Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Ааспыт субуотаҕа Ньурба куоратыгар улахан суолталаах күн буолла. «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан135 ыал саҥа кыбартыыраларын күлүүһүн туттулар. Ол туhунан улуус пресс-сулууспата иhитиннэрэр.

Онон Комсомольскай уул. 99, 101, 125 дьиэлэрин олохтоохторо саҥа сылы саҥа дьиэлэригэр көрсөр кыахтаннылар.

Бэдэрээтчиттэр — «Региональнай сайдыы» ХЭУо (ген. дир. Альберт Васильев) уонна «Нидстрой» ХЭУо (ген. дир. Герман Терянов) үтүө суобастаахтык үлэлээн, үчүгэй хаачыстыбалаах олорор дьиэлэри тутан таhаардылар.

Быйыл бу бырагырааманан 5.500 кв. м. иэннээх дьиэ үлэҕэ киирдэ. Эһиил 10.000 тахса кв.м. киириэҕэ. Аны кэлэр сыл олунньу ыйыгар Кузаков уул. ѳссѳ биир саҥа дьиэ аанын аhыаҕа.

Снаттахха, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан Саха Сиригэр 2030 сылга биир даҕаны хаарбах туруктаах дьиэ хаалыа суохтаах.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением