Аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах дьиэни Александр Ханин салайааччылаах “Монтажник” тэрилтэ тутта.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Руслан Захаров, Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Павлов, «Монтажник” тэрилтэ прораба Семен Эляков, Таатта улууһун прокурорун эбээһинэһин толорооччу, 1-кы кылаастаах юрист Дмитрий Васильев саҥа дьиэҕэ киирбит ыаллары эҕэрдэлээтилэр, дьиэ күлүүстэрин туттардылар, кыһыл лиэнтэни быстылар.
Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов: «“Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагыраамманан 2010 сылтан үлэлэһэбит. Барыта 700-тэн тахса ыал көһөрүллүөхтээх, бүгүҥҥү күҥҥэ 400-с ыал саҥа дьиэҕэ киирэр кыахтаммыттара”, — диэтэ.
Дьиэни туппут “Монтажник” тэрилтэ прораба Семен Эляков саҥа дьиэ символическай күлүүһүн нэһилиэк баһылыгар Егор Павловка туттарда.
Сырдык, ыраас, саҥа кыбартыыра күлүүстэрин илиилэригэр тутан хаһаайыттар үөрүүлэрэ үгүс. Маннык бырагырааманан хаарбах туруктаах дьиэлэргэ олорор дьон саҥа, хаачыстыбалаах, усулуобуйалаах дьиэлэргэ көһөллөрө, эргэ дьиэлэр көтүрүллэн, саҥа былааннаммыт дьиэлэр дьэндэйэн олоххо киирэллэрэ нэһилиэк сайдыытыгар суолталаах.
Дьиэ хаһаайыттара саҥа сылы — саҥа дьиэҕэ көрсө сүпсүлгэҥҥэ сылдьаллар, үөрүүлэрэ икки бүк үрдээбититтэн долгуйаллар.
Елена Слепцова, Таатта.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0