Биллэн турар, элбэх киhи тоҕуоруhар, мустар сирэ үчүгэй кѳрүүгэ-истиигэ, ѳрѳмүѳҥҥэ, саҥардыыга наадыйар. Дьокуускай куорат уокуругун дьаhалтатын пресс-сулууспата иhитиннэрэринэн, «Дьокуускай куорат култуура уонна сынньалаҥ Киин пааркатын кэҥэтии чэрчитинэн спортивнай-чэбдигирдэр комплекс» бырайыак бэлэмнэммит, итиэннэ инникитин олоххо киириэхтээх.
Ол курдук, пааркаҕа уопсастыбаннай сирдэр саҥардыллыахтара уонна саҥа эбийиэктэр баар буолуохтара. Саҥа спортивнай былассааккалар, фуд-кортар, кафелар, оҕо былассааккалара, ыччат скейт-паарката тутуллуохтара.
Ону таhынан, национальнай павильоннар зоналарыгар «Этно-дэриэбинэ» Саха Сирин, Дьокуускай куорат устуоруйатын үѳрэтэр, кэпсиир паарка тэриллиэҕэ.
Ыччат патриотическай пааркатын, Комсомольскай болуоссакка араас событиелары бэлиэтээhиҥҥэ уонна маассабай күүлэйдээhиннэргэ анаммыт аhаҕас сири оҥоруохтара.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0