дмитриевна Руссу гипертония тоҕо үөскүүрүн, онтон хайдах харыстаныахха сөбүн туһунан кэпсээтэ.
Кини этэринэн, итии уонна сииктээх салгын хааннарын баттааһына үрдүк дьоҥҥо ордук сэрэхтээх. Салгын 21°C итийдэҕинэ, сиик 70% куоһардаҕына кинилэргэ эбии ноҕоруусканы биэрэр.
Айылҕа киһини муударайдык оҥорон, итиигэ көлөһүммүт нөҥүө эппит-сииммит бэйэтин бэйэтэ сойутунар эбит. Күҥҥэ таҕыстахха, эбэтэр итии дьиэҕэ ас астыы туран дэлби буһан-хатан, элбэхтик көлөһүнүҥ тоҕуннаҕына, эппитигэр баар уубут аҕыйаан, хаан хойдон барар. Хойуу хааны хачайдыырга сүрэх ноҕоруускаланан, дабылыанньаҥ тахсар.
Өскөтүн иһэр уубутуттан элбэх ууну сүтэрдэхпитинэ, баланса кэһиллэн, эппит-сииммит сөпкө үлэлииригэр харгыстар үөскүүллэр.
Оһох, өтүүк итиини таһаараллар, онон сайын элбэх аһы астыыры, дьиэҕэ түбүгүрэри, күҥҥэ даачаҕа үлэлиири аччатар ордук.
Куйааска итии чэй
Эппит температурата тулалыыр эйгэ температуратыттан үрдүк түгэнигэр киһи эниэргийэни таһаарар. Тымырдарбыт кэҥииллэр, сүрэх хааны түргэнник эргитэн, дабылыанньаҥ тахсар.
Сүрэҕиҥ күүскэ тэптэҕинэ, кислорокка наадыйыы улаатар, ону кэмигэр ылбатаҕына, уорганыҥ былчыҥа «аччыктаан» барар, аһары күүскэ үлэлиир сүрэх түргэнник элэйэр.
Кардиолог этэринэн, хааннарын баттааһына үрдүк дьон сайын итиигэ күн аайы дабылыанньаларын кэмнээн көрүөхтээхтэр уонна сурунан иһиэхтээхтэр. Оччотугар быраас иһэр эмиҥ кээмэйин, туһалыырын-суоҕун быһаарыаҕа.
Куйааска элбэх ыраас ууну иһиэхтээхпитин бары билэбит эрээри, итии күөх чэйи иһэр туһалааҕын бэрт аҕыйах киһи билэр. Оргуйбутунан чэй көлөһүҥҥүн таһааран, этиҥ-сииниҥ сойоругар көмөлөһөр. Ол иһин соҕуруу дойду олохтоохторо, холобур, туроктар араас оту көйөөрөн, куруук итии чэйи иһэ сылдьаллар.
Тэриэлкэҥ аҥаара — оҕуруот аһа
Сайын элбэх оҕуруот аһын уонна фруктаны сиэхтээхпит, быраастар аһыырга «доруобай тэриэлкэ» ньыматын тутуһарга сүбэлииллэр. Тэриэлкэ аҥаара оҕуруот аһа, фрукта, чиэппэрэ эт/балык, чиэппэрэ хортуоппуй, ириис, мохоруон буолуохтаах.
Оттон биһиги, сахалар, төттөрүтүн өрөһөлүү хортуоппуй, мохоруон сиибит, эти кэмчилээн аҕыйах кырбаһы буһарабыт, арыылаах килиэп мотуйабыт уонна уойдубут диэн этэбит. «Саха оту сиэбэт» диэн салаат оҥостубат дьон эмиэ бааллар. Итинник сыыһа аһааһынтан, элбэх углеводтаах астан ортолорунан уойаллар, хат дьахтар курдук истэрэ төгүрүйэн тахсар. Оҕуруот аһыгар калий-магний баар, ол тиийбэт буолуута хааныҥ баттааһына үрдүүрүгэр тиэрдэр.
Остуолтан тотуоҥ иннинэ тура үөрэниэхтээххин, аныгы үйэҕэ элбэҕи аһыыр кимиэхэ да туһалыы илик. Арыыга буспут, сыалаах аһы аҕыйатар ордук, туустаах оҕурсу, ыыһаммыт балык элбэх туустаах буолан, хааныҥ баттааһынын үрдэтэр. Кыраадыстаах утах, бэл кыһыл/үрүҥ арыгы дабылыанньаҕын эмиэ таһаарар.
Күҥҥэ 9–12 гыраамтан ордук туустаах аһы сиэтэххинэ дабылыанньаҥ тахсар, туус халбаһыга, сыырга, кетчупка, туустаах балыкка, кэнсиэрбэҕэ элбэх. Тууһу аччаттаххына, хааныҥ баттааһына чөлүгэр түһэр.
Дабылыанньалаах дьон сайын итиигэ күнүс күҥҥэ тахсан таһырдьа өр сылдьартан туттунуохтаахтар. Эккит-сииҥҥит итиини кыайан тулуйбат сүрүн сибикитэ: этиҥ тымныы сыстаҥнас буолар, олорон баран турдаххына, мэйииҥ эргийэр, хааман иһэн дьоҥҥо, ааҥҥа кэтиллиэххин сөп. Ону таһынан, сүрэҕиҥ күүскэ тэбэр, көлөһүнүҥ сирэйгэр саба түһэр, төбөҥ ыалдьар, сүрэҕиҥ өлөхсүйэр, илииҥ-атаҕыҥ дарбайар. Өскөтүн итинтэн 2-3 бэлиэ баар түгэнигэр бырааска көрдөрүнүөххэ наада.
Гипертония — эдэр дьоҥҥо
«Хаан баттааһына эр дьон 55-ин, дьахталлар 65-ин аастахтарына хас үһүс киһи аайы үрдүүр эрээри, билигин 35 ааспыт эдэр дьон эмиэ моһуогурар буоллулар. Дабылыанньа биир күн иһигэр эмискэ үрдээбэт. Хас эмит сыл тухары өр кэмҥэ киһи истириэстэн кыайан тахсыбатаҕына, элбэҕи аһыыр эрээри, хонтуораҕа хамсаммакка олордоҕуна, аһары уойдаҕына ити барыта мунньуллан, кыра-кыралаан хааныҥ баттааһына үрдээн барар.
Артериальнай гипертония 35-50% удьуоргунан бэриллэр. Оттон аһары элбэҕи аһыыр, түргэнник уойар дьон ис уйулҕаларыгар туох эрэ быһаарыллыбатах кыһалҕалаахтар, ол төрүөтүн булан халбарыттахха, киһи доруобуйата чөлүгэр түһүөн сөп. Онон уйулҕа үлэһитин кытта сүбэлэһиэххэ наада», — диэн этэр Гелена Дмитриевна.
18-64 диэри саастаах дьон нэдиэлэҕэ 150 мүнүүтэттэн итэҕэһэ суох успуордунан дьарыктаныахтаахтар. Дьарыга суох киһи тута түргэнник сүүрдэҕинэ, улаханнык хамсаннаҕына ноҕоруускаланан хаанын баттааһына өрө көтөн тахсыан сөп. Онон үөрүйэҕэ суох киһи эмискэ хамсанара сэрэхтээх. Эти-сиини дьарыктыырга нэдиэлэҕэ 5 күн 10 000 хардыыны оҥоруохха наада.
Быраастар кэтээн көрүүлэринэн, истириэскэ ылларбат, кыра аайы кыһаммат киэҥ-холку көҕүстээх киһи хаанын баттааһына үрдээбэт. Билигин куйаар ситимин нөҥүө дьону куттуур, өйүн-санаатын баттыыр араас мөкү сонуннары ыыталлар, ону ааҕа-ааҕа долгуйар дьон доруобуйаларын кэбирэтэллэр.
Онон уоппускаҥ кэмигэр аныгы тиэхиньикэни барытын арааран, өйгүн-санааҕын сынньатар ордук. Оннооҕор суотабай төлөпүөн кыамтата туолан хааллаҕына хара сылдьар, оттон киһи мэйиитэ күн аайы кутуллар сүүһүнэн араас сурахтан, буолар-буолбат сонунтан сылайар.
Хааныҥ баттааһына 120/80 буоларын туһугар үлэни уонна сынньалаҥы тэҥник дьүөрэлии тутуохтааххын. Киэһэ сөпкө утуйан, уугун ханан туруохтааххын. Сынньалаҥ диэн дьыбааҥҥа сытан эрэ тэлэбииһэри көрүү, социальнай ситими хасыһыы буолбатах, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, эккин-сииҥҥин хамсатыахтааххын.
Сөмөлүөтүнэн көтүөххэ сөп дуо?
Сорох дьон сайын уоппускаларын кэмигэр соҕуруу сынньана бараллар. Сөмөлүөтүнэн үс чаастан ордук көттөххүнэ, кислород аҕыйаан, 2 км. үрдүктээх хайаҕа тахсыбыт тэҥэ сүрэх-тымыр үлэтигэр ноҕорууска үөскүүр эбит. Сүрэҕиҥ хааҥҥын хачайдаан, аҕыйаабыт кислороду мэйиигэр тиэрдэ сатаан, хааныҥ баттааһынын көтөҕөр. Доруобай дьон ону билбэттэр, оттон гипертониялаах дьон дабылыанньалара өссө үрдүүр. Сөмөлүөккэ хамсаммакка өр олордоххо атаҕыҥ дарбайар, хааныҥ хойуннаҕына, бөлөнөх үөскүөн сөп.
Гипертония 1 стадиятыгар сөмөлүөтүнэн көтөр көҥүллэнэр, оттон хааннарын баттааһына үрдүк дьону ким даҕаны бобор-хаайар кыаҕа суох, ол иһин киһи бэйэтэ быһаарынар. Көтүөҥ икки нэдиэлэ иннинэ кардиолог бырааска көрдөрүнэн, ньиэрбинэйдээбэккэ налыччы сылдьар ордук.
Быраастар сүбэлииллэринэн, 150 мм. рт. ст. хааннарын баттааһына үрдүк дьон сөмөлүөтүнэн көтөртөн туттуналлара ордук. Тымырдара варикозтаах, дабылыанньалаах дьон сөмөлүөтүнэн көтөллөрүгэр компрессионнай колготка, эбэтэр чукку кэтиэхтээхтэр. Оннук таҥас хааныҥ эргийэригэр көмөлөһөр, бөлөнөх үөскээбэт, сүрэххэ ноҕорууска аччыыр. Таҥаһыҥ киэҥ-холку, натуральнай буолуохтаах, көтүөҥ иннинэ үчүгэйдик утуйа сатааҥ уонна быраас анаабыт эмин көтүтүмэҥ.
Ол эрэн аҥаардастыы эмкэ эрэнэр тутах. Туустаах, сыалаах, ыһаарыламмыт аһынан үлүһүйэр, кыраадыстаах утаҕы, кофе иһэр, туохтан эрэ санаарҕаан кыайан утуйбат киһи төһө да эмп испитин үрдүнэн, хаанын баттааһына кыайан түспэт буолуон сөп. Онон дабылыанньалаах киһи аһылыгын көрүнэ, бэйэтин харыстана сылдьыахтаах.
Хаартыска: Гелена Руссу архыыбыттан уонна куйаар ситимиттэн.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0